Суруйааччы Василий Иванов 2020 сылы икки кинигэлээх көрүстэ

20.01.2020
Бөлөххө киир:

Өссө XVII-XIX үйэлэргэ бэйэлэрин тустаах үлэлэрин таһынан араас атын хайысханан үлүһүйэн дьарыгырбыт быраастар элбэхтэр. Кинилэр литератураҕа, тиэхиньикэҕэ, физикаҕа, химияҕа, астрономияҕа, судаарыстыбаннай сулууспаҕа, о.д.а. үлэлэргэ сүҥкэн ситиһиилэринэн аан дойду историятыгар албан ааттара көмүс буукубаларынан суруллубуттар.

edersaas.ru

Манна аҕыйах ааты ааттаатахха, астроном Николай Коперник, революционер, Кытай Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Сунь-Ят Сен, суруйааччылар Артур Конан Дойль, А.П. Чехов, В.В. Вересаев, М.А. Булгаков, о.д.а. бааллар.
Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр итинник быраастар, чуолаан литературанан дьарыгырааччылар, эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Олортон биирдэстэрэ, быраас, суруйааччы, суруналыыс Василий Иннокентьевич Иванов 1942 сыллаахха Кэбээйи оройуонун Куокуй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

ххх

Сэрии сут-кураан сылларын оҕото Василий: “Ийэм ыанньыксыт буолан, оҕо сааһым саха бээгэй ынахтарын, ньирэйдэрин ортолоругар, кии сыттаах пиэрмэлэригэр, айылҕа эйгэтигэр ааспыта. Кырдал отун саҕабыттан кыраабылы туппутум диэххэ сөп, ол аата төрдүс кылааһы бүтэриэхпиттэн сайын аайы аҕабын кытта окко сылдьыбытым, бырдахха сиэппитим, куйааска буспутум. Онон отчут-масчыт дьон күннээҕи түбүгүн, олоҕун эйгэтин эппинэн-хааммынан билэн улааппытым», — диэн суруйбута.
Василий Иванов 1973 сыллаахха СГУ медицинскэй факультетын бүтэрэн, хирург идэтин ылан, Орджоникидзевскай (Хаҥалас), Кэбээйи оройуоннарыгар, Дьокуускай куоракка үлэлээбитэ. Хирург В.И. Иванов суһал да, былааннаах да эппэрээссийэлэри сатабыллаахтык оҥорон, үгүс киһини өлөр өлүүттэн өрүһүйбүтэ.

ххх


Хирург түбүктээх, сыралаах-сылаалаах үлэтиттэн быыс-арыт булан, устудьуоннуур сылларыгар Е.П.Шестаков-Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүүтүгэр дьарыктаммытын салҕаан, кэпсээҥҥэ, сэһэҥҥэ ылсан, суруйан барбыта.
Ити мээнэҕэ буолбатах эбит. Ол курдук: «Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн хоһоон, кэпсээн суруйа «оонньуурум». Бастакы кэпсээннэрим «Бэлэм буолга» («Кэскил») 1964 сыллаахха тахсыбыттара», — диэн ахтар Василий Иннокентьевич.
Хирург Василий Иванов ааҕааччы да, кириитикэ да сэҥээриитин ылбыт «Күн уотун туттум» (1975), «Луҥха ырыалара» (1978), «Кырдьаҕастар уонна эдэрдэр» (1982) кинигэлэрэ тахсыбыттара. Кини литература эйгэтигэр билиниини ылан, 1987 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн ылыллыбыта, айар-суруйар киэҥ аартыкка бигэтик үктэммитэ. 2005 сыллаахха «Биһиги аҕаларбыт» диэн сэрии тиэмэтигэр анаммыт сэһэнэ бэчээттэммитэ.
Кини  2002-2012 сылларга «Саха сирэ» хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн, «Чолбон» литературнай-художественнай сурунаал прозаҕа салаатыгар эрэдээктэринэн айымньылаахтык үлэлээбитэ. Ити курдук, В.И. Иванов суруйааччы, суруналыыс айар-суруйар айымньылаах үлэтигэр бэйэтин сүппэт-оспот суолун-ииһин хаалларбыта.

ххх

Бу күннэргэ суруйааччы, суруналыыс В.И.Иванов «Айан аргыстаах, суол доҕордоох» диэн саха өһүн хоһоонун бигэргэтэн, олоҕор буолбут түгэннэри, онно көрсүбүт, алтыспыт биллиилээх, киэҥ араҥаҕа биллэ-көстө да илик дьонун-сэргэтин туһунан иһирэх тылынан ахтар-саныыр «Бэйэм туспунан бэйэм» (эссе, уочаркалар) уонна «Ахтар-саныыр дьоннорум» (уочаркалар, кэпсээннэр) кинигэлэрэ күн сирин көрдүлэр.

Кинигэлэр халыҥнарын, тупсаҕай оҥоһуулаахтарын таһынан ис хоһоонноро баайдар, ааҕааччыны кэрэхсэтэр иһитиннэриилээхтэр. Бу кинигэлэртэн билбэккин даҕаны билиэҥ, билэргин да бигэргэтиэҥ, үһү-домох курдук истибиккин да чуолкайдыаҥ.
«Бэйэм туспунан бэйэм» (эссе, уочаркалар) кинигэ икки түһүмэхтэн турар. Бастакыга Василий Иванов бэйэтин төрдүн-ууһун туһунан уос номоҕо буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит сэһэни-сэппэни архыып докумуоннарынан бигэргэтэн толору кэпсиир, ийэтин-аҕатын, бииргэ төрөөбүттэрин сэргэ, дьикти кэрэ айылҕалаах төрөөбүт дойдутун истиҥ, иһирэх тылларынан ахтар.
Кинигэ иккис түһүмэҕэр суруналыыс «Саха сирэ» хаһыакка үлэлиир кэмигэр суруйбут дириҥ ис хоһоонноох, кэрэни кэрэхсиир, үчүгэйи үйэтитэр уочаркалара киирбиттэр. Манна быраастар, суруналыыстар, артыыстар, наука үлэһиттэрин, тыа сирин үлэһит дьонун уобарастара арыллан ааҕааччы болҕомтотун тардаллар. Бу уочаркалары ааҕа олороҥҥун туох да эбиитэ, күүркэтиитэ суох билиҥҥи кэм дьоруойа кимий-тугуй диэн ыйытыкка толору хоруйу ыларыҥ саарбахтаммат.
«Ахтар-саныыр дьоннорум» (уочаркалар, кэпсээннэр) кинигэтигэр, ааптар айымньытын аата да этэринии, алтыспыт, бииргэ үлэлээбит дьонун туһунан ахтыылара түмүллэн киирбиттэр. Ааҕааччы манна «Суруйааччылар тустарынан кылгас бэлиэтээһиннэр», «Сүгүрүйэр, ытыктыыр дьоннорум» түһүмэхтэри таһынан, «Кинигэлэргэ киирбэтэх араас сылларга суруллубут кэпсээннэр» уонна «Миэхэ этиллибит истиҥ, иһирэх тыллар» диэн түһүмэхтэргэ элбэх сонун иһитиннэриилэрин таһынан олоххо буолбут түбэлтэлэргэ олоҕуран суруллубут кэпсээннэри ааҕыаҕа, сэргиэҕэ.
Дьэ, ити курдук ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар саха биллиилээх суруйааччылара Николай Якутскай, Күннүк Уурастыырап, Николай Габышев, ини-бии Семен уонна Софрон Даниловтар, Леонид Попов литература, айар-суруйар үлэ туһунан тылларын-өстөрүн истибит, «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүүгэ тахсан эрэр талааннаах бэйиэттэри В. Дедюкины, В. Потапованы, А. Бүлүүйүскэйи, Н. Винокуровы-Урсуну, прозаик, драматург И. Левины кытта алтыспыт суруйааччы, суруналыыс Василий Иванов үүммүт 2020 сылга ааҕааччыларыгар, литератураны сэҥээрээччилэргэ дьоһун бэлэҕи оҥордо.
Дьонун-сэргэтин таптыыр, үрдүктүк тутар, олох уостубатын туһугар идэтинэн бэриниилээхтик үлэлээбит, охсуспут быраас, ийэ дойдутун инники күөҥҥэ тутар, төрөөбүт төгүрүк алааһынан, ыраас уулаах Луҥха үрэҕинэн киэн туттар патриот-суруйааччы, суруналыыс Василий Иванов саҥа кинигэлэрэ дириҥ ис хоһооннорунан кэрэни кэрэхсииргэ, үчүгэйи үксэтэргэ, үлэнэн дьоллонорго суолдьут сулус буолуохтара.

“Саха сирэ”, хаһыакка, edersaas.ru сайтка анаан Валериан НИКОЛАЕВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0