Сахалыы хаһыат устуоруйатыгар ураты суолу-ииһи хаалларбыт Григорий Григорьевич Нынныров хаһыакка саҥа үлэлии кэлбит киһи хайаан да «миэлиҥсэни ааһарын» туһунан этиитэ кэлиҥҥи кэм хаһыатчыттарыгар уос номоҕо буолан сылдьар. Ол эбэтэр, хаһыат үлэһитэ тургутууну уонна бэрэбиэркэни ааһан эрэ баран хаһыакка үлэҕэ ылылларын туһунан өйүнэн-санаатынан, этинэн-хаанынан билэр.
Маннык «миэлиҥсэни» ааһан, өссө хаһыатчыт үлэтиттэн куорсун анньынан, кынат үүннэрэн суруйааччы буолбут дьон «Манчаары», «Кыым», «Саха сирэ» хаһыакка үлэлээбиттэринэн уонна үлэлии сылдьалларынан киэн туттуохха эрэ сөп.
«Манчаары», «Кыым» хаһыаттарга үлэлээбит айар, суруйар талааннаах дьон истэриттэн саха ааҕааччытын тапталын, биһирэбилин ылбыт суруйааччылар А.И. Софронов-Алампа, А.А. Иванов-Күндэ, С.Р. Кулачиков-Эллэй,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Л.А. Попов, А.С. Сыромятникова, В.Н. Гаврильева, С.С. Васильев, Софр. П. Данилов, С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ, М.И. Кузьмин-Макар Хара, С.И. Тарасов, С.Н. Горохов, А.К. Михайлов, И.В. Мигалкин,
М.Е. Алексеева уо.д.а. ааттара ааттанар.
«Кыымтан» кыым саҕыллар… Аныгы кэм ирдэбилинэн «Саха сирэ» диэн ааттаммыт хаһыакка Наталья Харлампьева, Дмитрий Кустуров, Василий Иванов, Михаил Слепцов, Степан Юмшанов, Иван Ушницкай, Иван Осипов-Ойуур Уйбаан, Саргылаана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Зинаида Архипова, Петр Томскай-Мохсунуоха, Данил Макеев, Галина Нельбисова, Айталина Никифорова, Елена Иванова-Мурустаал, Надежда Егорова-Намылы, Ангелина Васильева-Дайыына, Раиса Сибирякова-Аайа, Гаврил Андросов, Надежда Ильина, Аграфена Кузьмина, Уля Захарова уо.д.а. Суруйааччылар сойуустарын чилиэннэрэ, прозаиктар, бэйиэттэр үлэлээбиттэрэ, сорохтор билигин да айа-тута, үлэлии сылдьаллар.
«Саха сирэ» курдук судаарыстыбаннай хаһыат бэриниилээх суруксуттара, хаһыатчыттара Иван Ксенофонтов-Силиги, Тамара Корякина, Милан Афанасьев, Николай Крылов, Татьяна Обулахова, Василий Никифоров, Татьяна Маркова, Роман Попов, Петр Павлов уо.д.а. суруналыыс ытык иэһин толорон, тута сылдьар тиэмэлэринэн араас кинигэҕэ үлэлээн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылаллар.
Эдэр дьоммут билигин өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын, сүрүн сурунаалларын эрэдээктэрдэрэ буоллулар, үрдүк таһымнаах ааттарга, наҕараадаларга тиксэллэр.
Ити курдук, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара төрөөбүт тылбыт симэлийэн хаалбатыгар, саха литературата салгыы сайдарыгар, акыйааны уҥуордаан омук сирин ааҕааччытыгар тиийэ биллэригэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьаллар. Кинилэр хас биирдии саҥа кинигэлэрин, саҥа бырайыактарын ааҕааччы күүтэр, сэргиир, биһириир.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru