Сүбэһит: Сискин харыстыаҥ — доруобай буолуоҥ

30.09.2020
Бөлөххө киир:

Дьиэҕэ олорон үлэлииргэ-үөрэнэргэ элбэхтик хамсаммат буоллахха, бу доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп.  Аан бастаан харах уонна сис тоноҕоһо эмсэҕэлиир. Онон ыарыы үөскүүрүн кэтэспэккэ, күн аайы эрчиллиилэри оҥордоххо, кэлин балыыһаҕа барартан куотуохха сөп. Ааспыкка харах эрчиллиилэрин оҥорбут буоллахпытына, бу сырыыга сис тоноҕоһун эрчийиэҕиҥ.

Сис тоноҕоһо эппитин-сииммитин барытын тута сылдьар баар-суох тулааһыммыт буолар. Онон кини доруобай, үчүгэйдик үлэлиир буоллаҕына, уҥуохпут, сүһүөхтэрбит, атын да уорганнарбыт чэгиэн буолуохтара. Ону тэҥэ, сис ыарыытын саҕа куһаҕан ыарыы туох баар буолуой?

Сис тоноҕоһо туохтан ыалдьарый? Хамсаммакка, наар бөкчөйөн олорортон, уойууттан, ыараханы көтөҕүүттэн, ыарахан үлэттэн, эчэйииттэн, сайдыытыгар кэһиллии баар буоллаҕына. Ол курдук, бастаан хондуруос, протрузия, грыжа, о.д.а. ыарыылар үөскүүллэр.

Таах олорортон ол тоҕо ыалдьарый?” диэн үгүстэр муодаргыахтарын сөп. Сис тоноҕоһун тутарга былчыҥнар улахан оруоллаахтар. Хамсаммат буоллахха, ситэ үлэлээбэт былчыҥнар мөлтөөн, кылгаан хаалаллар, ол түмүгэр ханнык эрэ былчыҥнар, төттөрүтүн, наһаа тардыллаллар, ноҕуруускаланаллар. Оччоҕуна бу былчыҥнары аһатар бэссэстибэлэр тиийбэккэ, иһии (воспаление), ыарыы (миалгия) үөскүүр.

Тоноҕос уҥуохтарын икки ардыларыгар баар сымнаҕас “сыттыгынан” диискэлэр буолаллар. Кинилэр уҥуохтар аалсыбаттарын хааччыйаллар. Ноҕурууска үрдээн, тоноҕос уҥуохтара баттыыр, ыгар буоллахтарына, бу диискэлэр хаптайан, хатан бараллар. Бу хондуруос диэн ыарыы буолар. Ону тэҥэ, сааһырдахха, бэссэстибэлэр атастаһыыларын кэһиллиитэ, эбэтэр эчэйии бу ыарыыны түргэтэтэллэр.

Салгыы диискэ хаатыттан тахсан, быгыахтаан, аттыгар баар ньиэрбэни кыбытар, ыгар буолар. Бу – протрузия, онтон грыжа үөскүүр. Ньиэрбэ таарыллар буолан, олус ыарыылаах.

Биир диискэ ыарыйдаҕына, атыттар эмиэ ноҕуруусканы бэйэлэригэр ылаллар, онон эмиэ сыыйа кини суолун баталлар, аалыллыы, иһии, күүстээх ыарыы, тоноҕос уҥуоҕун артрита үөскүөн сөп.

Сис ыарыыта бэйэтэ ааспат. Эмтэнии эппэрээссийэтэ суох уонна эппэрээссийэлээх диэҥҥэ арахсар. Быраас ыарыыны мүлүрүтэр, былчыҥ күүрүүтүн устар, испитин тохтотор эмтэри аныыр. Физиотерапия, массаас, мануальнай терпаия, эмтиир физкултуура, ортопедическай бандааһы кэтии эмиэ көмөлөөх. Эмтэнии уһун уонна сыралаах. Ол көмөлөспөтөҕүнэ, эппэрээссийэлииргэ эрэ тиийэллэр.

Онон, итинниккэ тиэрдибэккэ, эрдэттэн хамсана, эрчиллэ сылдьыбыт ордук бөҕө буоллаҕа. Күнү быһа дьиэҕэ олорон үлэлиир буоллахха, хамсаныы, хаамыы хайаан да күннээҕи былааҥҥа киириэхтээх.

