Быйыл Чурапчы улууһугар Экология, Ыччат сылын сэргэ История сыла биллэриллибитэ. Кулун тутар 24 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи 18-с «Башарин ааҕыыларын» (историческай наука доктора, профессор Георгий Башарин төрөөбүтэ 105 сылынан) чэрчитинэн научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Георгий Башарин аатын сүгэр Сылаҥ орто оскуолатыгар маннык кэмпириэнсийэни Зоя Константиновна уонна Карл Георгиевич Башариннар 1993 сылтан ыла тэрийэллэр. Тэрээһиҥҥэ сыл аайы М.К.Аммосов аатынан ХИФУ-тан, СӨ Наукаларын академиятыттан сүрүннүүр исписэлиистэр тахсан кытталлар.
Зоя Константиновна тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, быйылгы Ааҕыылар биир кэрэхсэнэр түгэннэринэн, Медицина аччыгый академията тэриллибитэ 15 сыла буолла. Санатан эттэххэ, Карл Башарин 2002 с. ити академияны бу оскуолаҕа арыйбыта. Онон, Г.ПБашарин төрөөбүтэ 105 сыла уонна академия 15 сыла иккиэн дьүөрэлэһэн, тэрээһин өссө үрдүк таһымнанна. Арыгылаах бородууксуйаны биирдиилээн атыылааһыны хонтуруоллуур управление салайааччыта, «Чөл олохтоох Саха сирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Матвей Лыткин, Медицина аччыгый академиятын салайааччы, биологическай наука кандидата, доцент Ирина Мологулова, п.н.к. Георгий Родионов уонна Башариннар тахсан кытыннылар. Ирина Шамильевна Медицина институтун аатыттан учууталларга Бочуотунай грамоталары, сыаналаах бириистэри туттарда, үөрэнээччилэргэ туһалаах сүбэлэри-амалары биэрдэ. Үөрэх улуустааҕы салаатын управлениетын начаалынньыга Тамара Павлова, социальнай отдел начальнига Татьяна Бушкова, Уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, «Саҥа олох» хаһыат эрэдээктэрэ Афанасий Захаров, арыгыта суох чөл олох улуустааҕы уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Антонина Капрынова, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Матрена Матвеева, «Чэбдик» кулууп чилиэннэрэ уо. д.а. көхтөөхтүк кытыннылар.
Элбэх сэргэх тэрээһиннэртэн биири бэлиэтээтэххэ, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Лия Сивцева бэлэмнээбит уолаттарын ансаамбыла Рафаэль Баҕатаайыскай «Өксөкүлээх харыйата» поэматыттан быһа тардан ааҕыыларын дьон-сэргэ сэҥээрэ көрүстэ.
Дэгиттэр сайдаллар
Медицина аччыгый академиятын үөрэнээччилэрин «академиктар» диэн ытыктаан ааттыыллара мээнэҕэ буолбатах. Тоҕо диэтэххэ, үөрэнээччилэр үксүлэрэ – үрүҥ халааттаах аанньал, доруобуйа харыстабылын үлэһитэ буолар сыаллаах-соруктаах дьоһуннаахтык бэлэмнэнэ сылдьар ыччаттар. Оскуолаҕа Георгий Башарин аатынан 27 лауреаттаахтара да туоһулуур. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, оҕолор ситиһиилэрэ сылтан-сыл аайы элбээн иһэр. Академия үлэтин түмүктэрин сырдатар хаартыскалардаах буклеттартан да көрдөххө, академияны бүтэрбиттэртэн бэйэлэрин дойдуларыгар кэлэн үлэлии сылдьааччылар элбэхтэр. Ким эрэ быраас, ким эрэ предприниматель буолбут, ким эрэ Арассыыйа киин куораттарыгар, омук дойдуларыгар үөрэнэр.
— Уопсайынан, академияҕа ханнык баҕарар үөрэххэ киирэр, олоххо бэлэмнээх оҕолору үөрэтэбит. 15 сыл тухары 150 оҕо бүтэрбититтэн 74 ыччат эмчит үрдүк үөрэҕин бүтэрдэ. Сорохтор ХИФУ биологическай-географическай, үп-экономика факультеттарыгар үөрэнэн, идэ ыллылар. Академия үөрэнээччилэрэ киэҥ эйгэлээхтэр. Науканан дьарыктаналлар, ону таһынан, «уопсастыбаннай деятель», «дойду патриота», «олоххо көхтөөх киһи» диэн өйдөбүллэри сыаналыы, өрө тута улааталлар. «Алиса» эстраднай ырыа ансаамбылыгар, физкультура, цирк секцияларыгар утумнаахтык дьарыктаналлар.
Георгий Прокопьевич улахан болҕомтотун мусуойга уонна норуот духуобунай култуурата сайдарыгар уурара. Оскуолатыгар куруук тахса турара. Баай экспонаттаах, историялаах мусуойу педагог-учуонай, кыраайы үөрэтээччи Егор Макаров арыйбыта. Кини дьоһуннаах үлэтин билигин бэтэрээн учуутал Клара Макарова салҕыыр. Үөрэнээччилэри олоҥхоҕо Лия Сивцева уһуйар. Кини кыыһа Маша Сивцева оскуола туйгун үөрэнээччитэ, Чурапчыга (2015 с.), Дьааҥыга (2016 с.) Олоҥхо ыһыахтарын кыайыылааҕа, Москваҕа, Болгарияҕа, Америкаҕа фольклор аан дойдутааҕы фестивалларын Гран-притин хаһаайката.
