Сыдьаайалаах Байдам алгыстарын ылынан…

11.01.2022
Бөлөххө киир:

Матрена Николаевна (Сыдьаайа) уонна Афанасий Романович (Байдам) Филипповтар киһи ис туругун чөллөнүүтүгэр, этин-сиинин чэбдигирдэригэр, дьылҕатын салайынарыгар туһуланар «Тирэх» үөрэҕи ыытан, үгүс киһи махталын ылаллар.


Сыдьаайа уонна Байдам Филипповтар 1990-с сыллар саҥаларыгар, сырдыгы саҕааччы, үүнүү-сайдыы, чэбдигирдии кыһатын төрүттээччи Клавдия Максимова-Сайыына саҥардыы үлэлээн эрдэҕинэ кини үөрэҕэр дьарыктаммыттара. Биллэрин курдук, ити сылларга олохпут оҥкула ыһыллан-тоҕуллан, дьон-сэргэ санаата-оноото мунан, салҕыы хайдах олоруоҕун толкуйдуур ыарахар кэмнэрэ этилэр. Сайыына кэргэннии Филипповтары хайаан да миэхэ кэлэн үөрэниэххитин наада диэн ыҥыран, устунан доҕордуу буолан, бииргэ үлэлэһэн барбыттара.
«Сайыына үөрэҕин сүрүн сыалынан-соругунан киһи бэйэтин бэйэтэ билиниэхтээх, таптыахтаах диэн этэ. Киһи бэйэтэ дьоллоох буоллаҕына, кини оҕото, ыччата дьоллоох буолар. Киһи барыта оҕом туһугар олоробун, кинилэр эрэ этэҥҥэ сырыттыннар, дьоллоох буоллуннар диир буолан баран, бэйэтэ дьоло суох буоллаҕына, оҕото дьоллоох буолуо суоҕа. Бэйэтэ биир кэм ыарыытын ааҕа сырыттаҕына, бу оҕо эмиэ суола, үөлэһэ сабыллан хаалыаҕа. Ол иһин, бэйэтэ ычата кыра буоллаҕына, акуланы кыра аквариумҥа буомурдар курдук, оҕотун эмиэ кыайан сайыннарбат. Бэйэтин ыырын кэҥэттэҕинэ, ычатын улаатыннардаҕына, өйүн-санаатын сырдаттаҕына, сайдыыга-үүнүүгэ бардаҕына эрэ кини ыччата инникилээх буолар. Ону тириэрдэр — бу үөрэх», -– диэн Сыдьаайа кэпсэтиибитин саҕалыыр.
Бу үөрэҕи үгүскүт билэр. Онон, мин ону ымпыгар-чымпыгар диэри быһаара сатыыр, сэһэргэһиини тылыттан-тылыгар тириэрдэ сатыыр быраабым да суох курдук. Тоҕо диэтэххэ, ити барыта бэйэбит испитигэр баар уонна Сыдьаайа этэринии:
«Дьиҥэр, бу үөрэтэр үөрэхпит, кинилэргэ кэпсиирбит, тириэрдэрбит хас биирдии киһи иһигэр, этигэр-хааныгар иҥэн сылдьар, өйүгэр-санаатыгар баар. Ону кини суолталаабат, сыаналаабат, ол иһин улаханна уурбат. Ону ол улахаҥҥа уурбатын, сыаналаабатын, суолталаабатын биһиги сааһылаан биэрэбит.
Киһи оҥорор дьыалата сыыйа бэйэтэ оннун булан, сайдан-үүнэн, тэнийэн-кэҥээн барыахтаах. Өскөтүн биһиги үөрэхпит кимиэхэ эмэ чахчы туһалаабыт, сэргэппит буоллаҕына, ол көмөлөспүт эйгэтэ бэйэтэ кэпсиэхтээх, көрдөрүөхтээх дии саныыбыт. Киһи бэйэтин бэйэтэ кэпсэнэрин сөбүлээбэппит. Оттон чахчы астыммыт, сэргээбит, туһаммыт-абыраммыт дьон ис сүрэхтэн үөрэн, махтанан суруйаллара, киэҥ эйгэҕэ тиэрдэллэрэ дьэ, ол олох атын дьыала, ону дьон-сэргэ даҕаны атыннык ылынар, итэҕэйэр. Дьиҥэр, бу үөрэхтэн тирэх ылан үүммүт, киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт аҕыйаҕа суох. Ол гынан баран, киһи сонньуйуох, ону өйдөөбөттөр, билиммэттэр. Онон тугу эмэ туһаммыт, олохторугар туттубут буоллахтарына, мээнэ халтайга хамсаммат эбиппит ээ диэн астыныынан эрэ муҥурданабыт. Баҕар ол эмиэ сыыһа буолуо да…  Бу үөрэх Клавдия Ильинична Максимова-Сайыына төрүттээн, иитиэхтээн-бүөбэйдээн хаалларбыт сүдү үөрэҕэр тирэҕирбит үөрэх буолар.


