Коронавирус дьаҥа тарҕаммытын туһунан бастакы иһитиннэрии кэлиитигэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин үлэһиттэрэ төгүрүк суукканы быһа үлэлээбиттэрэ.
edersaas.ru
Бу туһунан министиэристибэ пресс-сэкирэтээрэ Никита Прокопьев кэпсиир:
— Ил Дархан уонна бэйэбит министиэристибэбит социальнай ситимнэригэр кэлбит бэрт элбэх ыйытыыга хоруйдаабыппыт. Күн аайы кэриэтэ 100-тэн тахса араас ис хоһоонноох ыйытыы киирэр этэ.
Билигин «тэйиччи олорон» диэн көрүҥүнэн үлэлиибит да, аата эрэ ыраахтан. Суруналыыс киһи дьиэҕэ да олорон үлэтин тохтоппот. Онно усулобуйа баар. Дьонтон ыйытыы киирэ турар. Онон сарсыарда 7 чаастан үлэм саҕаланар. Барытыгар болҕомто ууруллар, уталыппакка мүнүүтэ иһигэр хоруйдаан иһэбин. Ол эмиэ уустуктардаах. Сорох ыйытыыны тустаах исписэлиискэ тиэрдэ охсобун, онтон хоруй кэлбитин бэчээккэ бэлэмнээһин эмиэ түргэн-тарҕан буолууну эрэйэр. Манныктэтимҥэ киһи, ардыгар, бириэмэни билбэккэ да хаалар.
Элбэх оҕолоох киһи эрдэ туран үлэлиирим эмиэ үчүгэйдээх. Түөрт оҕолоохпун. Кинилэр туралларыгар сарсыардааҥҥы аһылыгы бэлэмниибин. Сороҕор алаадьынан күндүлүүбүн. Онон дьиэтээҕи да түбүк үгүс. Өрүү иһитиннэрии уонна суругунан үлэ эйгэтигэр сылдьар киһи биирдэ эмэ нус-хас сынньана түһүөхпүн баҕарарым ханна барыай. Аны, уһун өрөбүллэртэн оҕолорум сылайдылар. Ону ол диэбэккэ, күн ахсын сонунтан сонун дьарыгы тобулан, балаһыанньаттан тахсабыт.
Бар дьоммун «Биһиги доруобуйабыт туһугар кыһаллыы буоларын өйдөөн туран, дьиэттэн тахсыбакка олорор эрэсиими тутуһуохха. Онон бу күннэргэ суолталаах «Дьиэҕэр олор!» диэн этиигэ кыттыһабын, — диэтэ.
Суруналыыс Никита Прокопьев уруучуката, тэтэрээтэ, көмпүүтэрэ уонна төлөпүөннэрэ үлэлииригэр өрүү бэлэмнэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru