Светлана Винокурова-Сырдаана кинигэтигэр санаа атастаһыы

Бөлөххө киир:

Киһи барахсан бу орто дойдуга  олох олороору кэлэр.  Онтон олох олоруу диэн уйаара-кэйээрэ биллибэт, үөрүү-көтүү үктэллээх, ардыгар түһүүлээх-тахсыылаах киэҥ хонууну, кистэнэ сытар кирбиилэри, күрүөлээх күчүмэҕэйдэри туорааһын буоллаҕа.  Онон олох кэрдииһин дабайыы — бу көнө суолунан судургу айан буолбатах…

edersaas.ru

Дьахтар киһи сүрүн анала — ыал буолан, оҕо төрөтөн утуму салҕааһын, кэнчээри ыччаттанан олоххо суолу хаалларан, аатын ааттатыы. Сырдаана   кинигэтин «Сүгүрүйэбин икки күүскэ: Тапталга уонна Тылга» диэн олус дириҥ ис хоһоонноохтук ааттаабыт. Мин саныахпар, Таптал диэн куйаар бүтүннүү тутуллан турар тутула, оттон Тыл — норуот тыына…
Светлана  бу орто дойдуга оҕо буолан күөх окко төкүнүйэн ытаан бэбээрбит сиринэн  Томпо оройуонугар баар «киирбэт күннээх дойду» Мэҥэ Алдан бөһүөлэгэ буолар. Онтон «тыа сирэ — омук олоҕун силиһэ-мутуга… бу омук олох олорор, тыыннаах хаалар күүһүн, симэһиннээх чөчөгөйүн Уолбат Ойбоно… Ийэ тыл тыа сиригэр эрэ саһан сытар, кини чөллөөҕүн тухары бу омук тыыннаах», — диэн ытыктыыр киһибит Мандар Уус суруйар.
Бу кинигэтигэр Сырдаана төрөппүттэрин тырымнас тапталларын кыымын күөдьүппүт ийэтин Акулина Николаевна аҕаларыгар Алексей Алексеевичка билсэ сылдьан суруйбут сэмэй суругунан  ааптар 60 сыл олорбут олоҕун аанын сэгэтэн ааҕааччыны  сэһэргэһэргэ, билсиһэргэ  ыҥырар.  Светлана Алексеевна бэйэтин олоҕун суолталаах түгэннэрин, кэрдиистэрин уус-уран тылынан суруйан, ааҕааччыга ыраас ытыс үрдүгэр ууран, “болҕомтолоохтук аах» диэн арыйан биэрэр.


