Суукка иһигэр тоҕус ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бүтэһик сууккаҕа тоҕус ойуур баһаарын умуруордулар. Барыта 9 771 га иэннээх уот Алдан, Томпо, Сунтаар, Мииринэй оройуоннарыгар тохтотулунна. Саҥа баһаар баара бэлиэтэммэтэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн билиҥҥи кэмҥэ 260 360 га иэннээх 46 ойуур баһаара баар: Уус Майаҕа — 19, Алдаҥҥа — 12, Эдьигээҥҥэ — 4, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Өймөкөөҥҥө — 2-лии, Сунтаарга, Орто Халымаҕа, Нерюнгригэ, Томпоҕо, Өлөөҥҥө — 1-дии. Былырыын баччаларга 3 717 456,5 га иэннээх 156 ойуур баһаара баара.

Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Орто Халымаҕа, Сунтаарга, Уус Майаҕа 70 221 га иэннээх 10 баһаары умуруора сылдьаллар.

Суукка иһигэр 30 006 га иэннээх алта баһаар Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Орто Халымаҕа, Сунтаарга, Уус Майаҕа бохсулунна.

Айылҕа харыстабылыгар 760 киһи, 57 тиэхиньикэ үлэлиир диэн Суһал ыстаап иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0