Сыаналаах эт эбит…

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка бэҕэһээҥҥиттэн Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕа буола турар. Дьон-сэргэ икки сыллаах коронавирус дьаҥын кэнниттэн өрө көтөҕүллэн тахсан ыһыахтыы сылдьаллара киһи хараҕар тута быраҕыллар. 

Аһы-үөлү атыылыыр анал миэстэҕэ үтэһэлээх эттэн, кымыстан, быырпахтан саҕалаан ас арааһа дэлэй. Үтэһэлээх эт сыаната араастаһара сөхтөрдө. Холобур, «Сатал» даачаларыгар баар  «Туундара»  маҕаһыыныгар  үтэһэ эт сыаната 720 солк быһыллан турар. Ыһыахтыыр сиртэн тимир көлөнөн иһэ үллүбүтэ 5 мүнүүтэнэн кэлиллэр.   Маҕаһыыҥҥа киирбит дьон: «Айыбыын, туох ааттаах сыаналаах этэй?!», — диэн соһуйаллар. Үтэһэлээх эти Горнай улууһугар баар «Горныймясопродукт» СХППК бэлэмнээбит.

Оттон Үс Хатыҥҥа итиччэ кээмэйдээх үтэһэлэри 400 солк саҕалаан 500 солк ылыахха сөп.  Онон ити, арааһа, сыананы аһара үрдэтии буолара буолуо.  «Туундара» маҕаһыыныттан дьон сыаналаах эти атыылаһан тахсан эрэллэрин бу диэн көрбөтүм.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0