Сырдаана олоҕо, этэргэ дылы, хатыламмат кэрчиктэртэн, кэрдиистэртэн турар: күнэ киирбэт оҕо саас, оторой-моторой саастан оттомнонон үөрэх билии кыһатыгар уһаарыллыы… олимпиадалар, күрэхтэһиилэр, экскурсиялар, субуотунньуктар, ол кэнниттэн сэбиэскэй кэм ирдэбилинэн оскуола- производство-үрдүк үөрэх, эдэр саас, диплом көмүскээн идэ ылан, улахан олох аартыгар үктэнэн тырымнас тапталга уйдарыы, ыал буолан ийэ дьолун билии, учуутал буолан уһаарыллыы…
Кини  Орто Халымаҕа үлэлии сылдьан,   1993 сыллаахха «Сыл бастыҥ учуутала» диэн күрэххэ кыттыбытыгар «Мин дойдубар куруук сайын курдук» диэн  эссе суруйбута.
Эссени киһи эрэ барыта кыайан суруйбат жанра. Эссени суруйарга ааптартан ситимнээх  ис хоһоонноох толкуй, дириҥ билии, тылы наардааһын сатабыла уонна иэйиилээх хорсун санаа ирдэнэр дии саныыбын. Бу эссеҕэ ааптар төрөөбүт дойдутугар таптала, ахтылҕана эрэ ойууламмат. Кини дьону «Ийэ сиргин харыстаа, отун-маһын маанылаа» диэн ыҥырар. Бу тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны  «Өрүстэр кэпсэтиилэрэ» диэн поэматыгар кэҥэтэн, дириҥэтэн арыйар. Сырдаана Өксөкүлээх Өлөксөй  «Өрүс бэлэхтэригэр» олоҕуран суруйбут айымньытын бэйэтэ хоһоон диэбит эрээри, бу айымньыны поэма диэтэхпинэ, улаханнык сыыспатым буолуо. Ытыктыыр киһибит, бэрэпиэссэр Варвара Окорокова «Поэма диэн лиро-эпическэй айымньы, хоһоонунан суруллар, тэнийбит сюжеттаах, арыллар характердаах» диэн «Литература теорията» диэн кинигэтигэр бэлиэтиир (41 с.).
Бу силлабическай тутуллаах поэмаҕа Сырдаана   Саха сирин саамай маанылаах  өрүһүн Элиэнэ эбэ (“Өлүөнэ эбэ», «Ирдэбиллээх ийэ», «Элиэнэ Хотун», «Хотун Эбэ», «Улуу Эбэ») лирическэй уобараһын сатабыллаахтык айар. Ааптар лирическэй дьоруой айманар иэйиитин, санаатын-онооотун, ис эйгэтин, билиҥҥи   дууһатын туругун   маннык диэн хоһуйан көрдөрөр:
Өлүөнэ эбэбит
Өтөр-өтөр
Өрүтэ тыынна,
Өҥүн-дьүһүн уларыта
Өрө түллэҥнээтэ,
Өссө маннык саҥалаах буолла:
…Дьэҥкир ыраас уубун
Дьэбиннээтилэр,
Кырыстаал ыраас уубун
Киртиттилэр,
Бэнсиини бэристилэр,
Сүлүһүнү сүөкээтилэр,
Дьааты дьаһайдылар,
Куһаҕаны куттулар.
Ол иһин
Хатыыһым хаҕынна,
Билим биллибэт буолла,
Быраҥааттам быһынна,
Сиигим симэлийдэ,
Муксуунум моһуогурда
Кэтэм кэҕиннэ, уомулум уоһунна… диэхтиир.
