Сыл чулууларынан Василий Егоров уонна Сардаана Трофимова ааттаннылар

Ааптар: 
27.12.2018
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ахсынньы 26 күнүгэр, Дьокуускайга, Чөмпүйүөннэр баалларыгар сыл бастыҥ спортсменнарын ааттаатылар.


“Триумф” Спорт киинигэр буолбут тэрээһиҥҥэ спорка уонна адаптивнай спорка улахан дьон, үөрэнээччилэр ортолоругар бастыҥ спортсменнары, “Сахаада-спорт” лауреаттарын чиэстээтилэр.

Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр оҕолор ортолоругар сыл бастыҥнарынан Татьяна Бурым (чэпчэки атлетика, тириэньэр Василий Оленов) уонна Андрей Винокуров (көҥүл тустуу, тириэньэрэ Эрчимэн Макаров) буоллулар.

Оҕолор ортолоругар бастыҥнарынан Алена Большакова (дуобат, тириэньэрэ Василий Кычкин), Валерий Андросов (көҥүл тустуу, тириэньэрэ Иван Сивцев) ааттаннылар.

Спор национальнай көрүҥнэригэр Наталья Черноградская (мас тардыһыы, тириэньэрэ Алексей Агапов), Павел Черноградскай (мас тардыһыы, тириэньэрэ Николай Константинов) 2018 сыл чулууларынан билиниллиннилэр.

Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр бастыҥнарынан Степанида Артахинова (оҕунан ытыы, тириэньэрэ Андрей Иксман), Владимир Балынец (пауэрлифтинг, тириэньэрэ Петр Давыдов) буоллулар.

2018 сылга Саха сирин чулуу спортсменнарынан Сардаана Трофимова (чэпчэки атлетика, тириэньэрэ Татьяна Жиркова) уонна Василий Егоров (бокса, тириэньэрэ Артур Пахомов) билиниллиннилэр.

Норуоттар иики ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Сардаана Трофимова ааһан эрэр сылга марафоҥҥа Арассыыйа чөмпүйүөнүнэн (Казань), дойду Кубогын хаһаайынынан (Москва), Москватааҕы марафон кыайыылааҕынан буолбута.

Оттон спорт үтүөлээх маастара Василий Егоров — Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир (Дьокуускай), “А” кылаастаах норуоттар икки ардыларынааҕы күрэс (Польша) кыайыылаахтара, Арассыыйа 2018 сыллааҕы чөмпүйүөнэ.

Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0