Сиэнньискэ ыал аҕата, эһэтэ да буоллар оҕо аатынан Сиэнньискэнэн ыҥыраллар. Баҕар ол иһин буолуо, ыраас сэбэрэтин, оҕолуу аһаҕас майгытын ыһыктыбакка сылдьар. Мэктиэтигэр күн дьыл хаара-өксүөнэ кинини тумнар курдук.
“ИП” тэриниэҕиттэн, кыһынын унтуу улларан быр бааччы олорор. Сайын – айылҕа оҕото. Хантан үөрэммитэ буолла, устар сайыны быһа күөллэргэ балык ыытан үөскэтэр дьарыктаах. Балыктарын оҕо курдук бүөбэйдээн иитиэхтиир уонна ырыынак буоларынан илимнээн, от күүстээх үлэтин кэмигэр: “Норуот аччыктаата дуо?” диэбитинэн үөрэн мытырыйан кэлэрэ – туһугар үөрүү, онон үлэттэн аралдьыйбакка балык бэйэтин дьаалатынан кэлэ турара – эриэккэс.
Ыытыы балык төлөһүйэр, уойар. Олохтоох балык курдук биир туругу тута сылдьыбат, хайа уонна Сиэнньискэҥ сыаната чэпчэки, өссө онно эбии куруук ылар дьоҥҥо чэпчэтии көрүллэр. Онон дьон хайҕалын махталын ылыан ылар.
Саас-күһүн сиэр быһыытынан куска сааланар, сааһын тухары Сутуруолаах күөлүгэр сытар. Куруук айылҕалыын алтыһар киһи, айылҕа дьиктилэригэр түбэһэрэ ханна барыай.
Анды кэмэ. Кусчут ытынаан балааккаларын ыга саптан утуйардыы оҥостон сыталлар. Тыа суугунас симик тыаһа, чыычаах ырыата-тойуга, сибиэһэй салгын андыһыттары уу нууралга кууһан ылла. Сиэнньискэ уутун быыһынан иһиттэҕинэ суол устун ыт ньаҕыйа-ньаҕыйа сүүрэн иһэрэ иһиллэр. “Хантан манна ыт кэллэ,” – диэн санаа охсуллан ааста, онтон чыпчаххай түгэнэ “ытым балаакканы алдьатан тахсара буолуо ” дии санаат, сэргэхсийэн хаалар. Ыта тугу да билбэккэ утуйан буккуруу сытар, таһырдьааҥҥы ыт үрэр да үрэр. Балаакка туһаайыытынан кэлээт “кух-хах” диэт кукууктуу-кукууктуу кэҕэ буолаат, ааһа көтө турда.
Сиэнньискэ уйулҕата хамсаан, сээбэҥнээн уута көтөр. Сатаан тулуйан сытыа суох буолан дурдатыгар киирэн олорор. Санаата били ыт кэҕэ буолбутуттан арахпат. Баҕарбатаҕын да иһин, куһаҕан санаалар өйүн атыйахтаах уулуу ытыйаллар. Ситэ уонча мүнүүтэ буолбат, киһи сымыйанан кэпсээбитин курдук, алта анды эргийбэккэ да эрэ мончуугар кэлэн ууну күдээриппитинэн барылаһа түһэллэр. Соҕотох киһи ханна өрүскэлэһиэй, олохтоохтук оҥостон, хоһулаһыннаран баран биири да көтүппэккэ, хаптаччы ытыалаан кэбиһэр. Киһи тылынан сатаан эппэт, булчут эрэ билэр, үлүскэн үөрүүтэ ыт-кэҕэни үтэйэн кэбиһэр. Дьэ, онтон өйүн-төйүн булан кэҕэтин санаан үчүгэй биккэ биллибитин өйдөөн, уотун отто охсон бэйэтэ хайдах сатыырынан алҕаан айах тутар.
Дьэ, итинник айылҕаҕа истиҥник, чугастык сыһыаннаһар киһиэхэ Айгыр Силик айылҕа барахсан булдуттан өлүүлүүр буолар эбит. Оннук дьону биһиги “Байанайдаах булчут” диибит.
***
Сутуруолаах күөлү үрэх быһа охсон ааһар. Бу, Туйма үрэх Уус Алдан улууһун ортотунан хайа суруйан аата-ахсаана биллибэт күөллэри оҕуруо курдук тиһэн, Өлүөнэ өрүскэ түһэр. Үрэх угут сылларга күөллэри нүөлсүтэн, кэмиттэн кэмигэр балыктарын күөллэртэн көһөртөөн тупсарар айылгылаах. Ол да иһин үрэх күөллэрэ уолан уостан хаалбаттар.
Сутуруолаахха былыр дьон бэркэ ууһаан-тэнийэн төбүрүөннээн олорбуттара. Билигин даҕаны өтөхтөр сэмнэхтэрэ, иҥнэри барбыт сэргэлэр, эргэ киһи уҥуохтара ааспыт кэм кэрэһитэ буолан тураллар.
