Суудуналар сырыылара алтынньы 16-18 күннэригэр тохтуура сабаҕаланар
Кэлэн иһэр аата кэлэн иһэр. Халлаан тымныйар. Ону кытта өрүстэргэ суудуналар сырыылара эмиэ хааччахтанар.
Быйылгы навигация түмүктэнэрэ чугаһаата. Саха сиринээҕи гидрометкиин иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай аттынан Өлүөнэ өрүс мууһа алтынньы 15-17 күннэригэр турара күүтүллэр. Онон киин өрүстэргэ суудуналар сырыылара алтынньы 16-18 күннэригэр тохтуоҕа. Ол курдук, Өлүөнэ өрүскэ Дьокуускай – Аллараа Бэстээх уонна Кангаласс – Суотту хайысхаларынан алтынньы 16-18 күннэригэр паромнар сырыылара хааччахтаныаҕа. Бу – күн-дьыл туругуттан уларыйыан сөп. Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан аҕыйах суудуна буксирдар көмөлөрүнэн үлэлиэхтэрэ. Итини тэҥэ, Жатай – Төхтүр хайысханан халлаан лаппа хам ылыар диэри суудуналар «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» АУо ледокола арыаллаах таһаҕаһы тиэйиэхтэрэ.
edersaas.ru