Суруйааччылартан автографтаах кинигэ

28.08.2017
Бөлөххө киир:

«Бэчээт тиэргэнэ» регионнар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка сылтан сыл аайы географията, кыттааччыта кэҥээн дьон-сэргэ биһирэбилин ылар. Быйыл даҕаны, күүтүүлээх ыалдьыт кэриэтэ, ааҕааччылар тиэргэннэригэр киирэн кэллэ.

edersaas.ru

Күн-дьыл туран биэрэн уонна сөптөөх иһитиннэрии, сырдатыы эрдэттэн ыытыллан, элбэх киһи тоҕуоруста, улахан бырааһынньыкка кубулуйда.

Улахан болҕомтону, мэлдьи буоларын курдук, «Тыыннаах автограф» тэрээһин ылла. Ааҕааччылар биһирээн ааҕар суруйааччыларыттан, ааптардарыттан илии баттааһыннаах кинигэлэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Икки күннээх быыстапка кыттааччылара санааларын үөрэ-көтө үллэһиннилэр.

Саргылаана Спиридонова, суруйааччы:

Дьон-сэргэ ааҕар буолан, кинигэ атыылаһарга көхтөөхтөрүн бэлиэтии көрдүм. Чуолаан, саастаах дьон уус-уран кинигэҕэ, эдэр төрөппүттэр оҕо, үөрэх кинигэлэригэр наадыйаллар. Ол эрээри, кириисис биллэр быһыылаах, сорохтор тутан-хабан, ымсыыран баран атыыласпаттар. Хата, «Бичик» кинигэ кыһата араас чэпчэтиилэри, ааксыйалары оҥорон абыраата. Кинилэр олус тэрээһиннээхтик, аныгылыы толкуйунан үлэлииллэрин сөҕөбүн уонна хайгыыбын.

Дьон-сэргэ бу тэрээһинтэн аҥаардас ырыа-хоһоон күрэхтэриттэн астынан, дуоһуйан барда. Күммүт-дьылбыт да туран биэрдэ.

Лариса Попова—Көҥүл Кыыс, прозаик:

Быйыл «бичиктэр» сэһэммин бэчээттээннэр, үөрүүм үрдэ суох. Бэйэм быйыл «Тыыннаах автографка» кытынным. Былырыын эмиэ сылдьыбытым. Онно суруйааччылартан автограф ылбыт буоллахпына, быйыл бэйэм автограф суруйар дьоллоннум. Ааҕааччылар элбэхтэрэ киһини үөрдэр. Ыччаттар элбээбиттэр. Сорохтор мин айымньыбын аахпыттарын, сэргээбиттэрин этэн үөртүлэр. «Ааптар эн эбиккин дуу?» — диэн соһуйаллар.

Суруйааччы ааҕааччытын кытары көрсүһүүтүн тэрийии түбүктээх үлэттэн тахсыбытын билэбин. Онон тэрийээччилэргэ ис сүрэхпиттэн махтанабын. Бары дьоллоох буолуҥ!

Борис Николаев, «Сунтаар сонуннара» хаһыат эрэдээктэрэ:

«Тыыннаах автограф» тэрээһиҥҥэ сылдьан, чугас дьоммор бэлэх гынан кинигэ арааһын атыыластым. Бэйэм улуустан сылдьарым быһыытынан, биир идэлээхтэрим бэчээтинэй бородууксуйаларын сэҥээрэ көрдүм. Горнай, Таатта, Чурапчы, Кэбээйи, Абый уо.д.а. улуустар эрэдээксийэлэрэ бэртээхэй кинигэлэри, брошюлары (сувенирдарга тиийэ) таһаарбыттар. Кинилэр бородууксуйаларын дьон сэҥээриитэ, мин санаабар, ааҕааччы кумааҕы хаһыакка да, кинигэҕэ да наадыйарын көрдөрөр.

Егор Горохов, Усуйаанаттан кэлэ сылдьар ыалдьыт:

— Мин маннык тэрээһин баарын уруккуттан истэр-билэр этим. Быйыл үлэбинэн командировкаҕа кэлэ сылдьан, оруобуна түбэстим. Дьэ, барыларыттан да атыыласпатарбын, аргыый-наллаан кинигэ атыылааччылары сирийэн көрдүм, билистим. Элбэх суруйааччыны кытары билистим. Этэргэ дылы, «тыыннаахтыы көрдүм». Элбэх эдэр билбэт суруйааччыларым баалларын бэлиэтии көрдүм. Бары олорон эрэ кинигэлэрин ис хоһоонун кылгастык кэпсииллэр. Онон син толкуйдаан баран атыылаһаҕын.  Автографтаах кинигэлэрим ахсаанын байыттым диэн үөрэ сылдьабын.

Валентина Семенова сахалыы бастакы хаһыаттар, сурунааллар тустарынан оҥорбут хомуурунньуктарын атыыластым. Валентина Григорьевнаны I истиэпэннээх дипломан буолбутунан эҕэрдэлиибин!

Анастасия Егорова, куорат олохтооҕо:

— Олус астынным. Наталья Харлампьева, Лена Слепцова-Куорсуннаах кинигэлэрин атыыластым. Поэзияны сэҥээрэр буоламмын, кыра-кыра элбэх кинигэни атыыластым.

Быйыл «Айар кут» диэн литературнай түмсүү кыттыылаахтара «офсеттарга» элбэх кинигэни бэчээттэппиттэрин көрөн сөхтүм. Киһи барыта улахан бэйиэт буолбатар да, дьон барахсан дууһата ыллыырын, сүрэҕэ этэрин сурукка-бичиккэ киллэрэн, кинигэ гынан таһаарара туох куһаҕаннаах буолуой? Маладьыастар эбит.

Ону сэргэ, өрөспүүбүлүкэ улуустара дьоһуннаах, иһэ-истээх кинигэлэри бэчээттээн, нэһилиэнньэҕэ туһалаах өҥөлөрү оҥороллорун хайҕаатым.

Ити курдук, икки күн устата ыытыллыбыт «Тыыннаах автограф» тэрээһиҥҥэ айар-тутар дьон уонна ааҕааччылар көрүстүлэр. Суруйар дьон ааҕааччы санаатын, хайҕабылын, сэмэтин, баҕа санаатын ылан, айар-тутар идэлэригэр күүс-уох ылыннылар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0