Сиэнньискэ уолун Сэмэнчиги борбуйун көтөҕүөҕүттэн булка илдьэ сылдьар. Уолчаан айылҕаҕа сыстан, сааскы куска сытан фотоаппараатын илиититтэн араарбакка сөбүлүү көрбүт түгэннэрин хаартыскаҕа түһэртээн чаллырҕатар. Төһө да хотугулуу бултуйбаталлар, дойду дьонун сиэринэн сөбүгэр бултуйан, кус көҥүлүн сабан, айылҕаттан күүс-күдэх ылан дьиэлэригэр көһөн күккүрээн киирэллэр.
Киэһэ аһылыгы кэтэһэ таарыйа Сиэнньискэ дьыбааҥҥа сытан «уолум тугу түһэрэр эбит» диэн хаартыскалары көрүтэлээбит. Арай биир каадырга дүлүҥҥэ икки эр киһи олороро, аттыларыгар маҥан ырбаахылаах, маҥан былааттаах, илиитигэр ыаҕайалаах дьахтар кырыытынан турара баар эбит. “Бээ эрэ, бу, дьон хантан кэллилэр?” диэн дьиктиргээһин буолар. Дьиэлээхтэр көрүү-истии, таайыы үлүскэнигэр түһэллэр. Онтон өйдөөн көрбүттэрэ Сутуруолаах өтөҕө эбит. Дьиибэргээһин өссө дириҥиир. Көмпүүтэргэ бырахтаран чуолкайдык көрөөрү үмүөрүһүү буолар, арай көмпүүтэргэ өтөх эрэ баар, дьонноро суохтар. Тугун дьиктитэй?.. Онтон хаартысканы уол оҕото Сэмэнчик сотторо охсон кэбиспит. Бүттэхпит. Кэнники ол өтөҕү араастаан түһэрэ сатаабыттар да, дьоннор көстөн кэлбэтэхтэр. Дьиибэ…
Онон ханна да сырыттаргын, эйигин көстүбэттэр көрө-истэ сылдьаллар эбит. Ол да иһин айылҕаны сиэрэ суох алдьатар, куорҕаллыыр иэстэбиллээх буоллаҕа…
***
Биир саас Сутуруолаахха табаарыһынаан куска сыттылар. Тымныы саас буолан, уу тахсыбакка айан куһа өрүс сүнньүн тутуһан, алааска сытааччылар ытыстарын сотуннулар.
Күн күөрэйэ ойуута, сааһыттар ырдьаччы тоҥон, ууларыгар аҥаарыйан олордохторуна аттаах дьон саҥалара сүрдэнэ түһэр. Аттар үрэҕи бардырҕаччы тэпсэр тыастара, тыбыыраллара чуолкайдык иһиллэр. «Сылгыһыттар сырыттахтара, хата отууга тахсан, итии чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро сэһэргэһэн, сонун истиэхпит», — диэн күлүктэригэр имнэнэллэр. Бу кэмҥэ үс тыйаах көҕөн күөлү эргийэ көтөллөр. «Дьонтон үргэн түспэт буоллулар», — дэһээт, күөрэтэн иккини хааллараллар. Аттаах дьон кус эрэ, саа тыаһа эрэ, онно эрэ кыһаммакка биир кэм саҥарса-саҥарса алааска киирбэккэ, халдьаайы суолунан тыа үөһүгэр киирэн бара тураллар. Чуолкай тугу кэпсэтэллэрэ иһиллибэт, биир кэм дабдыгыраһаллар. Аны баччаларга үрэх уута суох. Дьиибэргээһин буолар, онтон Сиэнньискэ санаата батарбакка баран көрөргө сананар. Үрэх кумаҕынан көрө сытар, аттар ааспыт суоллара суох. Ама дьон эбиттэрэ буоллар, саатар саа тыаһыгар чуумпуруо этилэр. Хайа уонна кэпсэтэн да ааһыа этилэр буоллаҕа. Дьикти…
Сотору табаарыһын аҕата өлөн хаалар. Онно Сиэнньискэ били, сааскы түбэлтэни санаан кэлэр. Көстүбэттэр куһаҕаны түүйэн биллэллэр эбит.
***
Куондуйа нэлэйэн-хотойон киэҥ алаас. Куһу бэйэтигэр тардар, кус быһа ааспат күөллээх. Сааскы куска күөл тулата дурда буолар, маччыыт арааһа бачыгырыыр.
Куондуйалыыр суол Ойбоҥко диэн сир алааһын кыйа ааһар. Ойбоҥко нэлэмэн алаас ортотугар алаадьы курдук күөллээх. Бу күөлгэ бултуйбут иһиллибэт. Үөмээйитэ суоҕа бэрт, онон барыҥныыр баар буолла эрэ, кустар, кый ыраахтан, кыырай халлааҥҥа көтөн куһугураһаллар.
Саас, мас кэрдээччилэр алаас саҕатын дэлби ыспыттар-тохпуттар, отууламмыт сирдэрэ көрүөхтэн сүөргү, эгэ, мутуктарын чөмөхтүөхтэрэ дуо? Курус көстүү.
Сиэнньискэ Ойбоҥкоҕо кэллэҕинэ бу ыһыллыы-тоҕуллуу хараҕын аалар, дууһатын моруу гынар. Сиэнньискэ ис-иһиттэн чэнчис, ыраас туттунуулаах киһи, этэргэ дылы, оннооҕор тэлгэһэтигэр атаххын соттон киирэҕин. Оннук киһи ханна баҕарар ыраастык туттар. Санаата батарбакка, биир күн бөхтөрү хомуйан-ыраастаан, наһаа харахха быраҕыллар мутуктары чөмөхтөөн кэбиһэр.
Биирдэ Бурнаһыап Сааскалыын УАЗигынан элээрдэн иһэн, Ойбоҥко күөлүгэр кустар олороллорун көрөн, суолтатыгар үөмэн көрөргө сананаллар. Бастаан бөкчөйөн иһэн аттыыллар, онтон кустар көппөтөхтөрүттэн эр ылан быардыы сыыллаллар. Киирэн икки мородуну, үс чыркымайы хааллараллар. Сааска омун-төлөн киһи бэри диэн бэркиһиир. Биир кэм “хайдах манныгый, хайдах манныгый?” бөҕө буолар. Онуоха Сиэнньискэ алаас бөҕүн ыраастаабытын кэпсээбитигэр, алаас иччитэ “махтаммыт быһыылаах” диэн түмүккэ кэлэллэр. Онтон ыла Сааска эмиэ сири-дойдуну ыраастыы сылдьар идэлэннэ. «Санаабар хайдах эрэ бултуйар курдук буоллум» диирэ иһиллэр уонна кини үтүө холобурун батыһалларыгар ыҥырар.
***
Кута Тулумаайы аатын курдук кута буолбатах. Сылгы, сүөһү көҥүл уулуур кытаанах кытыллаах. Күөлэ байҕал буолуон иннинэ Суотту дьонун көмүс хатырыктааҕынан хас да сыл аһаппыта. Бөһүөлэктэн чугас, айан суолун кытыыта буолан сүрэхтээх эрэ барыта көҥүл муҥхалаан, илимнээн барара. Кэлбит киһи – киэһэ аһын булара. Ити үлүгэрдээх кыһыннары-сайыннары булкуйууга балыга эстибэтин киһи сөҕөр.
Хас кэлбит-барбыт балыксыт бырахпыт бааҥкалара, бытыылкалара, салапааннара тыа саҕатыгар хайыр курдук мунньуллан, сыбаалкаҕа кубулуйар. Эбиитин дьалаҕай сыһыантан уот баран Кута Тулумаайы тыатын хара хоруо оҥорор. Хара тыа куруҥахха кубулуйан уокка оттуллар мас бөҕө кэрдиллэр. Сииги тутар ойуур суох буолан, сирэ ирэн, күөлэ тыатын саҕатыгар тиийэ ууланар, уутугар күл-көмөр буккуллан, балыга кэннин хайыһан көрүөр диэри ырар. Балыктаан бүттэхпит.
Алаас бэйэтин киэбин ылан олордоҕуна 4 – 5 ыал сыл тахсар отун холкутук булар, оттонор сирдээҕэ. Сирэ сииктээх буолан, хайа да курааны билиммэккэ ото сытыар дылы үүнэрэ. Ол барыта уу анныгар бардаҕа.
Күһүн. Сиэнньискэ куруҥах кэрдинэр, кэппит маһын бортобуой УАЗигар тута тиэйэн иһэр. Ол быыһыгар идэтинэн бөҕү хомуйан кууллуур уонна төннөрүгэр аара нэһилиэк сыбаалкатыгар быраҕан ааһар. Оннук кэлэ-бара дьарык оҥостор. Арай, мас эрбээн тирилэтэ сылдьан көрдөҕүнэ, күөл ортотугар үс анды уста сылдьар эбит. Андылар үөскэ сылдьар буоланнар, масчыт ээр-сэмээр кытыылыылларын кэтэһэ таарыйа ордук хос тыас таһаарбакка мутуктарын чөмөхтөөбүтэ буола сылдьар. Кустар кэлэр-барар массыыналартан тыаһырҕаан кытыы диэки бэрт кудуххайдык усталлар. Сиэнньискэ тыанан эргийэ баран, утары үөмэн киирэн икки андыны ылан хаалар.
Өбүгэлэрбит тулалыыр эйгэни сөпкө да тыыннааҕымсытан көрөллөр эбит. Ол үтүө үгэс билигин да биһиэхэ ситэ уһукта илигэ хомолтолоох.
Үөрэхтэннибит, сайынныбыт дэһэбит, ол эрээри Айгыр Силик айылҕаҕа сыһыаммыт хаҕыс. Баайын сомсор, кыылын-сүөлүн өлөрөргө эрэ сылдьабыт. Хас биирдиибит Сиэнньискэ курдук ыраастыы, хомуйа сылдьарбыт буоллар, айылҕабыт чөл туруо, булда-аһа энчириэ суоҕа этэ.
Иннокентий Попов – Оҕуруоттаах
Суотту, Уус-Алдан
Уруһуй: felomena.com