Ааҕа олорон  Улуу Эбэбит  дьылҕатыгар алдьархай бөҕө ааҥнаабытын өйдүүбүт, айманабыт, курутуйабыт. Өлүөнэ Эбэ кыргыттара: Өлүөхүмэ Хотун, Бүлүү Хотун (муораны оҥорон моһуоктаатылар), Аллан Хотун (көмүспүн көрдөөннөр Күндү уубун көмүскэлэ суох өлбөөртүлэр), Чаара Хотун, Майа Хотун (Уус Майа), Амма Хотун барахсаттар Ирдэбиллээх Ийэлэрин долгуйуутун айманыытын, бары да ити курдук кыһалҕаҕа кыһарыйтаран, чугастык ылынан ыксыыллар, көмө буоларга бэлэмнэр. Ааптар Өлүөнэ эбэни тулалаан олорооччулар “Сүлүһүннээх ууттан
Сүрэхтэрин астардылар,
Доруобуйаларын алларыттылар,
Чэгиэннэрин чэлкэхтээтилэр… », — диэн бу иэдээнтэн Аар айылҕабытын өрүһүйэр күүһү биир сомоҕо буолан тобулан буллахпытына эрэ  хара дьай халбарыйыа диэн бар дьонун ыҥырар. Бу айымньыга Сырдаана Өлүөнэ эбэ кыргыттарын уонна «Тобуллаҕас уолаттарын «Томпо», «Төмтөөн», «Учур» үрэхтэрин кытта кэпсэтэригэр тыыннааҕымсытыы ньыматын, ол эбэтэр киһилии быһыылаан-таһаалаан, майгылаан саҥардар уонна «ыллыыр кумах», «кыйма  массыыналар», «бүтэй тыа», «чарапчы хайа», «чаҕылыма уот», «түҥ үрэх» уонна да атын эпитеттэри хото туһанан  өрүстэр, үрэхтэр уобарастарын  сатабыллаахтык арыйар. Бу поэма  ханнык өрүскэ ханнык балык, ханнык сиргэ сиртэн хостонор баай баарын «аныгы ыччакка»  билиһиннэрэригэр олус наадалаах ыйынньык курдук эбит.  Бу айымньыны Бүлүүттэн төрүттээх  П.А.Яковлев-Хаҥыл Хара «Улуу байҕал уордайыыта» диэн хоһооно тупсаран, толорон, буолбут балаһыанньаны сытыырхатан, күүркэтэн биэрэр.
Ааптар поэмаҕа аллитерацияны хото туттара харахха быраҕыллар.
Өссө 1925 с.  Алексей Кулаковскай “Правила якутского стихосложения” диэн  ыстатыйатыгар саха хоһооно нуучча хоһоонуттан аллитерациянан уратылааҕын бэлиэтээбитэ. Аллитерация, кырдьык, норуот тылынан уус-уран айымньытыгар ырыаҕа-хоһооҥҥо, олоҥхоҕо, чабырҕахха уо.д.а. элбэхтик  туттуллара.  Билиҥҥи саха поэзиятыгар аллитерация айымньы ис хоһоонун күүһүрдэргэ, дорҕооннорун тупсарарга сатабыллаахтык туттуллар буолан эрэрэ ааҕааччыны үөрдэр. Сырдаана бу кинигэтигэр киллэрбит хоһоонноругар, тылбаастарыгар маннык көстүүнү 81-103-100-104-105-106 уо.д.а сирэйдэргэ булуохха сөп.
Сырдаана ийэ тылын уратытын тоһоҕолоон дифтоннарынан саҕаланар «Кыһын» диэн хоһоону суруйбута ааҕааччы болҕомтотун тардара саарбаҕа суох:
Үөмэхтэспит сулустарбыт
Үөрүйэхтик үҥкүүлээннэр,
Үөмэн иһэр тымныыбытын
Үөрэ-дьүөрэ көрүстүлэр.
Ыарҕа аайы, хонуу устун
Ыаһах хаарын Кыһын ыста,
Ыалыкыны сирдьиттэнэн
Ыалдьыт буолан даххаһыйда…(105-106 с.с.)

