ХОЙУТААН ТИИЙБИТ СУРУК… (кэпсээн)

23.05.2018
Бөлөххө киир:

Быйыл сайын төрүттэрим, эһэм-эбэм олорбут бөһүөлэктэригэр ырааҕынан аймахтарбар ыалдьыттыы бара сырыттым. Дойдубар сылдьыбатаҕым сүүрбэҕэ чугаһыыр сыл буолла. Ити мин “аймахтарым”, “дойдум” эҥин диэн айаҕым муҥунан этээхтиибин эрээри, бэйэм төгүрүк тулаайах кэриэтэ, онон-манан ускул-тэскил сылдьан улааппыт киһибин. Бу күндү тыллары баҕа санаа быһыытынан, дьонтон итэҕэс сананымаары быыс буллум да туһана сатыыр үгэстээхпин.

Хас да ыалга сылдьан, кэпсэтэн-ипсэтэн, хонон-өрөөн баран тастыҥ эдьиийим аахха тиийдим. Тэйсибитэ ырааппыт дьон быһыытынан туох да улахан ымманыйсыыта суох ону-маны сэһэргэһэ олорон баран эдьиийим “ээ, арба, эйиэхэ былыр сурук кэлбитэ ээ, ханна эрэ сылдьар буолуохтаах” диэн өйдөөн кэллэ. Дьиэлээх дьон бука бары атахтарыгар туран көрдөөбүттэрин түмүгэр – сурук көһүннэ. Чахчы, өрдөөҕүтэ суруллубут сурук эбит. Кэлбитэ уонтан тахса сыл буолбут. Урут детдомҥа бииргэ сылдьыбыт табаарыһым Бааска эрэйдээх суруйаахтаабыт эбит. Сурук мунан хаалыа диэн Дьокуускайдааҕы аадырыспар буолбакка, улааппыт бөһүөлэкпэр ыыппыт.

* * *

Баасканы кытта биһиги, этэллэригэр дылы, киһини билэр буолуохпутуттан ыла билсэбит. Кини төрүөҕүттэн ыла оҕо тэрилтэлэрин кэрийбит, оттон мин түөрт саастаахпар төрөппүттэрим уокка дэҥнэниэхтэриттэн ыла детдом дугуйдаммыппын. Эт саастыы буоламмыт мэлдьи бииргэ сылдьарбыт. Киэһэ утуйарбытыгар ороннорбут кэккэлэһэ турар буолан, мөҕүллэ-мөҕүллэ, мэлдьи хоонньоһон утуйар мөккүөрдээхпит.

Детдом диэн детдом. Бэрээдэк дьэбир, ким да кими да тараҥнаппат. Детдом оҕолоро кытаанахтар, оттон баспытааталлар оннооҕор тыйыстар. Кыра буолан Бааска биһикки мэлдьи үтүргэҥҥэ, сорудахха, дьээбэҕэ-хообоҕо сылдьабыт. Уопсайынан, маннык тэрилтэлэргэ ис хаан ыарахан, дьээбэ, мөкү дьаллыктаах, ону ааһан төбөлөрүнэн да “бырахтарыылаах” тиийиммэт курдук оҕолор элбэх буолар этилэр. Төһө да детдом иһинээҕи “дедовщинаҕа” биһигинньик кыралар-кыамматтар хаарылыннарбыт, детдом олбуорун таһыгар усулуобуйа атын. Оччотооҕу оройуон киинигэр баҕас былааһы ылабыт. Биир куомунунан охсуһабыт, ыал оҕолоро күнүс оскуолаҕа детдом биир эмэ кыра-хара иитиллээччитин тыыттылар да, улахан уолаттар буруйдааҕы тута булан аахсаллар. Быһата, син биир аармыйаҕа дуу, хаайыыга дуу курдук бэрээдэк. “Детдомнар” диэни иһиттилэр да оройуон киинин оҕолоро тута куттанан кутуйах иинин кэҥэтэллэр.

Бааска үөрэҕэр миигиттэн таһыччы ордук буолара. Быһата, науканы чэпчэкитик, ааһан иһэн ылара. Алын сүһүөх кылаастарга төһө да детдом оҕото диэн учууталлар аанньа ахтыбаталлар, баттааталлар, мэлдьи отличниктыыр курдук өйдүүбүн. Дьиэҕэ үлэни барытын киниттэн устар быһыылааҕым.

Кини кыра эрдэҕинээҕи сирэйин-хараҕын умна быһыытыйбыппын. Арай, үһүс дуу, төрдүс дуу кылааска сылдьан буолуо, тыаҕа саас пионер кутаатын таһыгар моҕотой эриэнин курдук ойута кырыллыбыт тараҕай төбөлөөх, хаалтыстаах, сырдык алаа харахтаах (чуолкайын өйдөөбөппүн эрээри, детдом остолобуойугар киирэн кэмпиэт уоран сии сырыттахпытына асчыт дьахтар тутан, эт кырбыыр маһынан төбөҕө охсубутуттан ыла хараҕа алаа буолбута дии саныыбын) уол олус кыһалларыттан хараҕын уута ыгыллан тахса-тахса этэрээт иннигэр ыллыы сатыы турарын, толлойбут уоһа олус ыраахха диэри чорбоҥнуурун өйдүүбүн. Бука, “взвейтесь кострами, синие ночи…” диэн ыллыырбыт эбитэ буолуо. Пионер буола сылдьан кыһыл хаалтыһын мэлдьи ыйыллары баайан кэбиһэн, киэһэ хойукка диэри ону көмөлөөн сүөрэрбит.

Төрдүс кылааһы бүтэрдэхпит сааһыгар миигин ыраах тыаҕа олорор аймахтарым иитэ ылбыттара. Дьиҥинэн, хара бастааҥҥыттан детдомҥа биэрбэккэ иитиэхтэрин сөп этэ эрээри, арааһа, улаатыннаран, бороохтутан баран үлэлээн туһалыыр сааһым кэлбитигэр биирдэ наадыйбыттара диэн уорбалыы саныыбын. Ити 70-с сыллар ортолоругар. Саас аймахтарым ыла кэлбиттэригэр, туох эрэ докумуон толоруутун сүпсүлгэнэ буолбутугар детдом кыра оҕолоро ымсыырбыттыы, ордугурҕаабыттыы батыһа сылдьыбыттара. Ордук табаарыһым Бааска иэдэйбитэ. “Дьоҥҥор эт эрэ, миигин эмиэ ыллыннар”, “дьиҥинэн, икки да оҕону ылыахтарын сөп этэ буоллаҕа” “олус үлэһит оҕо диэн эт” дии-дии арахпакка сырса сылдьыбыта. Барарбытыгар ыскылаат кэннигэр саһан ытыы турарын көрөн хаалбытым.

* * *

Тохсус кылааска военкомакка учуокка тура оройуон киинигэр киирэ сылдьан детдомҥа тиийэн табаарыспын Баасканы буллум. Киһим уларыйбыт. Тиһигин быспакка маатырылаан кубарытарын, табахтаан сыыйарын, киһи сирэйин кэрээнэ суох баҕайытык көрө-көрө кыһытардыы күлэн ымаҥныырын, бу соторутааҕыта ханнык эрэ РДК (судургутук, кулууп) таһыгар олохтоох уолу кырбаан уонна бэлисипиэтин былдьаан милииссийэҕэ дьыалаламмытын улахан ситиһии курдук кэпсиирин адьас улаханнык атыҥыраатым. Ону-маны кэпсии-кэпсии “ээ эн, деревенщина, ону хантан билиэххиний” эҥин диэн курдук бэркэ аахайбатахтыы саҥарталаан улаханнык өһүргэттэ. Ол курдук кэпсэтэн араҕыстыбыт. “Өҥнөнө сатыыр буоллаххына сылдьыаҥ эбээт” дии санаабытым.

СГУ-га устудьуоннуу сылдьан Бааска тугу эрэ күлүгээннээн хаайылла сыспытын дуу, сытарын дуу туһунан сураҕы истэр этим.

90-с сыллар саҥаларыгар, биирдэ, түүн ойохпунуун-оҕолорбунуун утуйа сыттахпытына биир бэрт саарбах сирэйдээх-харахтаах эдэр дьахтар ааммытын тоҥсуйан киирэн “табаарыһыҥ Бааска бэрт ыарахан балаһыанньалаах, билигин куоракка саһан олорор, кыра да буоллар харчынан көмөлөстүн диэн илдьиттээтэ” диэн соһуппуттаах. Ол миигин хантан булан ылбыттарын билигин да сатаан санаабаппын. Оччотооҕуга ханна да түптээн үлэлээбэт, икки кыра оҕолоох киһи ханнааҕы харчым кэлээхтиэй да буоллар, тугу эрэ биэрэн ыыппыппын өйдүүбүн. Баҕайы, аны киһини онно-манна сөрүө. Кутталлаах күрүөйэҕи кытта куомуннаһа, саһыара сылдьарбын биллэхтэринэ аны бэйэбин дьыалаҕа эрийиэхтэрэ диэн куттаммытым.

Кэлин үөрэхпин бүтэрэн үлэлии сырыттахпына хайа эрэ дьахтары өлөрүүгэ, дьиэни уоттааһыҥҥа уорбаланан күрүү сылдьарын, Саха сирин хаайыыларыгар лаппа биллэр “аптарытыат” буолбутун, ыйааһыннаммытын туһунан кэпсээбиттэрэ.

Ити кэнниттэн Бааска туһунан сурах-садьык сүппүтэ.

* * *

Бааска суруга олус эргэрбит. Кэмбиэрин тас өттүнээҕи суруга суураллан көстүбэт буолбут. Олус бытархай килиэккэлээх бэрт дьикти лиискэ олус симэ нууччалыы тылынан (детдомҥа сахалыы үөрэппэттэр этэ) суруллубут. Ол суругу билигин кылгатан уонна судургутутан тылбаастыыбын:

Табаарыһым Миискэ дорообо!

Мин билиҥҥитэ тыыннаахпын. Урал хайаларыгар баар хаайыы балыыһатыттан суруйабын. Күнүм-дьылым ааҕыллан сытабын. “Ыарыыҥ ыарахан, саамай уһаабыта биир ый барыаҥ” дииллэр. Иллэҥсийбиччэ кимиэхэ эмэ суруйбут киһи дии санаабытым эрээри, эйигиттэн атын суруйуох айылаах чугас киһим да суох эбит. Куһаҕан киһи суруйбут диэн хомойума, аны үгүстүк суруйан салгытыам суоҕа.

Оҕо сылдьан олус да бэртии этибит ээ. Эн утуйа сытан киҥинэйэн ыллыыр идэлээх этиҥ. Кыра сылдьан хоонньоһо сытан ону истээри түүнү быһа эн утуйаргын кэтиир этим (ити баҕас кырдьык, “утуйа сытан ыллыыгын” диэн кэлин мэлдьи этэллэр). Өскөтүн эн төрөппүттэриҥ кимнэрэ-туохтара биллэр эбит буоллаҕына, мин төрүөхпүттэн ыла быраҕыллыбыт оҕобун.

Эн бука өйдөөбөтүҥ буолуо, дьиҥинэн, үөрэхпэр куһаҕана суох этим. Киһилии усулуобуйаҕа үөскээбитим буоллар, бука үөрэниэм, тугу эрэ ситиһиэм этэ. Ол кыаллыбатаҕа. Эн баҕар билбэтиҥ буолуо, детдомҥа бииргэ иитиллибит оҕолорбутуттан билигин төһө бырыһыаннара киһи-хара буолбутун… Өлөөччү өлөн, хаайыллааччы хаайыллан, бииһирээччи бииһирэн ырааттылар. Итинник усулуобуйаҕа киһи киһи буолан тахсыбат.

Оскуола кэнниттэн, олоҕурбут үгэс быһыытынан, үргүлдьү ПТУ-га ыыппыттара. Үрдүк үөрэххэ туттарсар баҕалаахпар ким да наадыйбатаҕа. Онно сылдьан хасыһан, ыйыталаһан төрөппүт ийэбин булбутум. Мин дэҥҥэ көстөр араспаанньалаахпын бэйэҥ билэр буолуохтааххын, онон ити туох да уустуга суох этэ. Дьон кэпсээниттэн биллэххэ, ийэм эдэригэр эрэ суох сылдьан ыарахан буолбутун төрөппүттэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрбэккэ атын оройуоҥҥа илдьэн төрөппүттэр. Саҥа төрөөбүт оҕону онно быраҕан кэбиспиттэр. Ол түмүгэр бу мин баар буолбуппун.

Кэлин Дьокуускайга тиийэн ийэбэр киирэ сылдьыбытым. “Эһэм” диэн аатырыахтаах киһи эмиэ баар, тыыннаах эбит этэ. Ийэм миигин быраҕан баран ыал буолан, хас да оҕолонон, чэчирээн, байан-тайан олорор эбит. Кинилэргэ тиийэн тугу да куруубайдаабатахпын, ордугу-хоһу тылласпатахпын, баайы-нэһилиэстибэни үллэстээри тииспэтэхпин Айыы таҥара бэйэтэ көрөн турар. Үйэлээх сааспар биир да чугас киһитэ суох үөскээбит киһи быһыытынан, тиийэн кэпсэтэ, ону ааһан ааттаһа сатаабыппын барытын киэр илгибиттэрэ. “Кимҥин билбэппит, киэр буол! Милииссийэни ыҥырабыт!” диэнтэн атыны билбэтэхтэрэ. Киһини өлөрбүппүн, бука, истибитиҥ буолуо. Ол кинилэр. Кыра эрдэхпинэ биирдэ быраҕан оҕо сааһа суох хаалларбыттарын, олохпун алдьаппыттарын тулуйуохха сөп, иккистээн оннук сириллиини – бырастыы гыныллыбат. Ийэбин өлөрбүппүн эйигиттэн атын ким да билбэт, суукка “баайдарын халаары өлөрбүтүм, кимнээҕин билбэппин” диэбитим.

Чэ, ол кэннинээҕи олохпун кэпсии барбаппын. Интэриэһинэйэ суох. Ол эрээри хайдахтаах да бэйэлээх аатырбыт, амырыын хаайыыларга дьиэбэр сылдьар курдук сылдьыбытым. Ити чааһыгар баҕас иитиллибит төрүт эйгэм көмөлөспүтэ.

Бу орто дойдуга төрөөн баран туох да суола-ииһэ, өйдөбүлэ суох сүтэн-оһон хаалар куһаҕана бэрт. Муҥ саатар эн “хаһан эрэ оннук табаарыстана сылдьыбытым ээ” диэн санаан ааһаар. Баҕар, биир эмэ киһиэхэ кэпсээр. Онтон ордук миэхэ туох да наадата суох. Били иэс ылбыт харчыбын, хомойуох иһин, төнүннэрэр кыаҕым суох.

Быраһаай. Урукку табаарыһыҥ Баһылай”.

Ити курдук оҕо сааһым доҕоро Бааска суруйбут кэриэс суруга өлбүтэ уонча сыл буолбутун эрэ кэннэ туһааннаах аадырыһын булбута. Онон табаарыһым тиһэх баҕа санаатын толорон бу мин суруйа олорбун.

Николай КОНСТАНТИНОВ.

“ВКонтакте” сайт “Сахалыы кэпсээннэр, номохтор” бөлөҕүттэн.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0