«Саха сирэ» хаһыаппыт кэлэктиибигэр бииртэн биир хатыламмат буочардаах эрэ буолбакка, ураты майгылаах-сигилилээх, куруук олох үөһүгэр сылдьар, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар суруналыыстар элбэхтэр. Биир оннук идэтигэр бэриниилээх суруналыыһынан быйыл «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа» үрдүк ааты ылбыт Елена Потоцкая буолар.
edersaas.ru
— Учуутал идэтин талбыт киһи хайдах суруналыыс буолбуккунуй?
— Оҕо эрдэхпиттэн нуучча тылын уонна саха тылын учуутала буолуохпун наһаа баҕарар этим. Оччолорго биһиги кыракый оскуолабытыгар нуучча тылыгар бастаан Бендеры куораттан, онтон кини барбытын кэннэ Ставрополь куораттан олус кыахтаах нуучча тылын учууталлара ананан кэлбиттэрэ. Географияны Белоруссияттан төрүттээх, оттон химияны Ленинград куораттан анал английскай оскуолаҕа үөрэммит учууталлар үөрэппиттэрэ. Онон үөрэтии таһыма, хаачыстыбата олус үрдүк этэ. Саха тылын эмиэ наһаа сөбүлүүрүм. Онно өрүү өйтөн суруйуу буолара. Арааһа, ол иһин саха тылыгар олус ылларбытым. Онтон Бүлүү педучилищетын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, нуучча тылын учуутала буолар эбиппин диэн санааҕа кэлбитим. Бу санаатахха, нуучча тылыгар (училищеҕа эмиэ) өрүү нуучча учууталлара үөрэппиттэр эбит. Онон, нууччалыы эттэххэ, ”носители языка” үөрэтэллэрэ быдан хаачыстыбалаах эбит.
Үөрэхпин бүтэрэн баран, дойдубар саҥа үлэлээн иһэн, улуус киинигэр олоҕум аргыһын көрсөн ыал буолбутум. Ол кэмҥэ кыраайы үөрэтэр суруналыыс Сергей Егоров сахалыы тыллаах “Хотугу сардаҥа” хаһыаты таһааран, үлэһиккэ наадыйбыта. “Миэхэ үлэлии кэл”, — диэбитигэр саараабакка, сөбүлэспитим.
— Хаһыат эйгэтигэр ыллык суолгун тэлэргэр өйөөбүт киһиҥ киһиҥ кимий?
—Айар үлэ алыбар уһуйбут киһибинэн бастакы эрэдээктэрим, уопуттаах суруналыыс Сергей Егоров буолар. Кини миигин кыра эрдэхпиттэн “эн тылга дьоҕурдааххын, хаһыакка суруй” диэн көрүстэҕин аайы хаайара. Оччолорго кини тугу этэрин өйдөөбөт этим. Кэлин санаатахха, Сергей Михайлович миигин эрдэттэн “бырагыраамалаан” кэбиспит эбит. Ол да иһин буолуо, айар эйгэҕэ утаппыттыы ылларбытым, олоҕум анала бу идэ эбит дии санаабытым.
«Саха сирэ» хаһыакка үлэлии киирэрбэр саха суруналыыстыкатын аксакала Иван Ксенофонтов-Силиги өйөбүлүн өрүү истиҥник саныыбын. Кини, уопуттаах хаһыатчыт, хас биирдии улууска уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннээх этэ. Өймөкөөҥҥө миигин кытта үлэлэспитэ. Ол иһин «Саха сирэ» хаһыаты кытта ыкса сибээстээх, матырыйаалларым өрүү бэчээттэнэр буолан, бэйэм хаһыаппар үлэлии кэлбит курдугум. Үлэҕэ киирии олус уустук кэмигэр Иван Иванович миигин өйөөн, тапталлаах хаһыаппар үлэлиир дьоллоохпун. Онон Иван Ксенофонтов улуус суруналыыстарыгар улахан көмөлөөх, өйөбүл буолар киһи. Кинини үгүс суруналыыс учууталын быһыытынан ылынар.
— Аан бастакы хаһыакка суруйууҥ ханнык этэй? Ол эбэтэр “бастакы хараҥаччыҥ”?
— Эрэдээктэрим бастакы сорудаҕа – оскуола олоҕун туһунан этэ. Мин, учуутал киһи, линейка-тэтэрээт аҥарын суруйан элээрдибитим. Суруйуубуттан астыммытым аҕай. Ол үлэлээбит Төрүтүм оскуолатын учууталларын туһунан этэ. 90-с сыллар саҥаларыгар национальнай кэнсиэпсийэни олоххо киллэрсэр дьолго тиксибит буолан, “баарбын-суохпун” барытын “туустаан-тумалаан” суруйбутум. Сарсыҥҥы күнүгэр эрэдээктэрим сыанабылын истээри баҕа бөҕө. Арай киһим олох саҥарбат. Мин күн аҥара нэһиилэ тулуйдум. Сотору буолан баран Сергей Михайлович миигин ыҥыран ылан, үлэбин ырытан барда. Ол бастакы ырытыыта миэхэ ханнык да үрдүк үөрэххэ үөрэммиттээҕэр олус күндү. Наһаа болҕомтолоохтук олорон истибитим уонна аттыгар олорон бэлиэтэммитим аҕай. Ити күнтэн ыла “этэ” диэн тыл хас этиим аайы хатыламмат буолбута. Хас биирдии этиибэр олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, сибээстиир буолбутум. Суруйар тиэмэбин кэпсиир курдук буолбакка, ырытарга үөрэммитим. Суруйуубун үстэ-түөртэ ааҕан, бэрэбиэркэлиирим, эбэрим-сабарым. Саамай кылаабынайа, ыстатыйам түмүгэр бэйэм санаабын хайаан да этэр буолбутум. Эрэдээктэрим хаһан да “эн маны сыыһа суруйбуккун, көннөр” диэн сэмэлээбэтэҕэ. “Мин эн эбитим буоллар, бу этиини маннык суруйуом этэ” диирэ.
— Эйигин ураты суоллаах суруналыыс быһыытынан билэбит: икки тылынан суруйаҕын, араадьыйаҕа үлэлиигин. Истээччиҥ эн куоласкын хаһааҥҥыттан билэр буолбутай? Араадьыйа умсулҕана туохха сытарый?
— Оо, араадьыйа – ураты умсулҕаннаах үлэ! Олус сөпкө бэлиэтээтиҥ. Мин, үөлээннээхтэрим кэриэтэ, кыра эрдэхпиттэн араадьыйаны истэн улааппытым. Саха араадьыйатын тэҥэ “Маягы” истэрим. Уонна, дьиктитэ баара, биһиги нэһилиэкпитигэр муораҕа уста сылдьар хараабыл үлэһиттэригэр аналлаах биэриини холбууллара. Ол биэрии аатын өйдөөбөппүн эрээри, киэһэ алта-сэттэ чаас саҕана кэлэрэ. Онно ханнык хараабыл ханнык муора пуордугар тиксибитин, туох курууһу аҕалбытын кэпсииллэрэ уонна моряктарга чугас дьоннорун эҕэрдэлэрин тиэрдэллэрэ. Онно наар “ветер северный, умеренный до сильного… “диэн ырыаны тэҥҥэ ыллаһарым (Лена кэрэ куоластаах ырыаһыт — ааптар). Араадьыйа дииктэрдэрэ истээччилэрин кытта олох быраһаайдаһан тохтуохтарыгар диэри истэн баран арахсарым. Устудьуоннуу сылдьыбыт кыргыттарым “араадьыйаҕын кууһан баран утуйар этиҥ” диэн күлэллэр.
