Сыһыыга сылдьар сылгы туругун cылыктааһын

21.01.2019
Бөлөххө киир:

Саха сылгытын анаан үөрэппит-чинчийбит бөдөҥ учуонай, биология билимин хандьыдаата Николай Дмитриевич Алексеев суруйарынан, сыһыыга сылдьар сылгыны аһылыкка киллэрэргэ, бастатан туран, уойуутун туругун миэстэтигэр быһаарыллыахтаах. Ырыганнаан эрэр сылгыны аһара быһа түһэ илигинэ аһатар ордук. Сылгы ыраары гыммытын маннык бэлиэлэринэн чинчилиэххэ сөп:

edersaas.ru

  1. Түүтүн кылаана өлбөөрөн, күкээрийэн көстөр. Түүтэ тириитигэр сыстан сыппакка, туран кэлбититтэн, түүтүн уһук өттө бэйэ-бэйэтиттэн арахсан, кылаана сүтэриттэн итинник буолар.
  2. Сылгы уорҕата хаарданан мууһурар уонна халыҥ иһэхтэнэр.
  3. Сылгы уһуннук хаспакка, үксүн турар буоллаҕына, титириир.

Мантан ураты чинчилээһин элбэх. Холобур, сылгы сааҕын өҥүнэн, төһө убаҕаһыттан-кытаанаҕыттан билиэххэ сөп. Ол эрээри, сылгы куҥа төһө толорутуттан дуу, быһаҕаһыттан дуу көрөн, туругун сылыктааһын — биир саамай чуолкай уонна биһирэммит ньыма.

Сылгы кэлин бууттара аалсыһар сирдэрин “хаппар куҥа” дэнэр. Ырбыт сылгыга ити куҥнара бэйэ-бэйэлэригэр тиксиспэттэр. Ону “хаппар куҥа тэстибит” дииллэр. Ити – ырыы бэлиэтэ. Икки буутун куҥ эттэрэ сыстар буоллахтарына, сылгыны куҥнаах, куҥа толору дэнэр. Итини сылгы кутуругун туора тардан эбэтэр кутуруга саба бүөлээбэт кэмигэр быһаарыллар. Куҥа тэстээри гыммыт сылгыны эбии аһатыллыахтаах.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0