Күүтүүлээх-кэтэһиилээх Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2022” куонкурус Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Кыайыылааҕынан Иван Дьяконов ааттанна.
СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай: “Куонкуруска лауреаттар, кыттааччылар бааллар. “Сыл учуутала” куонкуруска хаһан даҕаны кыайтарбыт киһи диэн суох. Оннук санаа да киириэ суохтаах. Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кэлбиттэр бары кыайыылаахтар.
…Үөрэх кинигэтэ, тэрил барыларыгар биир да буоллаҕына, оҕолорго тэҥ кыаҕы үөскэппиттэрин да иһин, манна учуутал сүрүн оруолу ылыахтаах, инники туруохтаах”, — диэн эҕэрдэтигэр бэлиэтээн эттэ.
Иһийэр уу-чуумпу ортотугар СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай кэмбиэри арыйан “Сыл учуутала-2022” куонкурус кыайыылааҕа аатын ааттаатын кытта, саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түстэ. Ол курдук, муҥутуур кыайыылааҕынан Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын (Горнай) физикаҕа учуутала Иван Дьяконов ааттанна.
Иван Дьяконов, “Сыл учуутала” куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа:
— “Сыл учуутала” куонкурус иннинэ, соторутааҕыта буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үрүҥ көмүс пеликан” куонкуруска кыттан I истиэпэннээх дипломант аатын ылбытым. “Хараабылтан — баалга” диэбиккэ дылы, үргүлдьү иккис куонкуруска кыттан, алта түһүмэҕи аастым. Дьиҥэр, кыайыам диэн улаханнык итэҕэйбэт этим. Онон кыратык соһуйа сылдьабын.
Саамай ыарахан түһүмэх миэхэ – кылаас чааһа этэ. Тиэмэтин биир күн иннинэ эрэ биэрбиттэрэ. Онтон атын тургутуулары, санаабар, этэҥҥэ ааспытым. Түгэнинэн туһанан Дьокуускай куорат 23-с нүөмэрдээх оскуола 8 “г” кылааһын үөрэнээччилэригэр, тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин.
Аныгы олох олус тэтимнээх, сайдыылаах. Аныгы учуутал ону кытта тэҥҥэ хардыылаан, сайдан, билэн-көрөн иһиэхтээх, саамай сүрүнэ оҕолору таптыыр, оҕолору кытта үлэлиирин сөбүлүүр буолуохтаах, — диэн сыанаттан да түспэккэ туран санаатын үллэһиннэ.
Валентина Нафанаилова, “Сыл учуутала” куонкурус лауреата, алын кылаас учуутала:
— Уус Алдан улууһун Лөгөй орто оскуолатыттан ханна даҕаны халбарыйбакка, 23 сыл үлэлээтим.
Бу куонкуруска маҥнайгытын кытынным. Бастакынан “Методическай мастарыскыай” буолбута, иккис күммүтүгэр маастар-кылаастары көрбүппүт, салгыы уруок, кылаас чааһа ыыттыбыт, маастар-кылаастар буоллулар, бүгүн пресс-кэмпириэнсийэҕэ кытынныбыт. Оҕолору кытта үлэлии үөрэммит киһи буоларым быһыытынан, миэхэ уруогу ыытыы уонна кылаас чааһа бэйэбэр ордук чугас этэ.
Бу куонкуруска элбэх саҥа дьону кытта билистим, уопут ыллым. Бэйэбин олох саҥалыы, атын харахпынан көрдүм, атыннык сыаналаатым, — диэн кылгастык этэр.
Быйылгы «Сыл учуутала» куонкурус кыттааччыларын аатыттан Иван Дьяконов ырыа бэлэхтээтэ. Видеону көр.
Куонкурус кэрэ аҥаардара флеш моб бэлэхтээтилэр.
СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин, СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтэр институту кытта бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэр кыайыылаахтарга, лауреаттарга араас бэртээхэй бэлэхтэри туттардылар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru