Суудуналар уһуктан эрэллэр

Бөлөххө киир:

“Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство”  алын сүһүөх тэрилтэлэригэр былдьаһыктаах күннэр үүннүлэр. Кыһыны быһа  хам тоҥон турбут суудуналары муус билиэниттэн босхолууллар.  Онон, быйылгы навигация бэлэинэнии биир эппиэтинэстээх  түһүмэҕэ түмүктэнэн эрэр.

edersaas.ru

Суудуналары муустан босхолооһун  үлэтэ бэйэтэ туспа уратылаах. Ханан эрэ, ювелирнай үлэни санатар. Сыыһа-халты тутуннуҥ да, устар ааллар салбахтарын алдьатыаххын, биитэр уу тахсан  хат тоҥон хаалан икки бүк үлэҕэ тэбиллиэххин сөп. Онон эрдэтинэ барытын кээмэйдээн, көрөн-истэн баран биирдэ мууһу аллараллар.

Пароходство флоту тиэхиньиичэскэй эксплуатациялааһыҥҥа сулууспата иһитиннэрбитинэн,  Осетрово пуордугар баар устар ааллары  100%, в Киренскэйгэ 96,5%, Өлүөхүмэтээҕи судоходнай учаастакка  90%  муустан босхолообуттар. Оттон Пеледуйдааҕы  БТЭФ-кэ 10 суудунаны бэлэмнээбиттэр.

Бу кэнниттэн муустан босхолооччулар үлэни аны суудуналары өрөмүөннээччилэргэ  туттарыахтара.

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0