Оттон араадьыйаҕа 2000 сылтан ыла үлэлэспитим. Кэргэним биирдэ аһыы олорон, сонуннары истэ олордохпутуна “эн ити дьон курдук бэйэҥ Өймөкөөнүҥ туһунан кэпсиэххин? Истэргэ наһаа үчүгэй дии”, — диэбитэ. Онно мин араадьыйаҕа олох оһуобай дьон үлэлииллэрин курдук саныыр киһи бэйэбин сэнэммитим: “Аньыы даҕаны, мин хаһан кинилэргэ тиийиэхпиний!” -– диэбитим. “Холонон көр ээ, син эн курдук дьон саҥараллара буолуо дии”, — диэбитэ өйбүттэн арахсыбат буолбута. Сөбүлээн истэр суруналыыспар Альбина Тарабукинаҕа аадырыстаан суруйбутум. Кинини университекка РОЯШ-ка үөрэнэ сылдьан иккиэн комсордаабыт буолан билэр этим. Сотору буолан баран, Саха араадьыйатыттан эрийбиттэрэ. Долгуйбутум аҕай. Онтон матырыйаалларбын сөбүлээн, оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ тахсар буолбуттара. Саха араадьыйатыгар суруналыыстыка эйгэтигэр киириибэр эмиэ олус улахан оскуоланы ааспытым. Оччолорго, мин дьолбор, “Саха” НКИХ бэрэсидьиэнинэн Афанасий Ноев, араадьыйа дириэктэринэн Тарас Тарасов үлэлииллэрэ. Хампаанньа салалтата улуустан үлэлиир суруналыыстарга сэминээр арааһын тэрийэллэрэ, тылы таба туттууга, сонуну кылгастык суруйууга үөрэтэллэрэ. Тыл учуонайа Тамара Петрова сонуннары күнү быһа истэн баран, ырытан, почтанан ыытара. Ол лоскуй кумааҕыга кини туохха сыыспыппытын ыйан, ардыгар сөбүлээбитин хайҕаан ыытара. Ол наһаа көмөлөөҕө. Өссө ыйдааҕы түмүгү таһаараллара, биэрбит матырыйаалларбыт ахсаанын таһынан, үлэбит хаачыстыбатынан миэстэлэһэрбит. Ол үлэбитин олус көҕүлүүрэ. Өрүү инники сылдьаары матырыйаал бөҕөтүн ыытарым. Дьиэлээхтэрим мин араадьыйаҕа саҥарар кэммэр, ким тугу гына сылдьарынан, тохтоон, иһийэн хаалаллара. Онтон бүппүтүм кэннэ, олохторо салҕанара…
Оттон икки тылынан суруйуу – эмиэ туспа умсулҕан. Нуучча тылын учуутала буоларым быһыытынан, бу идэбиттэн арахсыбатах курдук сананабын.
— Үлэлээбит кэрдиис кэмнэргиттэн саамай өйдөнөн хаалбыт уонна күндүтүк саныыр кэмнэриҥ ханныктарый? Тоҕо?
— “Бу” диэн ураты чорботорум суох. Хас биирдии ыстатыйам, командировкам, дьону кытта алтыһыым – барыта күндү, умнуллубат. Холобур, Чурапчы, Таатта, Ньурба ыраах айан суоппардарын үлэлэрин өрүү үөрэ-көтө сырдатабын. Онон “Вольво” массыынаҕа суоппардара – мин күндү дьоруойдарым. Бары тэрээһиннэригэр миигин бастакынан ыҥыралларыттан олус үөрэбин.
— Улуус хаһыатын эрэдээктэрэ буолар туох ыараханнааҕый?
— Сүрүн баҕам – бэйэм тутан-хабан хаһыат ис тутулун, ис хоһоонун оҥорон таһаарыахпын баҕарар этим. Ол иһин Дьааҥыга эрэдээктэринэн барарга сөбүлэспитим. Бу тыл-өс өттүгэр олус кыахтаах суруксут дьонноох улуус. Ол да иһин, Олоҥхо Ыһыаҕа бу улууска олох ураты тыыннаах этэ. Хаһыат эрэдээктэрэ, мин санаабар, хаһыат ис хоһоонугар, уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэри тардыыга, олоҕу хамсатыыга күүс буолар бэчээт уорганын үлэһитэ буолуохтаах. Хомойуох иһин, салайааччы үгүс бириэмэтэ ититии тиһигин төлүүргэ, хаһыат тахсар кумааҕытын булууга-талыыга, оргтиэхиньикэни саҥардыыга, быһата, хаһаайыстыбаннай боппуруостарга төбөтүн сынньар. Баҕар, билигин атын хартыына буолуо. Мин саҕана хаһыат юридическай докумуоннарын саҥардан оҥоруу, оргтиэхиньикэни булуу-талыы уустук кэмэ түбэспитэ.
— Идэҕэр саамай сөбүлүүр уонна сыаналыыр өрүтүҥ ханныгый?
— Олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсыы. Олох оргуйа турар үөһүгэр сылдьыы. Сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр туох барыта тохтоон хаалбыт курдук…
— Суруналыыс идэтиттэн атын ханнык идэлээх дьоҥҥо сүгүрүйэҕиний? Тоҕо?
— Эмчиттэргэ. Кинилэр баар буолан, сыстыганнаах дьаҥтан үгүс дьону быыһаатылар. Билиҥҥи кэмҥэ бу саамай убаастанар идэлээх дьон.
— Дьон-сэргэ, ааҕааччы хаһыакка сыһыана төһө уларыйда?
— Тыа сиригэр урут хаһыаты кэмигэр тиэрдэн иһэр буоллахтарына, билигин сүрүн биричиинэ – итиннэ. Мин кыракый нэһилиэкпэр Төрүккэ улуус хаһыатын тиэрдэр эппиэттээх киһи баар буолан, туохтааҕар да күндүтүтэн улууспут хаһыатын кэтэһэбит. Онон хаһыаты ааҕа үөрэммит киһини туох да тохтоппот. Кылаабынайа, ааҕааччыга хаһыат, нууччалыы эттэххэ, “доступнай” буолуохтаах. Баҕарда да, булан, атыылаһан аахта. Ол кыаллыбат тыа сиригэр билигин.
— Үтүөлээх суруналыыс үрдүк аатын сүгэн олорон, туох санаалар киирдилэр?
— Киһи олоҕор туохтааҕар да күндү – эн үлэҥ сыанабыла. Ханнык да идэлээх буол. Оттон миэхэ тус бэйэбэр түүннэри-күнүстэри сыралаһан ситиһэр үлэм түмүгэ – бу. Наһаа элбэх эҕэрдэни, үтүө тылы иһиттим. Онон үөрүүбүн тэҥҥэ үллэстибит ааҕааччыларбар, истээччилэрбэр – барҕа махтал!
— Командировкаҕа сылдьаргын наһаа сөбүлүүр суруналыыскын…
— Нэдиэлэлээх командировкаттан кэлээт, дьиэбэр икки эрэ хоноот, атын улууска хомуна охсон барааччыбын. Онон командировкам аргыстара – суумкам уонна планшетым аттыбар өрүү бэлэм буолааччылар.
—— Уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэри кытта күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиигин дии?
— Улуус аайы уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннээхпин. Онон бу дьаҥ кэмигэр бу урут командировкаларга сылдьан билсибит дьонум – билигин олус чугас доҕотторум үлэбэр олус улахан өйөбүлү оҥороллор, сонуннарын тиһигин быспакка бэйэлэрин улуустарыттан ыыта олороллор.
— Үлэлиир “Саха сирэ” хаһыатыҥ кэлэктиибин туһунан санааҥ.
— Олохпор маннык иллээх кэлэктиипкэ түбэһиим – дьолум. Мин санаабар, маннык араас көлүөнэни ситимниир кэлэктиип дэҥҥэ көстөр. Эдэрдиин-эмэнниин бэйэ-бэйэбитин олус күндүтүк санаһабыт, өрүү бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт, күн бүгүҥҥэ диэри ситиммитин быспакка сибээстэһэ олоробут. Онон хас биирдиибитигэр кэлэктииппит – олохпут күндү бэлэҕэ.
— Соторутааҕыта «Киһи өйдүү сылдьар кэмэ кылгас. Эйигин умнуохтарын баҕарбат буоллаххына, бэйэҕин санатартан сүрэҕэлдьээмэ» диэн тыллары түбэһэн аахтым. Манна эн санааҥ?
— Тус бэйэбэр сыһыаннаан дуо? Уоппускаҕа бардахпына: “Ханна сүттүҥ?” дииллэр. Үчүгэй идэлээхпин – суруксуттуур айылгылаах үлэлээх буолан, баарбын биллэрэ турар санаалаахпын.
ХХХ
Дьэ, Ленабыт, Лена Егоровнабыт, бэйэҥ төһө да хаһыакка тахсарга сөбүлэҥҥин тута биэрбэтэргин, «үтүө киһи үтүөтэ өрөгөйдүөхтээх» диэн санааттан туораабатыбыт. Кырдьыга да, ааҕааччыларыҥ эйигин элбэх ахсааннаах суруйууларгынан эндэппэккэ билэллэр, араадьыйанан истээччилэриҥ холку, намыын куоласкынан кэпсииргинэн чуо таайаллар. Ол да иһин, эрэдээксийэҕэ: «Били араадьыйаҕа эмиэ саҥарар суруналыыс» диэн ааккын ааттаабытынан кэлэллэр.
Инникитин да таптыыр идэҥ эйиэхэ бииртэн биир умнуллубат түгэннэри аҕаллын, төрөөбүт улууһун уонна өрөспүүбүлүкэҥ ааҕааччыларыҥ таптала уҕараабатын!
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas. ru