Бу хомоҕой хоһоон 5 строфаттан турар уонна хас строката барыта дифтоннартан саҕаланар. Орто таһымнаах киһи  санаммат үлэтэ…
«Билэрбит курдук,   атын омук тылынан суруллубут хоһоону бэйэ тылыгар тылбаастааһын уустуга элбэх. Тылбаастанар айымньы сүрүн санаатын, уобарастарын биэриэххэ сөп. Ону даҕаны, тылбаасчыттар ааптары уларытар түгэннэрэ үгүс. Оригиналы муҥутуурдук харыстыыр тылбаасчыттар суох буолбатахтар, холобура, Иван Арбитаны, Семен Руфовы ааттыахха сөп» (Н.Н. Тобуроков, Е.А. Архипова «Хоһоон тутулун үөрэтии төрүттэрэ» Дьокуускай , 2015с.).
Мин тус бэйэм тылбааска хаһан да санамматаҕым даҕаны, сорохтор филолог буоллун да, тылбааһы сатыыр курдук саныыллар. Ити олох сыыһа өйдөбүл. Мин саныахпар 100 киһиттэн биир-икки эрэ киһи тылбааска холонор быһылаах. Икки тылы олох үчүгэйдик баһылаабыт, элбэҕи аахпыт, дириҥ билиилээх  эрэ киһи ылсыһар эйгэтэ буоллаҕа. Сырдаана оннук дьоннортон биирдэстэрэ. «Тылбаас сүнньүнэн икки көрүҥнээх — диир  Д.Н. Федоров- Оһуохай Уола — айымньыны бэйэ тылынан хайдах өйдөөбүккүнэн уустаан-ураннаан дьоҥҥо тиэрдии уонна хоһоон сүһүөҕүн, дьүөрэтин төһө кыалларынан дьиҥнээҕэр тэҥнии сатааһын».
Сырдаана бэйэтэ ахтарынан, «Тылбааска бастакы холонуум, биллэн турар, нууччалыыттан сахалыы этэ. Дьону үтүктэн. Онно мээнэ ис хоһоонун, ол иһин сахалыыбын эмиэ рифмалыырга кыһаллыбытым. Хайдах табылларынан тиэрдии этэ. Кээмэйигэр болҕомто уурарым. Нуучча хоһоонноро бары рифмалаахтар…  Оччолорго бэйэм хоһооннорбуттан аҕыйах тылбаастаах этим. Нууччалыы хоһоон силлаботоника быраабылатынан суруллар буолан, сүһүөх, охсуу, рифма хайаан да баар буолуохтаах диэн бириинсиби тутуспутум».
Светлана Алексеевна  маҥнай утаа бэйэтин хоһооннорун тылбаастыыр этэ, онтон улам тартаран ытыктыыр поэттарын М.Ю. Лермонтов, С.А. Есенин, О.Э. Мандельштам хоһооннорун сахалыы тылбаастаабыта дьон сэҥээриитин ылбыта. Маннык улуу дьон айымньыларын тылбаастыыр эппиэтинэһэ улахана үгүс дьону салыннарар. Тылбаастыырга нууччалыы хоһоон тутулун, кээмэйин, ирдэбиллэрин тутуһан, ойууланар уобараһы таба биэрии,тиэрдии үөһээ ахтыбыппыт курдук, хаһан баҕарар ыарахаттардаах. Өссө сахалыы саҥардаргар бэйэҥ төрөөбүт тылын баайын-кыаҕын туһанан, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларынан айымньы ис хоһоонун толору биэрэ сатыахтааххын.

