Суруналыыстар ыһыахтаатылар

Бөлөххө киир:

2020 сыл от ыйын 1 күнүттэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕынан Саха сиригэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бу сахалыы тыллаах хаһыаттар, сурунааллар, саайтар, араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ, саха бэчээтин  сайдыытыгар олук уурар дьаһал.

1907 сыллаахха В.Никифоров-Күлүмнүүр эрэдээктэрдээх “Саха дойдута” диэн ааттаах сахалыы тыллаах хаһыат аан бастаан тахсыбыта. Бу кэмтэн ыла сахалыы тыллаах бэчээт сайдан, хаһыаттар, сурунааллар элбээн  барбыттара.

Биллэр биричиинэнэн икки сыл устата улахан тэрээһин ыытыллыбакка гынан баран, быйыл Суруналыыстар ыһыахтара ыытылынна. Ыһыаҕы СӨ Суруналыыстарын сойууһа тэрийдэ.

Өрөспүүбүлүкэ көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэрин түмэр “Сахабэчээт”, “Сахамедиа”, “Саха” НКИХ, “Ситим”, “Кэскил”, о.д.а.  тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бары сахалыы таҥас таҥнан, былаахтарын күөрэччи тутан, параадтаан киирбиттэрэ ураты көстүү буолла.

Өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ Афанасий Ноев, Инновация, цифровой сайдыы миниистирэ Анатолий Семенов, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар.

Салгыы сахалыы таҥаска, аска-үөлгэ, оһуохайга күрэстэр буоллулар, канаат уонна мас тардыһыытыгар спортивнай күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Оҕолорго туспа былаһааккаҕа батут үлэлээтэ, маастар-кылаастар, викториналар, оонньуулар ыытылыннылар, мультиктары көрдөрдүлэр.

Суруналыыстар ырыаҕа-тойукка, оһуохайга, араас күрэхтэргэ олус көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр, ылааҥы сайыҥҥы күн бииргэ түмсэн, алтыһан, олус бэркэ ыһыахтаатылар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0