Дьокуускайга “Сайсары” ырыынакка ас-үөл сыанатын туһунан олох кылгастык эттэххэ маннык. Быйыл куобах атыыга дэлэй. Сүлүллүбүт куобах ботуччу сыаналаах –2,5 тыһыынча солк. (сүлүллүбэтэх – 1,5 тыһ. солк.). Бүлүү куобаҕа эбит.
Убаһа төбөтө – 500 солкуобай. Тоҕо чэпчэкитэй дуу диэн ыйытыыга тыла суох диэтилэр. Ынах хаана киилэтэ 500 солк. быһыллыбыт. Ынах иһэ киилэтэ 400 солк. буолбут. Мэҥэ Хаҥаластан аҕалбыттара дииллэр.
Отону киилэтин 400-450 солк. атыылыыллар. Туох да омуна суох яблоко курдук Өлүөхүмэ хортуоппуйун биир киилэтин 120 солк. быспыттар. Дырыһааҥкы оҥорорго ынах атаҕа — 250 солк. (киилэтэ). Сибиинньэ киэнэ — 130.
Хоту дойду балыга арааһа кэчигирээн турар. Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө атыылаабыт балыктарын сыанатын оннук тутан тураллар. «Талыы, үчүгэй балык», — дииллэр атыыһыттар. Көрдөххө дьон билигин кыра ыйааһыннаах балыгы — чыыры, уомулу атыылаһар эбит. Ол курдук, киилэ ыйааһыннаах чыыр 600-700 солк. Тоҥнуу кыһарга эмис, күөл чыыра — 800 -950 солк. диэн суруллан турар. Индигирка диэн аатырдар астара киилэ аҥаара — 750 солк. Сыалыһар быарын киилэтин 2000 солк. атыылыыллар. Ырыынакка даҕаны реклама арас көрүҥүн атыыһыттар толкуйдууллар эбит. Атыылаһааччы хараҕар быраҕыллар гына бөдөҥ буукубаларынан суруйаллар. Сорохтор: «Бу балыккыт хайдах курдук эрэйдээхтик бултанарын көрөргүт буоллар», — дииллэр. Кыра быччыкы — 100 солк. Собо сыаната араас — 130-250 диэри. Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан собото.
Сыана билиҥҥи туруга итинник.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: ааптар түһэриитэ