Маҕаһыыннар сыаналарын тэҥнээн көрдүбүт
Ааспыт нэдиэлэҕэ Хатыҥ Үрэхтиир суолга баар «Светофор» маҕаһыыҥҥа сылдьан, бэрт чэпчэки сыанаҕа убаҕас йогурту 31 солкуобайга атыыласпытым. Киһи соһуйуон иһин, «Эрмигурт» убаҕас йогурт (1,2%) атын маҕаһыыннарга 45 – 50 солк. атыыланар. Онон, чугастыы турар баар «Своя копейка» атыы-эргиэн киинин кытары бу маҕаһыын сыаналарын тэҥнээн көрдүбүт (бу маҕаһыын рекламата буолбатаҕын өйдүөх тустааххыт. Атыылаһааччыларга наада буолуо диэн таһаарабыт. «Светофор» маҕаһыыҥҥа ас көрүҥүн ахсаана лаппа аҕыйах. Ыскылаакка маарыҥныыр киин).
«Своя копейка»: «Светофор»:
«Своя копейка» | «Светофор» | ||
Рис | 72 солк. 30 харчы | Рис | 59 солк. 90 харчы |
Хойуннарыллыбыт үүт(сгущенное молоко) | 54 солк. 30 харчы | Хойуннарыллыбыт үүт(сгущенное молоко) | 35 солк. 50 харчы |
«Сайра» балык кэнсиэрбэтэ | 99 солк. | «Сайра» балык кэнсиэрбэтэ | 53 солк. 50 харчы |
Компот (клубника) | 125 солк. 70 харчы | Компот (клубника) | 86 солк. 50 харчы |
Российскай сыыр (1 кг) | 432 солк. 70 харчы | Российскай сыыр (1 кг) | 312 солк. 50 харчы |
Утах | 65 солк. 80 харчы | Утах | 30 солк. |
Мааннай куруппа | 42 солк. 50 харчы | Мааннай куруппа | 32 солк. 50 харчы |
Анивера АКИМОВА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1