“Биһиги нэһилиэкпитигэр киһи сайдарыгар туох барыта баар: барыга көхтөөх олохтоохтор, саҥа тутуулар, араас тэрээһиннэр, суол-иис, сибээс,” – диэн бэлиэтиир Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Святослав Сунхалыров.
Святослав Васильевич нэһилиэккэ баһылыктаабыта лоп курдук уон сыл буолла. Бу иннинэ кини “Таатта” хаһыакка суруналыыстаабыта. Олохтоох салайыныыга уопутурбут баһылык нэһилиэккэ үлэ-хамнас, саҥа тутуулар, сайдыы, кыһалҕа туһунан хаһыаппыт ааҕааччыларыгар санаатын тириэрдэр.
— Мин университеты бүтэрэр сылбар ийэм ыалдьан, дойдубар Тааттаҕа үлэлии барбытым. Сэттэ сыл улууһум хаһыатыгар үлэлээбитим. Онтон 2010 сыллаахха ийэм суох буолбутун кэнниттэн, аҕабар чугас буолаары, төрөөбүт нэһилиэкпэр туһаны аҕалыам диэн санааттан, Тыараһабар баһылык быыбарыгар киирсибитим. Дьиҥэ, бу иннинэ 2008 сылга эмиэ туруна сылдьыбытым. Ол эрээри, оччолорго 27 саастааҕым, эдэрим да бэрдиттэн буолуо – ааспатаҕым. Санаабын түһэрбэтэҕим. Иккистээн киирсэн, баһылыктаабытым номнуо уон сыл буолла.
Суруналыыстыкаттан үлэлиир эйгэбин соһуччу уларыппытым ыарахаттардаах этэ. Хаһыатчыттаабыт уопутум салайар үлэни саҕалыырбар көмөлөспүтэ. Сэттэ сыл тухары отчуоттарга сылдьан, нэһилиэктэр олохторун, улуус тыатын хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын, тутуу үлэтин, олоҕу-дьаһаҕы суруйбутум, күргүөмнээх үлэ хайдах барарын билэ-көрө, истэ сылдьыбытым туһалаабыта.
Тутуу үлэтэ күүскэ барар
Сэһэргээччибит 2000-с сыллар саҕаланыыларыгар, устудьуоннуу сылдьан, “Саха сирэ” хаһыакка Татьяна Марковаҕа быраактыкаламмытын туһунан кэпсиир. Оччолортон Тыараһаҕа оскуола тутуута – тыын боппуруос. Святослав Васильевич бу кыһалҕа туһунан хаһыакка матырыйаал бэлэмнээбит эбит.
— Биһиги оскуолабыт 1968 сыллаахха тутуллубута. Ол 2015 сыллаахха хаарбах туруктаах буолан, үлэни, үөрэҕи тохтотон, оҕолору 4-5 сиринэн үөрэтэн кэллибит. Онтон ааспыт сылга хамсааһын, дьэ, баран, номнуо оскуолабыт бастакы сыбаайата турда. Кэпсэтии барбытынан, өр күүппүт тутуубут быйыл үлэҕэ киириэх курдук. Бу суолталаах тутууну мин иннибинэ баһылыктаабыт дьон бары туруорсубуттара, мин ол дьыаланы ситэрэн-хоторон, олоххо киллэрэн эрэбит диэн бэлиэтиибин.
Өссө биир улахан тутуубут – Таатта улууһугар биир саамай кыамталаах киин хочуолунайбыт быйыл үлэҕэ киириэҕэ. Тыараһаҕа биир даҕаны ыалга киин ититии суох, дьэ киириэхтээх. Манна диэн эттэххэ, ыаллыы сытар Чурапчыбытыгар (Тыараһа – Чурапчыттан бардахха Таатта бастакы нэһилиэгэ) гаас киирбитэ быданнаата, онон сотору кэминэн биһиэхэ да “күөх төлөн” умайыа диэн олохтоохтор эрэнэллэр.
Баһылыгынан талыллан баран, биир сүрүн үлэбинэн оҕо уһуйаанын туттарыы буолбута. Дьон судургутук, көрдөөтүҥ даҕаны биэрэллэр, баар буола охсор диэн өйдүүр. Оннук буолбат буоллаҕа. Хайа баҕарар үлэ хамсаныыттан, элбэх кэпсэтииттэн, сыраттан-сылбаттан тахсар. Ол курдук, оҕо уһуйаанын дириэктэрэ Нюрианна Чехордуналыын сүүрэн-көтөн, бырайыак оҥорторон, дьону кытта кэпсэтэн, тутуубут 2016 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ.
