Суут ыстараабын анаан туран, холуобунай эппиэтинэстэн босхолооһун диэн тугуй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

2016 сыл муус устар 3 күнүгэр тахсыбыт  “РФ Холуобунай кодексатыгар уларытыы туһунан” федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, суут ыстараабын анаан туран, холуобунай эппиэтинэстэн босхолооһун бэрээдэгин олохтуур 76.2-с ыстатыйа олоххо киирдэ.

edersaas.ru

Бу холуобунай эппиэтинэстэн босхолооһун (холуобунай дьыаланы эбэтэр холуобунай эккирэтиини ууратыы) төрүөтэ буолар. Маннык уураах тахсыбыт киһитэ син биир буруйдааҕынан ааҕыллар эрээри, холуобунай накаастабылы буолбакка, холуобунай-правовой миэрэни – суут ыстараабын — ылар.

Маннык миэрэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥардыы киирэн эрэр. Холобура, 2016 сылга барыта 18 киһи суут ыстарааба ананан, холуобунай дьыалата уурайбыт эбит буоллаҕына, 2017 сылга 118 киһиттэн Чурапчыга — 3 киһи. Бу сылга ити сыыппара эмиэ улаатара буолуо.

Мантан сиэттэрэн, уорбаланааччыны холуобунай эппиэтинэстэн босхолоон, суут миэрэтинэн, ол эбэтэр, ыстараабынан солбуйуу диэни быһаарар тоҕоостоох.

Ол курдук, РФ Холуобунай кодексатын 104.4 ыст. 1 чааһынан суут ыстарааба – холуобунай-правовой миэрэни (суут ыстараабын) анаан туран буруйдааҕы холуобунай эппиэтинэстэн босхолооһун буолар. Суут ыстарааба холуобунай накаастабыл быһыытынан сыаналаммат, буруйдаахха сууттаныыта суох буолар. Харчынан ирдээн ылыы (ыстараап) холуобунай-правовой хараахтырдаах миэрэ буолар.

РФ Холуобунай кодексатын 76.2-с ыстатыйатын ис хоһоонугар олоҕуран этиллибит быһаарыы ылыллыан сөп, өскөтүн буруйдаах дьыалатын бастакытын оҥорбут уонна оҥорбут буруйа кыра биитэр орто буруйдарга киирсэр буоллаҕына, оҥорбут хоромньутун толору төлөөбүт биитэр буруйун атыннык сымнаппыт буоллаҕына.

РФ Холуобунай кодексатын 15 ыстатыйатынан, ыарахана суох буруйу оҥорууга 3 сылтан ордуга суох көҥүлү быһыынан накаастанар соруйан уонна сэрэҕэ суохтан оҥоһуллубут дьайыы билиниллэр.

Оттон орто буруйу оҥорууга муҥутаан 5 сылтан ордуга суох көҥүлү быһыынан накаастанар соруйан оҥоһуллубут дьайыы уонна 3 сылтан саҕалаан көҥүлү быһыынан накаастанар сэрэҕэ суох дьайыы билиниллэр.

Уорбаланааччы (буруйданааччы) оҥорбут хоромньутун төлөөбөтөх эбэтэр атыннык сымнаппатах буоллаҕына, холуобунай эппиэтинэстэн босхоломмот.

Холуобунай дьыаланы (холуобунай эккирэтиини) ууратан, суут ыстараабынан солбуйууну бэйэтин көҕүлээһининэн эбэтэр өрүттэр туруорсууларынан быһаарыан сөп.

Силиэстийэлээччи суут ыстараабын аныыр туруорсуута суутунан 10 хонук иһигэр көрүллүөхтээх.

Бэлиэтээн эттэххэ, уорбаланааччыга (буруйданааччыга) холуобунай дьыаланы (холуобунай эккирэтиини) ууратыы туһунан быһаарыы уонна киниэхэ ыстараабы анааһын суут эбээһинэһэ буолбакка, суут бырааба буолар.

Буруйдаах ыстараабын төлөөбөтөх түгэнигэр, толорооччу суут бириистэбин киллэриитинэн, суут холуобунай дьыаланы (холуобунай эккирэтиини) ууратыы уонна ыстараабы анаабытын туһунан уурааҕын көтүрэр. Итиэннэ силиэстийэ салаатын салайааччытыгар эбэтэр борокуруорга барыллааһын силиэстийэни хаттаан көбүтэргэ дьыаланы ыытар.

Иван Ядреев, Чурапчы улууһун борокуруора.

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0