Киһи бу орто дойдуга олорор олоҕор санаатын сырдатынан, бэйэтин ис тутулун билэн, этин-сиинин чэбдигирдэн, куура-хата сытар ис кыаҕын, дьоҕурун, кэрэтин арынан, бэйэтин туораттан көрө үөрэнэн, ииттинэн, бэйэтин таптаан-эрэнэн, тулалыыр эйгэтигэр, дьонугар-дойдутугар сыһыанын уларытан, дьиҥ сахатын итэҕэлин дириҥэр киирэн, өйдөөн, ылынан тус бэйэтин дьылҕатын эрэ буолбакка, оҕотун, ыччатын кэрэ кэскилин кытта бэйэтэ салайар, тупсарар кыахтаах.
Бу дьарыктарга олох төрдө — ыал, дьиэ кэргэн сыһыаныттан, оҕо иитиититтэн, бэйэ доруобуйатыгар бэйэ көмөлөһөр ньымаларыттан саҕалаан, айылҕа, куйаар тутулугар, итэҕэли, өбүгэ үгэһин, сиэри-туому олоххо туттуу, бэйэни, дьиэни-уоту ыраастаныы, харысхал туруорунуу курдук киэҥ эйгэни кытта сиһилии билсэллэр. Хайа баҕарар киһи, бастатан туран, тус бэйэтин үтүө өттүнэн уларыттаҕына тулата үтүө буолар, өйүн-санаатын сааһылаатаҕына элбэҕи ситиһэр, чэбдигирэр ньыманы биллэҕинэ этэ-сиинэ чэгиэн буолар, бэйэтэ хайдаҕый да, оннугу бэйэтин тула мунньар.
Биһиги бу олох оҥкулун дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр туһуттан бу үөрэҕи ыыппыппыт 10-н тахса сыл буолла. Ол устата элбэх улуустары, нэһилиэктэри хабан үтүмэн үгүс дьону үөрэттибит. Дьон барахсан олохторо тупсарын, бэйэлэрэ үтүө өттүгэр уларыйан үүнүүгэ-сайдыыга баралларын, олорор олохторунан астынар, үлэлиир үлэлэригэр, оҥорор дьарыктарыгар ситиһиилэнэллэрин илэ көрөн астынабыт.
Бастакы күммүт арчыттан-алгыстан, нэһилиэк дьонун кытта көрсүһүүттэн саҕаланар, бүтэһик күн эмиэ алгыһынан түмүктэнэр».

Элбэхтэн биири холобурдаатахха, дойдубутугар ковид ыарыыта туран, дьиэҕэ хаайтарбыт, муунтуйбут, чугас дьону сүтэрбит кутурҕаннаах күннэргэ элбэх киһи Сыдьаайалаах Байдам иккиэн тэҥинэн үөрэтэр үөрэхтэрин ылынан, кинилэртэн алгыс ылан, салҕыы олох олорор күүстээх санааламмытын, доруобуйатын чөлүгэр түһэрбитин кинилэр махталлара туоһулуур. Филипповтар уон күннээх үөрэхтэригэр (ол иһигэр, «Тирэх», «Алгыс», «Арыллыы») иккиэн күннэрин дьүөрэлээн дьарыктыыллар.

«Эмтэммэт ыарыы диэн суох, эмтэммэт киһи диэн баар»

Байдам:

“1993 сыллаахха, 44 сааспар саха киһитэ өйө санаата саамай сааһыланан, уһуктан, илиитин ньыппарынан баран үлэҕэ умсар сааһыгар биэнсийэҕэ тахсан хаалбытым. Оччолорго ити сааскар сынньалаҥҥа ыыталлара сыыһа эбит диэн билигин өйдүүбүн. Онон, саамай күөгэйэр күммэр муна-тэнэ сырыттахпына, Сайыынаҕа баран үөрэнэммит, олохпутугар бигэ тирэҕи биллибит, киниэхэ махталбыт муҥура суох. Киһи доруобуйатын көннөрөргө суол-иис көрдөөн элбэхтик дьарыктаммытым, Сайыынаны кытары үлэлэспитим, көмөлөспүтүм. Элбэх айылҕалаах дьону кытары эмиэ алтыспытым. Улахан көмөнү миэхэ биир дойдулааҕым Николай Иннокентьевич Слепцов-Сылык оҥорбута.
Эмтэммэт ыарыы диэн суох, эмтэммэт киһи диэн баар. Дьон барахсан биһиги үөрэхпитигэр сылдьан уларыйалларын, астыналларын көрөн, 5 тыһыынчаттан тахса киһини үөрэттэхпит дии. Биллэн турар, бары өрө көтө сылдьыбаттар гынан баран, 100 бырыһыана хайаан да уларыйар. Уларыйбат киһи диэн суох. Киһи, бастатан туран, бэйэтин уларыта кэлэр. Мин бэйэм уларыйдахпына, мин чугас дьонум бары уларыйаллар диэн санаанан салайтарар», -– диэн кэпсиир.