Ыччакка үлэ миэстэтэ элбэх
Тыараһа ыччата граннарга, араас куонкурустарга, успуорка көхтөөхтүк кыттар. Нэһилиэк эдэр дьоно сүөһү көрүүтүттэн тэйиччи турбатах, хас даҕаны эдэр фермер, дьиэ кэргэнинэн хаһаайыстыба тэриммит дьон үлэлии-хамныы сылдьаллар эбит.
— Нэһилиэкпитигэр сыллата эдэр исписэлиистэр үлэлии, олохсуйа кэлэллэрэ үөрдэр. Икки оскуолалаахпыт, онон ыччат манна ананан үлэлии кэлэр. Быйыл эдэр үлэһиттэрбитин олорор дьиэнэн хааччыйар былааннаахпыт. Дьокутааттарбытын кытта үбү-аһы көрүнэн, нэһилиэк бүддьүөтүттэн тыыран, бу кыһалҕаны быһаарыахпыт. Аны эдэр дьон дьиэ тутталларыгар диэн субсидия көрүллэр, онон сыллата 1-2 эдэр ыалы дьиэлиибит.
Хомуспут – бренд
— Таатта Тыараһата – саха төрүт култууратын киэҥник тарҕатааччы, аатырбыт хомусчут Лука Турнин төрөөбүт дойдута. Кини сылдьыбыт, үлэлээбит сирдэрин аайы төрөөбүт нэһилиэгин ааттата сылдьара. Кини аатынан Светлана Собакина дириэктэрдээх нэһилиэк устуоруйатын үөрэтэр мусуойдаахпыт. Хомусчуппутугар сүгүрүйэн, кини үлэтин сыаналаан, салгыы тарҕатар сыалтан уонна нэһилиэк тупсаҕай көстүүлээх буоларын туһугар, нэһилиэкпит иһигэр хас даҕаны хомус быһыылаах оҥоһук туруорбуппут – фонтантан саҕалаан айан аартык киэргэлигэр тиийэ. Онон, хомус – тыараһаларга бренд буолла диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
Кыһалҕалар ханна барыахтарай
Олоххо-дьаһахха син биир туох эмит кыһарыйан турар кыһалҕа баар буолар буоллаҕа. Бу боппуруоһу Святослав Васильевич тумнубата:
— Биир сүрүн кыһалҕабытынан сапыраапка үлэлээбэтэ буолар. Урут үлэлии турбут “Туймаада-ньиэп” сапыраапката сабыллан, олохтоохтор Ытык Күөлгэ эбэтэр Чурапчыга тиэстэргэ күһэллэллэр. Туох санааттан маннык дьаһалы ылыммыттарын билбэппин. Тыа дьоно кыһыннары-сайыннары оттоон-мастаан олоробут, барыбытыгар кэриэтэ тырааныспардаахпыт. Уматыга суох туох сүүрүөй? Үлэ атахтанар буоллаҕа. Бу кыһалҕаны быһаараары, чааһынай дьон уматык таһа сатаабыттара даҕаны табыллыбатаҕа. Ол аайы олохтоохтор дьаһалтаны буруйдууллара да ханна барыай. Кыһалҕаттан туруорсаллар буоллаҕа. Онон, ааспыт сыллартан “Саханефтегазсбыттары” кытта үлэлэһэн эрэбит. Бу тэрилтэ төһөнү сакаастаабыппытынан анал иһиккэ кутан уматыгы таһар. Былырыыҥҥыттан тириэрдэн биэриилэрэ төлөбүрдээх буолла. Биһиги эрэ нэһилиэкпитигэр баар кыһалҕа буолбатах, онон бырабыыталыстыбабыт туох эмит дьаһалы ылынара буоллар диэн санаалаахпын. Муҥ саатар, тиэрдэн биэрии босхо эбитэ буоллар. Биирдэ тиэрдиилэрэ – 60 тыһыынча солкуобай. Бу үп нэһилиэк бүддьүөтүттэн барар.
