Аатырбыт Переделкиноҕа курдук, Саха сиригэр суруйааччылар кэлэн сынньанар, иэйии көтөрүн кутуругуттан тутан, айымньы суруйан барар дьиэлэрэ баар буолуон хас көлүөнэ айар куттаах дьоно ыра санаа ымыыта оҥостубуттара буолуой? Ол баҕа санаа олоххо киирэр туруктанна.
Суоттутааҕы “Дружба” комплексы кыратык ааһа бардахха, “Лазурный берег” диэн саҥа туристическай комплекс тутуллубут. Манна суруйааччыларга аналлаах Айар балаҕан тутуллар үһү диэн сураҕы истээт, анаан тиийэ сырыттыбыт. Хаҥалас хайатын анныттан мотуоркаҕа олорсон, Суотту диэки көтүттүбүт…
Аатырбыт Сууллар Хайа туруору эниэтэ ыраахтан маҥхайан көстөр. Кырдьык, кумаҕа сиҥнэ турар эбит, үөһэ үүнэн турбут мастар охтубуттар. Оттон хайа үрдүгэр хатыҥ чараҥ күөх лабаатынан далбаатанар, мастар үрүҥ сотолоро кылбаһаллар. Сыыр сиҥнэн иһэр буолан, манна былыр көмүллүбүт нуучча хаһааҕын уҥуоҕа тахсан кэлбит эбит.
Бу сир Старый Город диэн ааттаах. Ол эбэтэр, нууччалар аан бастаан кэлэн баран, остуруоктарын Мыымах кинээс сирин утары арыыга туппуттар, онтон халаан уута ылбытын иһин, бу эҥэр көһөрбүттэр. Туймаада хочотугар остуруок кэлин тутуллубут. Онон бу — ытык сир.
Туруору сыырга мас кирилиэс тутуллубут. Ортолоон, саҥа аҕылаан тахсан истэххэ, сынньанарга аналлаах ыскамыайкалаах. Кирилиэһи дабайан таҕыстаххына, үөһэттэн олус кэрэ көстүү арыллар. Өлүөнэ эбэ барахсан унаар урсуна көҕөрөн, үрэхтэрин, сүүрүктэрин хонноҕун анныгар уктан, быйаҥнаах арыыларын таптайбахтаан, холкутук-наҕыллык да уста сытар. Ырыых-ыраах уҥуор Эҥсиэли хочото нэлэһийэр. Киһи хараҕа көрөрүн тухары күөх унаар, долгулдьуйар киэҥ дуол! Ким көрөн үөрбэт, сүрэҕэ долгуйбат буолуоҕай, бу маннык көстүүттэн!..
Үөһэ бэс чагда, хатыҥ чараҥ, тиит мас уонна харыйа былаан үүммүттэрэ ураты салгыннаах. Манна тыынарга да чэпчэки, сыттыын ураты. Дьиктитэ диэн, кураанах уонна салгыннаах буолан, бырдаҕа суох. Тохтообокко кэҕэ этэн кэҕийэр. Ойуур быыһыгар сабыс-саҥа дьиэлэр, сиэдэрэй беседкалар дьэндэспиттэр. Улахан балаҕан акылаата түспүт. Баанньык тутулла турар. Бу комплекс тутуута былырыыҥҥыттан саҥа саҕаламмыт диэтэххэ, улахан үлэ оҥоһуллубут. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна, араас чыпчыҥныыр уоттар ыйаннахтарына, ыраахтан ыҥыра-угуйа туруоҕа.
“Лазурный берег” туристическай-чэбдигирдэр комплекс дириэктэрэ Василий Герасимович Винокуровы көрсөн, кэпсэттибит.
—Былырыын от ыйыгар аһыллыбыппыт. Сыл буола илик. Идиэйэтэ икки сыллааҕыта үөскээбитэ. Бастаан атын миэстэ булбутум, ол ыраах соҕус уонна катер тохтууругар эрэйдээх этэ. Булан баран, тута үлэтин ыытан саҕалаабытым, ол эрээри сир докумуонун оҥорторорго өр соҕус бириэмэ барбыта. Дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах диэн биэрбитэ, ону ойуур хаһаайыстыбатын департамена сууттаһан, докумуонун соторутааҕыта эрэ ыллым.
Барыта 9 га сирдээхпин, 49 сылга ылбытым. Ону таһынан, былырыын куонкурустарга кыттан, “товарное рыбоводство” диэн хайысханан үс күөллэммитим. Икки күөл 16-лыы, биир 89 гектардаах. Балыгы иитэр-үөскэтэр салаанан дьарыктанан эрэбит. Элбэх атын регионнары кэрийэн көрдүм, үөрэттим. Матвей Матвеевич Тэптиргээнэп диэн уу харамайдарын үөрэтэр учуонайы кытта гидрохимическэй анаалыстарын оҥорбуппут, онтубут эппиэттэһэр. Күөллэри дириҥэтии, ыраастааһын үлэтэ барыахтаах. Быйылгыттан саҕалаан, бастаан сытыйбыт мастары ыраастыахпыт.
— Манна сынньана кэлэр дьоҥҥо туох өҥөнү оҥороҕутуй?
— Туристарга балыктааһыны, сөтүөлээһини, сир аһын хомуйууну тэрийэбит. Отон, тэллэй, күөх луук өлгөмнүк үүнэр. Эмтээх оту хомуйан, фитобар үлэлэтиэхпит. Саас куска, лицензиялаах буоллаҕына, туртаска бултааһыны, куйууру, күһүн муус аннынан балыктааһыны тэрийэбит. Бу манна “Намский” уонна “Бөрөлөөх” диэн анал учаастактарга “Сбербаан-онлайн” нөҥүө лицензия атыылыыбыт. Уон күҥҥэ хатыыска, чыыр балыкка бэриллэр лицензия 420 солкуобайдаах. Лицензията суох буоллахха, хатыыска ыстарааба улахан, онон сокуону тутуспут быдан ордук.
Быйыл уонча киһи кэлэн кустаан барда. Кус-хаас тохтуур сирэ. Чугас Хоҥор диэн алаастаахпыт, күөллээхпит, былыр сахалар төбүрүөннээн олорбут наһаа үчүгэй сирдэрэ баар. Онон алааска да, арыыларга да кустатыахпытын сөп.
Быйыл улахан кыайыыбыт – уот тардынныбыт, подстанция туруордубут. Онон былааммыт киэҥ. Билигин үлэлии турар 4 дьиэлээхпит, 24 киһини хоннорор кыахтаахпыт. Дьиҥэ, ол кыра. Онон салгыы туттуохпут, уонча дьиэ буолуо. Баанньык тутта сылдьабыт, 7,5х7,5-даах дьиэбитин ыалдьыт түһэр дьиэтэ оҥоруохпут, кыһыҥҥы өттүгэр кафе үлэлиэ. 150 киһиэхэ аналлаах балаҕан, банкетнай саала тутулла турар. Кэлин араас сыбаайба, үбүлүөй, кэмпириэнсийэ ыыталларыгар табыгастаах. Хаҥалас бөһүөлэгин таксиларын кытары дуогабардаахпын, биир кэлиигэ катерынан 60 киһини аҕалар кыахтаахтар. Оттон массыыналаах дьон паромунан кэлэллэр.
Мантан 1,5 килэмиэтирдээх сиринэн гравийдаах суол ааһыахтаах, оччоҕо тырааныспар чааһа чэпчиир. Уунан да, сиринэн да кэлэр кыахтаналлар. Суоттуга диэри 15 км, быһалыы бардахха, “Дружба” мусуойа 8 км. ыраах.
Сааскы өттүгэр хатыыскалааһыны тэрийиэхпит. Өрүһүнэн быһалыы суол астарыахпыт, көрөргүт курдук, оол Хаҥалас хайата көстөн турар. Куорат чугаһынан маннык кэрэ көстүүлээх сир суох даҕаны. Балтараа чааһынан куораттан холкутук кэлиэххэ сөп.
Хонугар 1 тыһыынчаны төлүүллэр. Кэккэ чэпчэтиилэр бааллар. Утуйар таҥас биэрэбит. Сахалыы иһит-хомуос баар. Астарын бэйэлэрэ илдьэ кэлэллэр, кэлин кафе аһылыннаҕына, манна аһатыахпыт. Шашлык, барбекю, уу аттракционнара баар буолуохтара. Сөтүөлүүр сир чугас. Биһиэхэ кэлбит дьон сөбүлээн, син биир эргиллэ тураллар. Былаан киэҥ. Омуктарга анаан толору хааччыллыылаах дьиэлэри киллэриэхпин баҕарабын. Москваттан элбэх киһи кэлэр, Болгарияттан, Кытайтан ыалдьыттаабыттара.
Эко- уонна этнотуризм
— Аан дойдуга ыраас, экологическай туризмы сүрдээҕин сэҥээрэр буоллулар. Аттынааҕы Чараҥ диэн алааска кус-хаас иитэн, тэпилииссэ тутан, хортуоска үүннэрэн, бэйэбит аспытынан туристары аһатар былааннаахпыт. Ону ситиһиэхпит дии саныыбын. Быйыл 300 башкирскай боруода куһу аҕалаары сылдьабыт. Кыһыннары туппакка, тута улаатыннаран сиир сыаллаах, күөлгэ күрүө-хаһаа тутан, иитэн боруобалаан көрүөхпүт.
Күөллэрбитигэр быраҥааттаны, кыһытайы уонна сордоҥу ыытыахпыт. Туристары балыктатыахпыт. “Главрыбвод” кытта судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство дуогабарын түһэрсэн, инкубационнай-мальковай сыах тэринэн, балык ыаматын улаатыннаран өрүскэ, күөлгэ ыытыахтаахпыт. Быраҥааттаны үөскэтии – мин ыра санаам. Ити кыһыллар балык, олус минньигэс.
Аны күөллэрбит былыыктара (сапропель) тыһыынчанан сылларга мунньуллубут минераллардаах, эмтээх. Сүһүөх ыарыытын эмтиир. Оннооҕор бааһынаҕа куттахха, нитраты суох гынар. Балык аһыыр базата да буолар.
Дьон күөллэри сыыйа ылан эрэллэр. Саха дьоно ылыахтарын наада. Этэргэ дылы, саатар, аҕыйах күөлбүтүн тутан хаалыахпытын наада. Маспыт, сирбит анна биһиэнэ буолбатах. Дьиҥэ, балыгы иитии — барыстаах саҥа хайысха. Уон тыһыынча туоннаны ылан баран, биирдии мөһөөххө да атыылаатахха, биир миллиард дохуоту аҕалар салаа олох туһаныллыбакка сылдьар. Өлүөнэ өрүс балыга эһиннэ. Бастакы эһии сэрии кэмигэр буолбут, ол онтон ситэ өрүттэ илик. Онон балыгы үөскэтии, иитии тыын боппуруоска кубулуйан эрэр.
Харчылаах, трофейнай сордоҥҥо баҕарар дьону Кэлэҕэ, Билээҥки айаҕар, Ханчалыга, Кэҥкэмэҕэ, Беленькайга тур оҥорон илдьиэхпин сөп. Буулуур арыыны ыларга сайаапка биэрбиппит, онно перевалочнай база туруохтаах. Онтон “Кобяконскай курьяҕа” салгыы илдьиэхпитин сөп. Балыктаах сирдэр бааллар. Манна да күөгүгэ куһаҕана суох, спиннинҥэ хабар. “Намскай” учаастакка хатыыс син тутар, киһи кураанах барбат. Сүрдээх үчүгэй айылҕалаах.
—Оттон этнотуризмҥа туох киирэр?
— Мантан чугас, 300 миэтэрэлээх сиргэ бастакы куораты туппут хаһаактар уҥуохтара баар. Онно “Русский Север” диэн хампаанньа “Первооткрывателям Якутска” диэн бэлиэ суругу ыйаан турар. Сууллар Хайаттан носорог, оҕус муоһун булбуппут. Бастакы остуруок көһөрүллэн тутуллубут Буойун диэн учаастак мантан 6 килэмиэтирдээх сир, онно чосуобуна, мэҥэ таас турар. Буойунтан “Дружбаҕа” диэри туристическай маршрутунан, мыраан үрдүнэн өрүһү көрө-көрө сатыы хааман тиийиэххэ сөп.
Хоҥор алааска сахалыы балаҕан тутуохпут. Саастаах дьон, эбэтэр омуктар чуумпуга, сайылыкка былыргылыы олорон, саха төрүт аһын аһаан, ынах ыан, кыыллардыын бодьуустаһан, сир астаан, айылҕалыын алтыһан, сынньаныа этилэр. Билигин манна үлэһиттэрим — икки дьиэ кэргэн кыһыннары олорор.
—“Дружба” мусуойа чугас эбит дии. Күрэстэһии курдук буолуо суоҕа дуо?
— Суох, оннук буолбат. Аһыллыыбытыгар Раиса Реасовна Кулаковская кэлэ сылдьыбыта. Кыттыһан үлэлиэхпит диэн кэпсэппиппит. Кинилэргэ кэлбит дьон манна хонуохтарын, биһиэхэ кэлбиттэри мусуойу илдьэн көрдөрүөхпүтүн сөп. Саха сиригэр туризмҥа күрэстэһии диэн суох, бэйэ-бэйэбитин өйөһөн үлэлиибит. Холобур, “Кобяконская курья” диэн турбазаны кытары бииргэ үлэлэһэбит.
Бу сиргэ Айар балаҕан тутуллан, үйэлээх айымньылар суруллуохтара.
— Оттон тоҕо Айар балаҕаны тутарга сананныҥ?
— Кыра сылдьан элбэх сахалыы кинигэни аахпыт киһибин. Сахалыы балаҕан тутуохпун, онно ураты эйгэни үөскэтиэхпин урут-уруккуттан баҕарабын. Туойтан симии көмүлүөктээх буолуоҕа, ол аттыгар олорон айар куттаах дьон талааннара арыллыа, үчүгэй айымньылар суруллуохтара диэн эрэнэбин. Идиэйэтин доҕорум, суруйааччы Степан Сивцев-Хамалҕа эппитэ, беседка, балаҕан тутарга көмөлөспүтэ. Бу сырыыга суруйааччылар кэлэн балаҕан ханан туруохтааҕын көрөн-истэн, бэлиэтээн бардылар, сүрдээҕин сэҥээрдилэр. Кэлин атын да айар үлэһиттэр хонон ааһыахтарын сөп буоллаҕа.
Дьон-сэргэ тоҕуоруһара үчүгэй буоллаҕа дии. Бэйэтэ магнит курдук сир, тарда турар, онон иккистээн хайаан да кэлэллэр. Эһиил тутуу бүтэн, наар дьону сынньатарынан дьарыктаныахпыт. Билигин аралдьыйарбыт бэрт, үлэ бөҕө бара турар. Ол эрээри, уоппут киирэн, санаам бөҕөх. Былаан элбэх, мини-пилорама ылан, тутуубутун түргэтэппит киһи.
—Урут тугунан дьарыктаммыккыный?
— Идэбинэн физрукпун, учууталлыы сылдьыбытым. Куоракка көһөн баран, тыраахтар сапчааһын атыытынан дьарыктаммытым, Намҥа хортуоска-хаппыыста үүннэрэ сылдьыбытым. Булчуппун, хотунан-соҕуруунан элбэхтик сырыттым, бултаах сирдэри кэрийдим. Айылҕаҕа сылдьарбын туохтааҕар да ордоробун. Бэйэм Көбөкөҥҥө, Тараҕана сайылыкка, өрүс үрдүгэр төрөөбүт киһибин. Куоракка киһи үлэ булан үлэлиэ этэ да, ол мин эйгэм буолбатах. Саха киһитэ айылҕаҕа олоруохтаах, сирин-уотун көмүскүөхтээх, көрө-истэ сылдьыахтаах, хаһаайын буолуохтаах дии саныыбын.
Кырдьар сааспар биэнсийэҕэ олорор санаам суох, маннык тэринэн-дьаһанан олорон, дьону көрсүөм, алтыһыам, оҕолорбор күүс-көмө буолуом этэ. Дьону кытта алтыһарбын сөбүлүүбүн. Мотуорга олорботохпуна, этэргэ дылы, “ыалдьан” киирэн барабын. Эдьиий Дуора этэринэн, эбэни туоруурга киһи ыраастанар. Айылҕа саҕа ыраастыыр, арчылыыр суох, онон сахалар айылҕабытын кытары ситиммитин быһыа суохтаахпыт. Оҕолорбутун, сиэннэрбитин эмиэ айылҕаҕа таһааран сырытыннаран, үгэстэргэ үөрэтиэхпитин наада.
Сахалар “Гектарынан” да буоллун, кыах баарынан сир ылан, дьиэ-уот туттан, хаһаайынныы сананыахпытын наада. Хайа муҥун, ытыспытын эрэ тоһуйан олоруохпутуй? Саха сиригэр туризм сайдар кыахтаах. Ол туоһутунан, Намҥа элбэх турбаза баар.
Манна бэрээдэги көрө олоробут. Сайын арыы аайы олус элбэх киһи кэлэр. Бөх-сыыс хааллардахтарына, айдаардахтарына, тиийэн кэпсэтэбин, үүрэбин даҕаны. Билигин хаһаайыттар бааллар, үөһэттэн көрөн олороллор диэн билэллэр, барытын хомунан барар буоллулар. Хаһаайыннаах, дьонноох эрэ сир сайдар дии саныыбын. Айылҕа да бэйэтэ ону ирдиир, дьоно суох буоллаҕына, чуҥкуйар. Биһиги сиэри-туому тутуһабыт, сири-уоту аһата, көрө-истэ сылдьабыт. Онон туох да куһаҕаны оҥорбот, үгэһи тутуһар, харыстыыр дьоҥҥо айылҕа көмөлөһөр дии саныыбын.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Аграфена КУЗЬМИНА түһэриилэрэ.
I am text block. Click edit button to change this text. Lorem ipsum dolor sit amet, consectetur adipiscing elit. Ut elit tellus, luctus nec ullamcorper mattis, pulvinar dapibus leo.