Сварщик идэлээхтэр күннэрэ

26.05.2017
Бөлөххө киир:

Сварщик идэтэ куруук баар буолуоҕа, хаһан да сүтүө суоҕа. Ханнык баҕарар оҥорон таһаарар салаа сварщиктара суох сатаммат. Промышленность, коммунальнай хаһаайыстыба, дьиэни тутуу, массыынаны оҥоруу…

Сварщик Александр Калачев: «Идэбин олус сөбүлүүбүн»

 Тэлгэһэттэн ырааппакка холобурдуур буоллахха, тыа сиригэр сварщик, тырахтарыыстартан саҕалаан хотуура тостубут отчут оҕонньорго тиийэ өрүү ыйыталаһар, өрүү соруһар киһилэрэ. Онон сварщик күн иллэҥэ суох үлэһит буолар. Аны туран, тыа сиригэр саҥа чааһынай дьиэ ититэр ситимин тардыыга хайаан да сварщик илиитэ тиийиэн наада.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Ыам ыйын 26 күнэ анал күн быһыытынан бигэргэнэ илигэ биллэр. Дьиҥэр, бу күнү XX үйэ 90-с сс. бэлиэтииллэр эбит. 1802 сыллаахха нуучча учуонайа Василий Петров «эффект электрической дуги» диэни айбыт, ол эбэтэр икки электроду утарыта туттахха, тимири уулларар, сиир үрдүк температура үөскүүрүн билбит.
Түгэнинэн туһанан, Саха сирин сварщиктарын ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит уонна «Сахатранснефтегаз» АУо тутар-таҥар управлениетын биир уопуттаах, үрдүк категориялаах сварщига Александр Калачевы кытта кэпсэппиппитин таһаарабыт.
Александр — 6-с разрядтаах сварщик. Сыбааркаҕа аттестациялыыр национальнай хамыыһыйа (НАКС) түмүгүнэн, кини ньиэп салаатыгар биэс сүрүн ирдэбили ааспыта үрдүк таһымнааҕын кэрэһилиир.
— Александр Петрович, идэлээх күҥҥүнэн эҕэрдэ! Эн үлэлээбитиҥ тухары төһө уһуннаах турбаны холбообутуҥ буолла? Хантан төрүттээххин кэпсии түс эрэ.
Дьэ, билбит суох. Төһө уһуннаах турбаны сыбааркалаабыппын аахпыт да суох. 1992 сылтан сварщиктыыбын. Күн сирин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тарат нэһилиэгэр көрбүтүм. Аармыйаҕа этэҥҥэ сулууспалаан кэлэн, дойдубар сопхуоска үлэлээбитим. Нэһилиэк дьаһалтатын быһаарыытынан, Дьокуускай куоракка электросварщик идэтигэр үөрэнэ барбытым. Ити саҕана сварщик буолар туһунан толкуйдаабат да этим, атыттар курдук үрдүк үөрэхтэниэхпит баҕарарым. Ол гынан баран, испэр ити идэ миэнэ диэн саныырым. Тоҕо диэтэххэ, тиэхиньикэҕэ оҕо эрдэхпиттэн сыстаҕас этим, тугу баҕарар оҥорор, уһанар кыахтааҕым. Ол иһин буолуо, үөрэнэ тиийээт, идэбин олус сөбүлээбитим уонна умсугуйан туран үөрэммитим. Билигин миигин ити идэҕэ үөрэттэрэ ыыппыт дьоҥҥо ис сүрэхпиттэн олус махтана саныыбын. Үөрэхпин бүтэрэн баран, дойдубар кэпэрэтиип хаһаайыстыбатыгар, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа сварщиктаабытым. Итинэн эрэ муҥурдаммакка, салгыы улахан эбийиэктэргэ үлэлиир баҕа санаалааҕым.
Ол баҕа санааҥ туолбут быһыылаах.
Тыа сиригэр үлэлии сырыттахпына, 2003 сыллаахха «Ленагаз» генеральнай дириэктэрэ Константин Федоров сварщигынан ыҥырбытыгар, биир-биэс тыла суох сөбүлэспитим. Үлэ күөстүү оргуйар тэрилтэтигэр биирдэ баар буола түспүтүм. Ити кэмҥэ Өлүөнэ өрүс аннынан барыахтаах гаас утаҕын тардыы күүскэ бара турара. Миигин ити үлэҕэ тута сыһыарбыттара. Хатастан Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар диэри гаас утаҕын тардыыга түүннэри-күнүстэри үлэлээбиппит. Билигин санаатахха, улахан уонна олус эппиэтинэстээх үлэни үмүрүппүт эбиппит.
Сыбаарка үлэтэ манан аҕай дьыала буолбатаҕа буолуо. Улахан болҕомтону уонна эппиэтинэһи эрэйэн эрдэҕэ?
Оннук. Гаас турбатын сыбааркалыыр улахан эппиэтинэһи эрэйэр уонна күнү быһа атахха тура тэбинэн туран үлэлииргэ күүс-уох наада. Холобур, күҥҥэ 8-10 турба ыпсыытын сыбааркалыыбыт. Бу ыпсыыны анал үлэһиттэр кэннибититтэн батыһа сылдьан бэрэбиэркэлииллэр. Гаас турбатын сыбааркалыыр уустук үлэ эрээри, олус интэриэһинэй.

* * *

Александр Петрович ис иһиттэн олус сэмэй киһи. Бэйэтин туһунан кэпсиирин сөбүлээбэтэ өтө көстөр. Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ кэпсииллэринэн, Саха сиригэр гаас ситимин тардыы үлэтигэр барытыгар кыттыспыт. Кыһын тоҥору-хатары билбит, өҥүрүк куйааска буһары-хатары барытын ааспыт. Бу идэҕэ 20-тэн тахса сыл үлэлээбит буолан, уопута, үөрүйэҕэ сөҕүмэр улахан. Ол уопутун хам баттаан баран сылдьыбакка, эдэр сварщиктарга өрүү сүбэ-ама, ыйан-кэрдэн биэрэн көмөлөһөрүн бииргэ үлэлиир үөлээннээхтэрэ этэллэр. Соторутааҕыта кини 55 сааһын үбүлүөйдээбит. Кэргэнэ Наталья Николаевналыын икки кыыс оҕону күн сиригэр көрдөрөн, улаатыннаран, билигин күннэри-ыйдара уол сиэннэриттэн тахсар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0