Өссө биир тирээн турар кыһалҕабытынан доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор анал оскуолалара саҥа дьиэлэниитэ буолар. Икки оскуола үлэлиир – орто үөрэхтээһин уонна анал. Орто оскуолаҕа 100-чэ оҕо үөрэнэр буоллаҕына, иккискэ – өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан 50-ча оҕо. Бу оскуола дьиэтэ, куукуната, интэринээтэ – барыта ааспыт үйэҕэ көһөрүллэн кэлбит эргэ тутуулар. Бу уон кылаастаах оскуоланы бүтэрбит оҕолор үөрэххэ киирэллэрэ, идэ баһылыыллара, бэйэлэрин ииттинэр дьон буолан тахсаллара тэрилтэ өҥөтө буоллаҕа. Онон, оскуола тэриллиэҕиттэн үлэлиир, билигин дириэктэрдиир Анна Слепцова туруорсар туруорсуута – саҥа тутуу.
Оттон олохтоохтор ордук тыа хаһаайыстыбатын граннарын туһунан билээри, дьаһалтаҕа кэлэллэр. “Грант хайдах ылабыт, хайдах, тугу тэринэбит? Тэриннэхпитинэ, сир-уот баар дуо?” диэн ыйыталаһаллар. Төһө кыалларынан көмөлөһөбүт. Сыллата улуус кииниттэн, куораттан исписэлиистэри ыҥыран үлэлэтэбит, олохтоохторго сүбэ-ама биэрэн күүс-көмө буолаллар.
Тыыл бэтэрээнигэр – олбуор
Арассыыйаҕа Дойдуга бэриниилээх буолуу уонна Саха сиригэр Кыайыы сыла биллэриллибитэ. Манан сибээстээн, Тыараһаҕа баар түөрт тыыл бэтэрээнин дьиэтин олбуордарын саҥардыы үлэтэ бараары турар. Баһылык Святослав Васильевич: “Көннөрү чаһыы дуу, чороон дуу оннугар махталбытын уратытык тиэрдэргэ сананныбыт. Бу барыта олохтоохтор, чуолаан, эр дьон “Табык” уопсастыбаннай түмсүүтүн күүһүнэн, көҕүлээһининэн ыытыллыаҕа. Маны таһынан, саас аайы аҕам саастаахтарбытыгар, кыаммат ыалга муус ылан биэриигэ бары тэрилтэлэр өрө туран, күүс-көмө буолаллар”, — диэн олохтоохторунан киэн тутта кэпсиир.
Тыараһаҕа Петр Чехордун саҕалааһынынан “Табык” диэн нэһилиэк эр дьонун түмсүүтэ мустар эбит. Кинилэр оҕо уһуйааныгар былаһаакка оҥорбуттарын, эргэ кулуубу көтүрүүгэ көмөлөспүттэрин, суолу-ииһи өрөмүөннээбиттэрин, муоста тутуутугар, субуотунньуктарга – барытыгар көхтөөх кыттыыны ылбыттарын нэһилиэк аҕа баһылыга кэпсээтэ. Күргүөмнээх үлэни таһынан, “табыктар” нэһилиэк кырдьаҕастарын сыллата куһунан күндүлүүр үтүө үгэстээхтэр эбит.
Манна даҕатан суруйдахха, Тыараһаҕа араас хайысхалаах 15 уопсастыбаннай түмсүү баар – үҥкүү, ырыа ансаамбыллара, аҕам саастаахтар оскуолалара о.д.а.
Сыалбын толоруом
Түмүккэ сэһэргээччибиттэн: “Уон сыл быыстала суох биир үлэҕэ үлэлиир, нэһилиэги салайар – баһылыктыыр туох уустуктардааҕый?” – диэн ыйытабын. Онуоха Святослав Васильевич маннык хоруйдуур:
— Дьон саҥатын уйуохха наада эбит. Бастаан утаа өһүргэнии, хомойуу ханна барыай. Олохтоохтор баһылыгынан таллылар даҕаны бары миигин сөбүлүүллэр диэн буолбатах. Онон, билигин хас биирдии киһини өйдүүргэ, дьон баҕатын, этиитин олоххо киллэрэргэ кыһаллабын. Туруоруммут сыалбын толорорго дьулуһабын. Саҕалаабыт үлэлэрим түмүктэрин көрүөхпүн баҕарабын.
Нэһилиэгим дьоно олус түмсүүлээхтэр, уопсай дьыала туһугар ким да туора туран хаалбат. Оннук буолан, үлэ-хамнас тахсар. Олохтоохторбунан, дойдубунан киэн туттабын.
Элбэх былааннаах, олоххо саҥалыы көрүүлээх эдэр баһылыкка ситиһиилэри баҕарабыт!
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска – дьоруой тус архыыбыттан.