Выхожу один я на дорогу,
Сквозь туман кремнистый путь блестит,
Ночь тиха. Пустыня внемлет богу,
И звезда с звездою говорит. (М.Ю.Лермонтов, 1841)
Тылбаас:
Соҕотох тахсаммын турабын таас суолга,
Тумарык быыһынан аартыгым кылбайар,
Уу-чуумпу. Айбыты иһиллиир бу дуолга
Мичиҥнии сипсиһэр эбиттэр сулустар. (112 с.)
Бары таптыыр бэйээппит С. Есенин «Все живое особой метой…»  диэн   оҕо сааспытын санатар хоһоонтон быһа тардан:
И уже говорю я не маме,
А в чужой и хохочущий сброд:
«Ничего! Я споткнулся о камень,
Это к завтраму все заживет!»
Тылбаас:
Этэбин, ийэбэр буолбакка,
Иирбиттии хахаарар бөх дьоҥҥо:
«Уоскуйуҥ! Иҥнэммин оҕуннум.
Улахан буолбатах оһуоҕа» (114 с.)
Тылбаас борустуой схемата (силлабика)
3-3-3 (9)
3-3-3 (9)
3-3-3 (9)
3-3-3 (9)
Оригинал сүһүөҕэ          Тылбаас сүһүөҕэ
1. 10 9
2. 9 9
3. 10 9
4. 9 9
Бу Есенин хоһоонун сахалыы саҥардыы табыллыбыт тылбааска киирсиэн сөп … Ол иһин Жуковский Л.В. эппитин курдук, «Переводчик в прозе есть раб; переводчик в стихах-соперник».
Сырдаана тылбаастарын интэриэһиргээн, сонурҕаан  аны Борис Павлов, Индиана Феофанова, Ульяна Босикова-Сыгына, Туола Тарбыанап уо.д.а хоһоонньуттар киниэхэ сахалыыттан нууччалыыга тылбаастыырыгар көрдөһөр буолбуттара. Ол тылбаастартан бу кинигэҕэ биирдиини эрэ киллэрбит. Ким хоһоон хонуутуттан «аралдьыйан», тылбаас кытылыгар кутаа уот оттуон баҕарар бу Сырдаана тылбаастарын сыныйан аахтаҕына, элбэххэ үөрэниэн сөп эбит дии санаатым.
Кини — 2019 сылтан Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Үгүс элбэх тас дойдуга сылдьан, суоллааҕы бэлиэтээһиннэригэр олоҕурбут   «Парижка аҕыс күн» (2009 с.), «Кытай дьиктилэрэ» (2013с.), « Ыра дойдута,  ырай дойдута — Италия» (2014 с.), «Скандинавия дойдуларыгар» (2015 с.), «Неймохов дьоруойларын суолунан Санкт-Петербурга» (2015 с.), «Борис Павлов саҥа кинигэтэ» (2019 с.) уо.д.а. ыстатыйалара, улуустааҕы «Томпо илдьитэ» хаһыакка бэчээттэнэн, биир дойдулаахтарын улахан сэҥээриитин ылбыттара. Ону таһынан үгүс литературнай ырыытыылары суруйан, Светлана билигин литература эйгэтигэр биллэр-көстөр киһи. Кини тылга тапталы иҥэрбит учууталларынан Тарабукин Роман Романовиһы,  Жиркова Мария Васильевнаны ааттыыр.  Киһи олоҕор үчүгэй учууталга үөрэнии — хас биирдии киһиэхэ дьылҕатын бэлэҕэ, дьоло. Ол курдук, бу кинигэҕэ, холобура, математика учууталын Чирикова Тамара Романовна, оскуола дириэктэрин Пантелеймон Романович Дарбасов тустарынан олус да истиҥник, иһирэхтик суруллубут. Бэйэм учуутал буоларым быһыытынан, хас биирдии ахтыыны долгуйа, астына аахтым. Учууталга үөрэнээччи уонна төрөппүт махталыттан ураты туох күндү баар буолуой!..
Светлана Алексеевналыын биһиги иккиэн оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэххэ нуучча тылын учууталын идэтин ыларга  А. Е. Мординов,  Г.П. Башарин, Н.Г. Самсонов курдук бэрэпиэссэрдэргэ, К.И. Платонова, К.С. Евсеева, А.А. Бурцев курдук үрдүк үөрэх кыһатын сайдыытыгар бэйэлэрин сүҥкэн кылааттарын киллэрбит улуу учууталларга үөрэммиппит уонна саха ыччатын үөрэтэн билиигэ-көрүүгэ такайыыбыт  биһигини ситимниир эбит.  Билигин , этэргэ дылы:
«Мин идэм -учуутал үлэтэ,
Оскуола олоҕум ситимэ.
Хас уруок — мин үлэм түмүгэ,
            Олоҕум күннэҕи түбүгэ», — диэн киэн туттан этэбит.
Ааптар кинигэтин бүтэһик түһүмэҕин «Друзья обо мне» диэн ааттаабыт уонна түөрт боппуруоска аһаҕастык  эппиэттииллэригэр көрдөспүт. Ол түмүгэр Светлана Алексеевна туһунан чугас  дьүөгэлэрэ, табаарыстара маннык эппиттэр:  олоххо тардыһыылаах, тобуллаҕас толкуйдаах, дириҥ билиилээх, сыалын  ситиһэр, суруйар талааннаах, чиэһинэй, олус үлэһит, талааннаах тылбаасчыт…
Бу кинигэ сэттэ түһүмэхтэрин  дьиҥнээх дьүөгэ, дьоллоох  ийэ, уһуйаан-учуутал, хомоҕой хоһоонньут, талааннаах тылбаасчыт, сытыы бөрүөлээх суруналыыс  саха  Далбар Хотуна – Сырдаана сэмэй  муударай уобараһа көстүбэт  үрүҥ көмүс утаҕынан ситимниир уонна ааҕааччыны саҥа күҥҥэ эрэллээхтик сиэтэн илдьэр.
Светлана Алексеевнаҕа сүгүрүйэр Таптала уонна Ийэ Тыла  кынаттаах Пегас буолан айар олоҕор арылы кустук түһэрэн мэлдьи арыаллыы, араҥаччылыы, харыстыы сырыттын. Сырдаана төрөөбүт Ийэ тылын үчүгэйдик билэрэ, тыл үөрэҕин дириҥник баһылаабыта кини бэйэтэ эппитин курдук                            “Бар дьоммор айымньым дьайара бүппэтин…”
Светлана Алексеевна, эйигиттэн өссө да дириҥ ис хоһоонноох саха оҕотун сахалыы толкуйдатар айымньылары күүтэбит. Өссө да ай-тут, сытыы бөрүөҥ сыппаабатын!

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан  Светлана                          ЕГОРОВА (ГАБЫШЕВА)- ТУЛУЙХААНА, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ,

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0