Биир эйгэлээхтэрэ -– кинилэр дьоллоро

1974 сылтан Дьокуускайга олорбут, үлэлээбит Сыдьаайа уонна Байдам Филипповтар биэнсийэҕэ тахсан баран, 2011 сыллаахха дойдуларыгар Чурапчыга барбыттара. Матрена Николаевна сааһын тухары Опера уонна балет тыйаатырыгар үлэлээбит, култуура эҥэрдээх буолан, Чурапчы Дириҥэр бэтэрээннэр хордарын, кулууптары кытары үлэлэспитэ. Ол сырыттахтарына ким эрэ имнэммитин курдук: «Оттон биһиги туох иһин Сайыынаҕа үөрэммиппитий, кини үөрэҕин тоҕо бэйэбитигэр эрэ туһана сылдьабытый? Дьоҥҥо кэпсиэххэ, боруобалаан көрүөххэ баар эбит», — диэн санаалар киирбиттэрэ. Онуоха уруккута Ис дьыала министиэристибэтигэр үлэлээбит, юрист Афанасий Романович эдэр эрдэҕиттэн мэдиссиинэнэн дьарыктаммыта, Тибет үөрэҕин чинчийбитэ кинилэр быһаарыныылара сөптөөҕөр эрэли үөскэппитэ. Биир дойдулаахтара сөбүлэһэн, нэдиэлэҕэ биирдэ дьарыктанан барбыттара, онтон учууталлар көрдөһөннөр, үөрэхтэрин салҕыы ыыппыттара. Итинтэн тирэхтэнэн, дьон-сэргэ үөрэххэ наадыйарын, итэҕэйэрин уонна ылынарын билэн, Байдам төрөөбүт сиригэр тиийбиттэригэр эмиэ 40-ча киһи дьарыктаммыта. Дьэ, итинтэн саҕалаан, кинилэр  үөрэҕи ыыппыттара 10-тан тахса сыл буолла.
Саха сайдам ыала Филипповтар ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн олорбуттара 50 сылын туолла. Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир ыал үс уол оҕолоруттан элбэх сиэннэрдээхтэр, хос сиэннэрдээхтэр. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьон, сэттэ сылы быһа билсиһэн баран, Свердловскайга үөрэнэ сылдьан ыал буоларга быһаарынан саахсаламмыттара.
Саха дьонун кутун туппут саха ыалын саамай улахан дьолунан, табыллыытынан иккиэн бииргэ, биир эйгэҕэ сылдьаллара, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэрэ буолар.


Дьон махтала кынаттыыр

«Алта күн түргэнник да ааста. Ылбыт билиибин тута олоххо киллэрэн, диализка сылдьар бииргэ төрөөбүт эдьиийбэр сөҕүмэр сүдү көмөнү оҥорон, иккиэн да үөрдүбүт, үөрүүбүтүттэн куустуһан олорон ытаатыбыт
Уһуйааччыбыт Байдам өркөн өйүнэн, сүрэҕин сыдьаайынан, доруобуйа мындыр үөрэҕин сүрүн өйдөбүллэрин кэпсээн, үөрэтэн өйөбүл буоллун, үйэлэргэ өспөт үтүө өйдөбүллэри үөрэтэн, саргытын салайарга тирэх олохтоотун.
Үөрэммит билиибинэн дойдум дьонун-сэргэтин абырыам, дьоммут туһа диэн биэрбит билиигин кичэллээхтик туһаныам.
Аман алгыстаах суруккутун дьиэм бастыҥ миэстэтигэр ыйаатым, долгуйа ааҕабын».