Көһүйүүнү утары

Сөпкө олорорго үөрэнэр улахан суолталаах. Сис устуул кэтэҕэр сыстыахтаах. Төһө кыалларынан, көнөтүк туттан олоро сатааҥ, төҥкөйүмэҥ, бөкчөйүмэҥ. 15-20 мүнүүтэ буола-буола, туран хаамыталааҥ, сытан да ылыҥ. Ойоҕоскунан сыттахха, сис тоноҕоһун ноҕурууската кыччыыр, сынньанар.

Көһүйбүккүтүн биллэххитинэ уонна сарсыарда тураат, тыыллаҥнааҥ, сэрээккэлээҥ. Куруук олорортон киһи этэ-сиинэ көһүйэн, хаана, лимфата сүүрэрэ бытаарар, хойдор, шлак, токсин мунньуллар. Онон ойон туран, илиигитин-атаххытын охсуолааҥ. Бу лимфа сүүрүгүрэригэр көмөлөөх.

Атах төбөтүгэр тура түһэн баран, тилэххэ толору тирэнэбит. Ол эбэтэр, атах төбөтүн сиртэн араарбакка эрэ, ыстаҥалыыр курдук буолабыт. Манна эт-сиин барыта доргуйар, вибрация үөскүүр, лимфа сүүрэрэ түргэтиир. Ол кэнниттэн 2-3 мүнүүтэ эккирээн ылыахха сөп.

Төбөнү салайар моой

Моой хондуруоһугар былчыҥнар күүрэннэр, төбөнү, мэйиини, хараҕы, кулгааҕы сибиэһэй хаанынан, кислородунан хааччыйар тымырдар бобо тутулланнар, киһи толкуйдуура, көрөрө-истэрэ мөлтүөн сөп. Бэл диэтэр, баттах үүнэрэ бытаарар, түһэрэ элбиир, сирэй өҥө кытта уларыйар. Төбө ыалдьыан, мэйии эргийиэн, салгын тиийбэт буолан, хаан баттааһына тахсыан-түһүөн сөп.

Дьахталларга кэтэхтэрин диэки аллараанан эт, сыа мунньуллар, моой токуруйар, кылгыыр. Ону нууччалыы “вдовий горб” диэн ааттыыллар. Бу эмиэ хондуруос көстүүтэ. Хомойуох иһин, бу бөкчөгөр улаатан иһэр, арай, эрдэттэн дэлби массаастаан, эрчиллиилэри оҥорон, кыччатыахха сөп.

Моойго эрчиллиилэр

1. Көнөтүк олорон эрэ, төҥкөйөбүт, ол эрээри ытыспытын сүүскэ ууран, утары анььабыт. Бу кэмҥэ моой былчыҥнара күүрэллэр. 10 сөкүүндэ оҥорон баран, сынньанабыт. Барыта 10-на хатылыыбыт.

2. Ытыһы уҥа чанчыкка ууран баран, баттыыбыт уонна уҥа диэки кыҥнайа сатыыбыт. 10 сөкүүндэ оҥорон баран, сынньанабыт. Барыта 10-на хатылыыбыт. Хаҥас диэки эмиэ 10-на оҥоробут.

3. Көнөтүк туран, олорон эрэ төбөбүтүн уҥа-хаҥас бытааннык эргитэбит, онтон төҥкөйөбүт, хантайабыт. 5-10 төгүл оҥоробут.

4. Санныбытын өрө көтөҕөн, ыгдайабыт. 10 сөкүүндэ буолан баран, түһэрэбит, тыыммытын таһаарабыт. 5-10 төгүл хатылыыбыт.

5. Сытан, эбэтэр олорон эрэ кэтэх уҥуоҕа моой тоноҕоһун кытта көрсөр сирин күүскэ баттыалаан, массаастыыбыт.

Шишонин ньымата

Көнөтүк туттан турабыт. Икки илиибитин санныбытыгар диэри көтөҕөн, быластыы быраҕабыт. Санныбыт лаппаахытын кэннибит диэки муҥутуур анньабыт. Хаҥас диэки бытааннык кыҥнайабыт, төбөбүтүн көннөрөбүт, онтон илиибитин үөһэ көтөҕөбүт. Онтон түһэрэн, эмиэ санныбытыгар диэри быластыы тутабыт. Уҥа диэки кыҥнайабыт, онтон төбөбүтүн көннөрөбүт, илиибитин түһэрэбит. Барыта 6-8 төгүл оҥоробут. Бу эрчиллии моой хондуруоһугар туһалаах.

Реабилитолог-быраас Александр Шишонин эрчиллиилэрэ “ютубка” бааллар, дьарыктаныан баҕалаахтар булан, көрүөхтэрин сөп. Кини моойго эрчиллиилэри оҥорторон, гипертонияны эмтиир.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева.

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0