«Академия тоҕо маннык ситиһиилээхтик үлэлиирий уонна сыл аайы хаачыстыбата үрдээн иһэрий?» – диэн ыйытар буоллахха, научнай салайааччы Карл Башарин салайыытынан, ХИФУ кинилэри кытары былааннаахтык уонна тиһиктээхтик үлэлиир. Ол курдук, Карл Георгиевич Саха сирин сүрүн учуонайдарын көмөлөһүннэрэр. Кинилэр оҕолору каникулга уонна сайыҥҥы лааҕырга эбии дьарыктыыллар. Ол аата, научнай салайааччы уонна үрдүк таһымнаах учууталлар М.Н.Макарова, К.А.Аянитова, С.Г.Лугинова үлэлииллэрэ улахан оруолу ылар, – диэн Зоя Башарина киэн тутта кэпсиир.
Оруола улахан
Медицина аччыгый академиятын туһата, көдьүүһэ итинэн эрэ бүппэт.
Бастатан туран, Сылаҥ нэһилиэгэр интэринээт аһыллан, академияҕа Чурапчы нэһилиэктэриттэн уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан баҕалаах оҕолор кэлэн үөрэнэр кыахтаннылар. Билигин тыа сирин үгүс оскуолаларыгар үөрэнээччилэр ахсааннара аҕыйыы турар кэмигэр. Сылаҥҥа интэринээт аһыллан, оҕолор ахсааннара элбии турар.
Иккиһинэн, ХИФУ-га оскуоланы бүтэрээччилэри идэни талыыга хайысхалыыр (профориентационнай) үлэ күүскэ ирдэниллэр. Ол эбэтэр, үөрэххэ туттарсааччылары кытары эрдэттэн тиһиктээхтик үлэлээн, устудьуон буоларга чахчы бэлэмнээхтэри талыы элбэҕи быһаарар. Оттон Медицина аччыгый академиятыттан үөрэххэ киирэргэ чопчу бэлэмнээх ыччаттар тахсаллар.
«Академиктар» төрөппүттэрэ: «Оҕолорбут академияҕа 9-с кылаастан саҕалаан, үчүгэй усулуобуйаҕа, бастыҥ учууталларга үөрэммит буоланнар, үрдүк үөрэххэ чэпчэкитик киирбиттэрэ. Ханнык идэни талабыт, ханнык үөрэххэ киирэбит диэн мунаахсыйбат да этилэр. Эрдэттэн чопчу быһаарынан, сыал-сорук туруорунан үөрэммиттэрэ. Бэл, кинилэри үөрэппит преподавателлар билэр оҕолорун үөрэ-көтө көрсөллөрүн биир саастыылахтара соһуйар, ымсыырар да түгэннэрэ баар буолааччы», – диэн махтана этэллэр.
Бириэмийэ көҕүлүүр күүстээх
Сылаҥ оскуолатын бүтэрбит, үлэһит буолбут дьон билигин үөрэнээччилэргэ кэккэ бириэмийэлэри аныыллара үтүө үгэскэ кубулуйда.
Холобур, хирург Егор Макаров аатынан «Будущий медик», тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата Александра Аржакова – «Бастыҥ биолог», ону таһынан, Светлана Максимова кэргэнин Егор Максимов аатынан бириэмийэни олохтообуттара. Бу барыта оҕолору үөрэххэ, үлэҕэ көҕүлүүр.
«Оҕолорбутугар холобур көрдөрөбүт»
«Кэргэммин Карл Георгиевиһы өрөспүүбүлүкэҕэ арыгыта, наркотига суох олоҕу тарҕатааччы, сырдатааччы быһыытынан эрэ буолбакка, тыа сирин оскуолатын оҕолорун идэҕэ бэлэмнииргэ улахан оруоллаах киһинэн сыаналыыбын. (Карл Башарин соторутааҕыта «Чөл олох Бүтүн аан дойдутааҕы хамсааһынын уһулуччулаах деятелэ» бочуоттаах ааты ылла – ааптар).
Уопсайынан, киһи идэтинэн эрэ буолбакка, олоххо актыыбынай позициялаах буолуохтаах диэн бигэ санаалаахпын. Ол иһин, Карл Георгиевич ыытар үлэтин барытын өйүүбүн. Биир интэриэстээх, биир сыаллаах-соруктаах буоллаххына, дьиэ кэргэниҥ туруга эмиэ күүһүрэр, оҕолоргор үтүө холобур буолаҕын, үлэҥ да түмүгэ көстөр. Чөл олох тэрээһиннэригэр кыайан тиийбэккэ хааллахпына, кэргэммиттэн миигин ыйыта тоһуйаллар үһү.
Манна сыһыаран эттэххэ, бэйэм хоту сиргэ үөскээн, Күһүүр орто оскуолатыгар үөрэммитим. Оскуоланы бэйэбит да аҕыйах буолан бүтэрбиппититтэн билигин уолаттарбыт үксэ бу орто дойдуга суохтар. Хомойуох иһин, арыгыттан, куһаҕан дьаллыктартан, араас оһолтон суох буолбуттара. Онон, бу соторутааҕыта чөл олоххо ыытыллыбыт улахан форумҥа СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Арктика улуустарыгар арыгыны утары үлэни күүһүрдэргэ, наркология кииннэрин арыйарга ылсыбытын туһунан иһитиннэриитин биһирээтим, өрө көтөҕүлүннүм. Тылбыт, култуурабыт сайдарыгар улахан болҕомто ууруллар. Ол эрэн, итиннэ барытыгар чиргэл доруобуйа уонна чөл олох эрэ тирэх буолаллар», — диир Зоя Константиновна.
ЫСПЫРААПКА.
Медицина аччыгый академията:
2007 с. – РФ Президенин Гранын ылбыттар;
2012 – «СӨ бастыҥ агро-оскуолата» статустаммыттар,
2014 с. – икки мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ киирбиттэр.
2015 с. – «Арассыыйа 100 бастыҥ оскуолата» састаабыгар киирбиттэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru