Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ Борис Николаевка икки бүк үөрүүлээх. Ол курдук, кини бүгүн 65 сааһын бэлиэтиир.
“Сунтаар улууһа” хаһыат эрэдээктэрэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын, СӨ бэчээтин туйгуна Борис Николаев 1954 сыл муус устар 27 күнүгэр Марфа Ивановна уонна Парфений Данилович Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Оччолорго төрөппүттэрэ холкуос сүөһүтүн батыһан, аатырбыт улахан күөл, Мунньаҕа Эбэ кытылыгар баар Мундукаан диэн сир пиэрмэтин дьиэтигэр кыстаабыт сыллара этэ.
Төрүү оккураҥ, иринньэх оҕо баччаҕа тиийиэх быатыгар буоллаҕа буолуо, олохтоох биэлсэр Варвара Афанасьевна Иванова күн-ый буолбута диэн дьоно улахан махталынан ахтар буолаллара.
Борис Николаев Алексей Иванов-Күндэ аатынан Кутана орто оскуолатын 1971 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэппит учууталларыттан ордук күндүтүк Николай Иннокентьевич Ивановы-Куола Учууталы, Марта Наумовна Иванованы, Рея Павловна Максимованы, Василий Данилович Никифоровы, Фаина Владимировна Панфилованы уо.д.а. саныыр.
1975 сыллаахха Дьокуускайдааҕы үп-кредит техникумугар аан бастаан аһыллыбыт «судаарыстыбаннай страховкалааһын» отделениены бүтэрбитэ. Бу идэтинэн Амма, Таатта оройуоннарынан үлэлээн баран, төрөөбүт Сунтаарыгар эргиллэн, барыта 26 сыл үлэлээбитэ. Госстрах иниспиэктэриттэн улуустааҕы салаа дириэктэригэр тиийэ үлэлээн баран, дойдуга олох тутула уларыйыытыгар үлэтин эмиэ уларытарга тиийбитэ.
2001 сыллаахха улууска «Сунтаар сонуннара» хаһыакка Александр Петрович Яколев диэн эдэр киһи эрэдээктэринэн анаммыта. Кини ананаат да, аны суруйар дьоҕурдаах үлэһиттэр наадаларын туһунан биллэрии биэрбитэ. «Мин анал үөрэҕэ суох да буолларбын, бу иннинэ улууһум хаһыатыгар суруйбут аҕыйах ыстатыйалардаах паапкабын кыбынан, саарыы-саарыы да буоллар, эрэдээксийэҕэ тиийбитим. Александр Петрович паапкабын онон-манан көрбөхтүү түһэн баран: «Сарсын үлэлиир курдук кэлээр, көстөн иһиэ» диэбитэ», – диэн Борис Парфеньевич түгэнинэ туһанан, билигин “Туймаада” хаһыат эрэдээктэринэн үлэлиир Александр Яковлевка олоҕун суолун иккистээн таларыгар көмөтүн иһин махталын тириэрдэр.
Ити курдук, 2001 сыл балаҕан ыйын 5 күнүттэн улуус хаһыатын үлэһитэ буолбута.
Ааспыт үйэ сүүрбэһис-отутус сылларын эргин аҕатынан эһээтэ Данил Николаевич Данилов диэн нэһилиэк суруксута баара. Дьоно-сэргэтэ кинини Чуоппаан суруксут диэн ааттаабыттара. Уола Парфений Данилович төһө да улахан үөрэҕэ суох буоллар, сахалыы суругу-бичиги олус сэргиирэ. Онтон утумнаан буолуо, Борис убайа Валериан, балтылара Галя, Надя хастыы да кинигэлээхтэр, Суруйааччылар сойуустарын чилиэннэрэ, суруналыыстар. «… Оттон миэхэ оннук суох, көннөрү хаһыатчыт быһыытынан күннээҕинэн «барда-кэллэ, көрдө-биллэ» диэбит курдук суруксуппун. Ол эрэн, хаһыакка суруллубут хас биирдии устуруока бэйэтэ устуоруйа, «суруллубут суоруллубат» диэн этиинэн салайтаран, олоҕум иккис аҥарын сурук үлэтигэр анаабыппыттан кэмсиммэппин. Суруналыыс буолан, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбэр, хотунан-соҕуруунан уһаты-туора балачча сырыттым, араас дьоннуун кэпсэттим, билистим. Суруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева көҕүлээһинэн, суруналыыстар пресс-турдарыгар кыттыһан, Кытай, Япония сирдэринэн астына-дуоһуйа хаамтым», – диэн Борис Парфеньевич сэһэргиир.
Борис Николаев төрөөбүт улууһун, өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сыралаах үлэтэ СӨ Ил Дарханын, Бырабыысталыстыбатын, Ил Түмэнин, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун, СӨ Инновацияҕа министиэристибэтин, Саха бэчээтин уонна биллэн турар, төрөөбүт улууһун үрдүк наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ.
Иван ВАСИЛЬЕВ, «Саха сирэ», edersaas.ru cайтка анаан