Суукка иһигэр 17 баһаар бохсулунна

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр барыта 220 сиргэ ойуур баһаара бара турар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна уу, уот ситимин курдук наадалаах эбийиэктэргэ куттал суоһаабат.

Бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников бүгүн сарсыарда иһитиннэрбитинэн, 58 сиргэ ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар, манна 2029 киһи уонна 251 тиэхиньикэ үлэлиир. Кинилэр суукка иһигэр 17 сиргэ баһаары бохсубуттар. Ону таһынан 15 сиргэ баһаар тохтотуллубут, икки сиргэ саҥа уот күөдьүйбүт.

“Ыксаллаах быһыы-майгы уонна оборона министиэристибэлэрин сөмөлүөттэрэ кэлэн улуустарга үлэлии сылдьаллар. Бүгүн өр кэтэспит ардахпыт кэллэ. Онон ардах түспүт сирдэригэр баһаар аҕыйыа диэн эрэнэбит”, – диэн этэр Дмитрий Садовников.

Билигин Горнай улууһугар баар ойуур баһаардара сүрүн болҕомтону ирдииллэр.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0