(Чурапчы Чакырыттан Светлана Никонова)

«Байдам өйүн-санаатын уларыппыт, сырдаабыт, духуобунай үөрэх бары өйдөбүлүн ылыммыт, дьоҥҥо үтүөнү баҕарар, тапталы сыдьаайарга бэлэм киһи. «Мин куйаар сорҕото, айылга оҕото буолабын,» — диэн этиини бу үөрэххэ чуолкайдык өйдүүгүн. Төрүт килиэккэнэн эмтээһини баһылааһыны эмтээһин муҥутуур чыпчаала дии санаатым. Бу — геннай информацияны, ДНК-ны илдьэ сылдьар килиэккэ. Бу килиэккэни уһугуннаран, чөлүгэр түһэрэн эмтиэххэ сөп. Клиновиднай уҥуоҕу көннөрөн, быраактыкабытыгар киһи сөҕөр түмүктэрин ыллыбыт. Эмтэммит дьоммут ханньайбыт сирэйдэрэ көнөн, кынньары барбыт уҥуохтара тэҥнэһэн, хас эмэ сыл ыалдьыбыт сүнньүлэрэ, атахтара, систэрин ыарыыта сүтэн соһуйаллар, сөҕөллөр. Саамай күүстээх — Таптал ньэгирэ. Ону эмтээһиҥҥэ барытыгар туһанаҕын».

(Надежда Егорова-Эркээни)

«Сыдьаайа үөрэҕэ оскуола оҕолорун бырагыраамаларыгар киирэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Оччоҕо оҕолор бары кыра эрдэхтэриттэн сахалыы тыыннаах, өйдөөх-санаалаах буолуо этилэр»

«Сыдьаайа ис-иһиттэн иэйэн, сырдыгынан сыдьаайан киһи кутун-сүрүн уоскутан, олох атын турукка киллэрэрин куруутун сөҕө, махтайа саныыбын.
Бу үөрэххэ түөннээһин, гуаша-массаас, килиэккэнэн үлэ, өҥүнэн үлэ, күөттээһин, тарааһын, световой бандаж уо.д .а. диэннэргэ үөрэ-көтө үөрэннибит. Хас биирдии үөрэх кэнниттэн киһи санааларын сааһылыы, ырыта, бэйэтин иһиллэнэ үөрэнэр эбит. Чугас дьонугар тирэх, көмө буолар. Маннык үөрэххэ хас биирдии киһи үөрэнэрэ буоллар, олоҕор көрсөр элбэх моһолу, ыараханы төлө көтүө этэ дьии саныыбын».

(Туйаара)

«Мин билиибин эһиэхэ ыраас мууска ууран биэрэбин», -– диэн Байдам этэр этиитэ. Бу маннык үчүгэйдик үөрэтэр уһуйааччыны мин олохпор саҥа көрүстүм. Ол иһин, суолбун суоллаан бу анаан миҥээн Байдамҥа ыыппыттарыгар айыыларбар махтанабын. Мин мэдиссиинэ эйгэтигэр 20-тэн тахса сыл сылдьар киһи арыый ыараханнары көрсөбүн… Ол иһ-н, аан бастаан кутум-сүрүм ылынан, өйбүнэн-санаабынан толору өйдөөн, ис санаабынан хоттохпуна, быраактыкаҕа бэйэм дьоммор холонон туттан көрөбүн. Ол курдук, оҕонньорум ыалдьан, биэс эрэ күн үөрэнэн баран ыксаан дойдубар айаннаабытым. Дьиэбэр кэлэн дьэ, Байдам үөрэппит үөрэҕин оҕонньорбор тутуннум, туругун чөлүгэр түһэрдим. Киһим олус сэҥээрдэ, туруга тупсан олуһун астынна, махтанна. Эһиги үөрэххитин дьон ылынан, иҥэринэн истиннэр уонна тулалыыр эйгэҕэ, дьонно күүс көмө буоллуннар».

(Сахайаана Егорова-Сандалыына)

“Сырдыгынан сыдьаайар Сыдьаайабыт,
Барҕа туттунуулаах Байдаммыт,
Билии төрдүн иҥэрэр
БИЛИИкэптэргэ уруй-айхал буолуохтун!».
Муҥура суох махталбын уһуйааччыларбар туһулуубун, эһиэхэ үгүрү-сүгүрү буолуохтун!
Бииргэ алтыспыт үөлэннээхтэрбэр, биир эйгэлээхтэрбэр, барҕа махталбын, үрдүк тапталбын, бигэ эрэлбин, күн сырдык сардаҥаларын эһиэхэ эрэ анаан ыытабын.
Көмөлөһөр күүстэрбэр, Аар айыыларбар, эйэҕэс иччилэрбэр, улуу өбүгэлэрбэр, чараас эйгэбэр, куттарбар, кыылларбар-көтөрдөрбөр махтанабын уонна сүгүрэйэбин! Аартыкпын арыаллыыргытыгар, суолбун солоон биэрэргитигэр!

 (Сэмэн Протопопов – Арчын Уотту уола)

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0