Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчыларынан, бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 24 709,0 га иэннээх 9 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ ыытыллар.
Ол курдук баһаардар Уус Маайа, Өймөкөөн, Томпо, Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Мииринэй улуустарыгар бааллар.
Уопсайа 6 317,0 га иэннээх үс баһаар Хаҥалас, Мииринэй, Сунтаар улуустарыгар бохсулунна.
Баһаары утары охсуһууга 1031 киһи уонна 112 техника үлэлиир.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1