Светлана Егорова «Тохтобул» диэн рубаи-хоһооннорун хомуурунньуга таҕыста
Ыам ыйын 12 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар сонун ис хоһоонноох тэрээһин ыытыллыаҕа. edersaas.ru
Филолог идэлээх, элбэх хоһооно ырыа буолан ылламмыт Светлана Егорова (Габышева) «Тохтобул» (рубаилар) диэн кинигэтэ сүрэхтэниэҕэ.
Биллэрин курдук, илиҥҥи дойдулар сөбүлээн суруйар жанрдарын – рубаины ылбычча киһи суруйбат. Ол туһунан ааптар бэйэтэ эмиэ:
«Рубаи суруйар чэпчэки дэһэллэр…
Ыраахтан сылдьаннар таах сибиэ күлэллэр.
Рубаи суруллар сокуонун билбэккэ
Борустуой хоһооҥҥо буккуйар эбиттэр», – диирэ оруннаах.
Кинигэ киирии тылыгар СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин бэлиэтээбитинии, ааптар рубаиларыгар олох элбэх көстүүтүн хаппыт. Ол курдук, кинигэҕэ киһи быһыытын-майгытын, олох мөккүөрүн, саха омук кэскилин туһунан аҕыйах строканан этэн кэбиһэр толкуйдар киирбиттэр.
Светлана Георгиевна рубаилары хайдах суруйар туһунан тустаах сүбэлэри биэрбитэ ааҕааччы киэҥ араҥатын тардыыһы.
Кэннибитин хайыһан көрөргө бокуой биэрбэт тэтимнээх олохпутугар дьонум-сэргэм уоскуйа түһэн, тохтоон аахтыннар, тустарыгар туһанныннар диэн кинигэтин «Тохтобул» диэн ааттаабыт.
Онон, ааптар «тохтобул аайы тохтоон» ааҕарга сүбэлиир рубаиларыттан билсиэҕиҥ:
х х х
«Бу бүгүн өрөбүл. Сынньана сытабын,
Чаҕылхай күн уотун сыламар ууллабын.
Дьэ, маннык түгэни эмиэ «дьол» дии санаан,
Мин тыыннаах буолартан дуоһуйуу ылабын».
х х х
«Таптыыбын диир тылларын, дьэ билинэбин,
Долгуппаттар эбит, оо дьикти, сүрэхпин.
Ол аата таптаан, мин номнуо бүттүм дуу…
«Кырдьыы» диэн биэтэк тымныы аанын астаҕым».
х х х
«Бу сиргэ ыалдьыппыт… Олохпут дьэ оннук.
Эн ону санааҕар тутума. Ол ордук.
Олоруох, ол иһин орто дойду олоҕун
Дьон-сэргэ сиэринэн. Өйдөөхтүк. Тэп курдук».
х х х
«Эдэр ыччат кутун тумаҥҥа муннарыы –
Кэлэр кэскилбит үүнэр суолун сарбыйыы.
Ийэтин тылын соруйан билбэт оҥоруу
Сарсыҥҥы сайдыыны тумнарыы, самнарыы».
х х х
«Дуоһунас… Бартыбыал кыбынар хайдаҕый?
Онтон эн дьиҥнээх сирэйиҥ ханнаный?
Эбэтэр толкуйуҥ, эн санааҥ барыта
Тойонтон туталлар буолбут дуу, хайдаҕый?..»
х х х
«Аахтым эбээт бүгүн рубаилары
Олох туһунан муударай тыллары.
Хайямы эрдэттэн мин ааҕан билбэккэ –
Куоттарбыт эбиппин дьэ хаарыан сыллары».
Светлана Егорова (Габышева) кинигэтэ ааҕааччыга бары өттүнэн табыгастаах. Ол курдук, ханна баҕарар, хаһан баҕарар сиэпкэ укта сылдьан, суолдьут сулус оҥостуҥ диэбиттии, ытыс саҕа кээмэйдээх.
Хас биирдии рубаи өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр хаартыскаҕа түһэрээччи Петр Оконешников өҥнөөх хаартыскаларынан киэргэтиллибит. В.В.Дойдуков дизайннаан, таҥан оҥорбут кинигэтэ дьэрэкээн быһыытынан-таһаатынан киһи хараҕар тута быраҕыллар. Илиҥҥи бэйиэттэр рубаиларын кинигэлэрин киэргэтэр үгэстэрэ кэһиллибэтэхтэр. Ол эрэн, дьиҥ сахалыы тыын кэлэр!
ЫСПЫРААПКА:
(Ааптар тылларыттан)
«Рубаи диэн илиҥҥи дойду литэрэтиирэтин жанра, элбэх дойдуларга биһирэбили ылбыта.
Рубаины суруйарга туспа быраабылалардаах: 1, 2, 4 строкалар рифмалара дьүөрэлэһиэхтээхтэр, үксүн 12 сүһүөхтээх строкаттан тураллар. 3-с строка рифмата көҥүл. Ол эрээри, сүһүөҕэ атын строкалартан биир сүһүөҕүнэн кыра эбэтэр биир сүһүөҕүнэн элбэх буолара ирдэнэр. Ол эрээри, сорох түгэҥҥэ тэҥ сүһүөхтэрдээх уонна рифмалардаах рубаины эмиэ көрсүөххэ сөп. Рубаи үһүс строката айымньы ис хоһоонун арыйарга улахан оруоллаах. Рубаи 4 строкаттан да турдар, сиппит-хоппут айымньы буолуохтаах уонна хайаан да ирония баар буолара ирдэнэр. Ол суох буоллаҕына, көннөрү хоһооҥҥо кубулуйар».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru