Бу күннэргэ Дьокуускайга литератордарга, тылбаасчыттарга, суруйааччыларга аналлаах култуурунай дьаһаллар ыытылла тураллар.
edersaas.ru
Ол курдук, аныгы тылбаас оскуолатын, Арассыыйаҕа олорор омуктар тылларыттан поэзияны нууччалыыга тылбаастааһын, дойдуга олорор омуктар литэрэтиирэлэрин тылбаастааһыны өйөөһүн, Арассыыйа норуоттарын аныгы айымньыларын хомуурунньугунан таһаарыы уо.д.а. боппуруостарга лиэксийэлэр, семинардар ыытыллаллар.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Төрөөбүт кинигэм» («Родная книга») бырайыагы тэрийээччилэр пресс-конференциялара буолла.
Бырайыагы «Б.С.Г.- Пресс» Москватааҕы кинигэ дьиэтэ Росбэчээт өйөбүлүнэн ыытар. Бырайыак чэрчитинэн биһиги тылбаасчыттарбытыгар уонна литератордарбытыгар нууччалыы тылбааска туһалаах сүбэлэри-амалары биэриэхтэрэ. Бу күн кинилэр «Төрөөбүт кинигэм» бырайыак олоххо хайдах киириэҕин билиһиннэрдилэр.
«Төрөөбүт кинигэм» бырайыак Саха сиригэр ыытылларын «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров сүрүннүүр.
«Биһиэхэ литэрэтиирэ эйгэтигэр уонна кинигэни бэчээттээһиҥҥэ улахан аптарытыаттаах, элбэх бэрэстэбиитэллээх дэлэгээссийэ кэлбэтэҕэ быданнаата. Биһиги бырайыакпыт сүрүн тиэмэтэ – тылбаастааһын үлэтэ. Ыалдьыттарбыт хас биирдиилэрэ – улахан эйгэни үөскэтээччи дьон. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр саҥа айымньыны айан, саҥа эйгэни үөскэтэллэр», – диэн, ыалдьыттары билиһиннэрдэ.
Дэлэгээссийэни салайар Максим Амелин бэлиэтээбитинэн, бу бырайыак номнуо иккис айана. Аан бастаан былырыын саамай элбэх омук олорор Дагестан Өрөспүүбүлүкэтигэр сылдьыбыттар.
ххх
Кинилэр Саха сиригэр кэлиилэрэ өссө «Аан дойду норуоттарын поэзията» антологияны кытары сибээстээх. Антологияҕа 87 омук (ол иһигэр, Саха сирэ) бастыҥ бэйиэттэрин айымньылара тылбаастанан бэчээттэммиттэр. Өссө биир ыйынан оҕо литэрэтиирэтигэр анаммыт антология бэчээттэнэн тахсара былааннанар.
Антологияҕа тылбаастааһыҥҥа кыттыбыт бэйиэттэр үксүлэрэ кэлбиттэр. Кинилэр тылбаастааһын кэмигэр көрсүбүт кыһалҕаларын, үөскээбит мөккүөрдэри, ирдэбиллэри ырыттылар. Максим Амелин ааптардар бэйэлэрэ тылбаастаан холоноллоро үксүгэр табыллыбатын болҕомтоҕо ылла. Бэйэлэрэ тылбаастаабыт ааптардар 40 бырыһыаннарын үлэлэрэ эрэ табылларын, тылбаастааһын мындыр үлэ буоларын эттэ. Оттон Саха сиригэр хаста да кэлэ сылдьыбыт Санкт-Петербург суруйааччыта Евгений Каминскай ханнык да омук айымньытын тылбаастыырга тылбаасчыкка курдаттыы таайар дьоҕур баар буолуохтааҕын тоһоҕолоон эттэ. Максим Амелин Саха сирин суруйааччылара Елена Слепцова-Куорсуннаах, Гаврил Андросов айар үлэлэрин сэҥээрэрин, сөҕөрүн-махтайарын астына бэлиэтээтэ. Куорсуннаах «Аан талҕа» арамаанын тылбаастаан, Арассыыйа омуктара бары билиэхтэрин баҕарарын, онно көмөлөһүөххэ наадатын эттэ.
Арассыыйа араас куораттарыттан кэлбит ыалдьыттар Саха сиригэр алтынньы 3 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ.
ЫСПЫРААПКА:
Делегация састаабыгар бааллар:
—— Кинигэ таһаарааччы, бэйиэт, тылбаасчыт, эссеист, чинчийээччи Максим Амелин,
— литературовед уонна сценарист Виктор Куллэ,
— бэйиэт Евгений Каминскай,
— «Норуоттар доҕордоһуулара» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Сергей Надеев,
— бэйиэт уонна тылбаасчыт Михаил Липкин,
— кириитик Алексей Саломатин,
— филолог Алексей Арзамазов.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Рената Бродников түһэриилэрэ