Суукка иһигэр икки баһаары умуруордулар

Бөлөххө киир:

«Авиалесоохрана» тэрилтэ дааннайынан, ааспыт сууккаҕа 18,5 га иэннээх 2 ойуур баһаара баара биллэр.

Бу баһаардары умуруорууга 26 киһи, 4 тиэхиникэ үлэлээтилэр. 42 киһилээх 10 патрульнай бөлөх хонтуруоллуур. Кинилэр үлэлэрин түмүгүнэн административнай быраабы кэһиигэ 5 боротокуол оҥоһуллубут, 96 киһиэхэ баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан инструкция аахпыттар.

Ол түмүгэр 2 баһаары умуруорбуттар, умайыы иэнэ 17 гектаарынан көҕүрээбит. Баһаары утары ураты эрэсиим Өймөкөөн, Таатта, Томпо, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Сунтаар улуустарыгар үлэлиир диэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин кылаабынай управлениета иһитиннэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0