Суукка иһигэр 6 баһаары умуллардылар

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 13 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 63 ойуур баһаара баар. Суукка иһигэр 28,3 тыһыынча гектар иэннээх 6 баһаары умуллардылар. Барыта 441 киһи, 71 тиэхиньикэ үлэлиир.

Нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаан, ыксалы үөскэппит баһаар суох диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрэр. Чурапчы улууһугар биир баһаар сэлиэнньэттэн 10 килэмиэтирдээх сиргэ умайар. Уус Маайа улууһугар 8 ойуур баһаара баар, онно сүрүн күүһү түмпүттэр. Манна барыта 120 киһи, 17 тиэхиньикэ күүскэ үлэлиир. Суукка иһигэр  саҥа баһаар көһүннэ. Барыта 8 улууска (Таатта, Горнай, Бүлүү, Уус Алдан, Нам, Чурапчы, о.д.а.) баһаары утары охсуһаллар.

Бүлүү улууһун Күбэйиҥдэ бөһүөлэгэр ЫБММ исписэлиистэрэ үлэлииллэр. 4 бөртөлүөт 40 көтүүнү оҥорон, 120 туонна ууну баһаары умуруорарга кутта. Ону тэҥэ, “Полярные авиалинии” хампаанньа бөртөлүөттэрэ дьону таһарга, кэтээн көрүүгэ эмиэ үлэлииллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0