Ааспыт сылга саха народнай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр буолан аастылар.
edersaas.ru
Үгүс саҥа кинигэ тахсыбытыттан мин ордук СӨ суруйааччыларын сойууһун, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Валериан Николаев «Хочо хоһуун хоһоонньута» диэн кинигэтин интэриэһиргээтим.
Бастатан туран, ааптар бэйиэт олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан хоһоонунан сэһэнэ соһутта да, сөхтөрдө да. Бу маннык ылбаҕай хоһоон тылынан сэһэн сурулларын биир бэйэм саҥа аахтым уонна олуһун сэргээтим.
«Леонид Попов олоҕо
Наар эриэ-дэхси буолбатаҕа.
«Ыарыһах, аһаах» дэппит кэмнээҕэ,
Сириллэр, сиилэнэр да кэмнээрдээҕэ.
Бэйиэт тахсыылаах да, түһүүлээх да кэмнэрин, тус олоҕун уустуктарын, народнай бэйиэт буолууга айар аартыгын, барытын-барытын уустаан-ураннаан суруйуу — чаҕылхай талаан!
Бэйиэт курдук нарын дууһалаах киһи тус олоҕор ылбыт охсуутун санаа. Ол ону Валериан Николаев бэрт аҕыйах тылынан эрээри, олус дириҥник маннык ойуулуур:
«Доҕорун сүтэрбит туруйа
Соҕотохсуйбут хаһыыта
Иһиллэрэ ыраах маарга,
Онно сүрэх кыланара«.
Суруналыыс бэйиэт үлэтин-хамнаһын туһунан бэчээккэ тахсыбыт ахтыыларын хомуйан оҥорбута — эмиэ бэрт уратытык таҥыллыбыт. Манна ааҕааччы Леонид Попову киһи быһыытынан ордук чорботон арыйар. Ол курдук, Семен Данилов дневнигиттэн быһа тардыылар, Поповтар дьиэ кэргэннэрин доҕоро Н.А. Герасимова кинилэр тус олохторун арыйыыта, Иннокентий Сосин «Үөннээх» өйдөөх Лүөҥкэ Боппуок» диэн курдук киһи аахтар ааҕа олоруох ахтыылара Валериан Николаев кинигэтин бэрт интэриэһинэй ис хоһооннообуттар.
Мин «Хочо хоһуун хоһоонньута» кинигэ ааптарын суруналыыс быһыытынан «Леонид Попов ырыаларын суолларынан» түһүмэххэ ордук арыйдым. Ол курдук, Валериан Парфеньевич «Саныыбын төрөөбүт алааспын», «Норуодунай поэт тылларыгар норуодунай артыыс мелодия айар», «Норуодунай поэт ырыаларын норуодунай артыыс ыллыыр» диэн бэртээхэй матырыйааллары 2019 сыл бэс ыйын 21,26, 30 чыыһылаларыгар суруйбут. Аҕыйах хонугунан быысаһыннаран, кини көрсүөхтээх дьонун була да охсубута соһутар (сайыҥҥы киһи онно-манна барара-кэлэрэ үгүс буоллаҕа). Бу матырыйаалларын суруйа охсубута, эчи, түргэнин. Суруналыыска, нууччалыы эттэххэ, «оперативноһа» туохтааҕар да ордук сыаналанар! Мин олус сөбүлээн ыллыыр «Саныыбын төрөөбүт алааспын» ырыам ааптарын бу кинигэттэн булан ылан, өр көрдөөбүппүн булбут курдук сананным. Бэркэ тартаран олорон аахтым.
Уопсайынан, 146 сирэйдээх кинигэ, бэрт дьоҕус эрээри, ис иһиттэн «буорахтаах»: ааптар бэйэтин сэһэнин кыбытыктарынан, хос быһаарыыларынан байыппыта, бэйиэккэ сыһыаннаах матырыйаал биир сиргэ түмүллүбүтэ, Леонид Попов үлэтин интэриэһиргиир киһи үлэтин олуһун чэпчэтииһи, билиитин-көрүүтүн хаҥатыыһы.
Медицинскэй наука дуоктара, «Саха сирин медицинскэй сурунаалын» сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы Валериан Николаев «Киһи баарын тухары», «Санаалар — ыраас ыраларым», «1941-1945: умнубаппыт, сүгүрэйэбит», «Санаам хомураҕар уйдаран», «Туруоруннум өй-санаа өрөгөйүн өйдөбүнньүгүн…», «Күннүк: түбүктэр, түмүктэр…» хоһооннор хомуурунньуктарын, доруобуйа харыстабылын историятыгар уонтан тахса кинигэ ааптара.
Кэллиэгэбин Валериан Николаевы суруналыыстар идэлээх бырааһынньыкпытынан — Бэчээт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран: «Олоҕуҥ күөх дабааннарын — суруксут эйгэтин бүгүҥҥүҥ курдук ситиһиилээхтик дабайан ис«, — диэн алҕыыбын. Айымньылаах суруксукка кини таҥан оҥорбут «Хочо хоһуун хоһоонньута» диэн кинигэтигэр киллэрбит Леонид Попов «Дабайыы» диэн хоһоонун бу строкаларын аныыбын:
«Күн тыгар көмүс сарыалыгар,
Күндү хайам мындаа саалыгар
Ыттар күүстэ аҕал, айылҕам,
Дабааннары дабайыы — мин дьылҕам!«.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru