Суукка иһигэр үс саҥа ойуур баһаара күөдьүйдэ
Атырдьах ыйын 30 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ Уус Маайа улууһугар икки уонна Орто Халымаҕа биир ойуур баһаара бэлиэтэннэ.
Бу үс баһаар ааспыт сууккаҕа турда. Төрүөтэ — этиҥтэн. Уопсайа 2,5 га иэннээх баһаардары умуруорууга 26 киһи үлэлиир.
Былырыын бу кэмҥэ уопсайа 238 915 га иэннээх 23 ойуур баһаара баара.
edersaas.ru
0
0