Бу күннэргэ саамай солото суох дьон — суруналыыстар. Кинилэр үлэлэрин тиэмэтэ — коронавирус. Дьиэттэн олорон үлэлиир буолан, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри көмпүүтэртэн арахсыбаттар .
edersaas.ru
Суруналыыс Яна Байгожаева бэлиэтииринэн, кини ханна да олорон үлэлиириттэн тутулуга суох, нэдиэлэтээҕи былааннаммыт үлэтин барытын кэмигэр толорор.
— Мин өссө ахсынньыттан дьиэҕэ олорон үлэлээн саҕалаабытым. Инньэ гынан туох да уларыйыы миэхэ тахсыбата. Барыта былааннаммытын курдук баран иһэр.
Күнү быһа үлэттэн ордубаппын. «Самоизоляция» иннинэ да оннук этэ. Арай, биллэн турар, таһырдьа тахсыбаппын. Ол да үрдүнэн хамсанар-имсэнэр син-биир наада. Ордук өй үлэлээх киһиэхэ. Онон кыралаан дьиэҕэ судургу эрчиллиини саҕалаатым.
Билигин босхо үөрэтэр куурус, видео-уруок даҕаны элбэх. Ким баҕалаах бэйэтигэр барсары булан, дьиэҕэ олорон эрэ тугунан баҕарар дьарыктанар кыахтааҕа олус үчүгэй. Онон олох чункуйбаппын. Оҕолорум ийэлэрэ күнү быһа аттыларыгар баарыттан үөрэллэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Сааха сирэ» хаһыат, edersaas.ru