Суумкаҕын оптуобуска хааллардаххына…

Ааптар: 
14.11.2017
Бөлөххө киир:

Айаҥҥа, суолга сылдьан дьалаҕай буолар олус эрэйдээҕин бары билэбит. Дьэ, ол курдук оптуобустан түһэргэр ыксаабыта буолан суумкаҕын эбэтэр малгын хаалларан кэбистэххинэ тугу гыныаҥ этэй?

edersaas.ru

Бастакы киһи “02” эрийиэм диэҕэ. Иккис киһи дьиэбэр тиийэн баран ханна хаалларбытын толкуйдуу сатыаҕа, бэйэтин буруйдана саныаҕа.
Хас да сыллааҕыта 18-с нүөмэрдээх оптуобустан түһэрбэр дьоҕус эрээри, наадалаах маллаах бакыаппын хаалларан кэбистим. Өрөбүл күн буолан, оптуобуска киһи аҕыйах этэ. “Столичнай” ырыынакка түһээт, дьэ, бабат диэтим. Киһи суох буолан, оптуобуһум айаннаан “бурҕас” гынан хаалла. Уолуйдум. Онтон абырыахтара диэн “02” эрийэ оҕустум. Диспетчер дуу, дьуһуурунай дьахтар дуу бэрт уһуннук ыйыталаста. Хата, ол кэмҥэ бириэмэ бөҕөбүн сүүйтэрдим быһыылаах. Онтон ити ыккардыгар 18-с оптуобус эмиэ кэллэ. Бу сырыыга хамсанным, тута оптуобуска киирдим. Суоппартан көрдөстүм. Рациянан эрийэн инники оптуобус суоппарыгар эт, бакыаппын хаалларбыппын диэтим. Онуоха суоппарым бастаан ыарыах-чэпчиэх курдук буолан баран, эрийдэ. Суоппар пассажирдартан сиргэ бакыат турар дуо диэн ыйытар саҥата иһилиннэ. Дьолго, баар эбит.
Онон Ленин болуоссатыгар тоһуйан ылыам, тиһэх тохтобултан эргийэн кэлэригэр диэн илдьиттээтим.
Ити курдук, суоппар рациятын көмөтүнэн малбын булан, “һуу” гынан турабын. Оптуобустар диспетчерскэйдэригэр эрийэн оптуобуһум суоппардарыгар махтаммытым. Ыксаллаах түгэҥҥэ маны туһаныахтара диэн сүбэлээтим. Малгытын умнумаҥ, доҕоттоор!

Женни Стрюкова, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0