Биһиги “Итии чэй” рубрикабытыгар бүгүҥҥү ыалдьыппыт — “Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна Рустам Каженкин.
Учууталларым сирдээбиттэрэ
— Рустам Николаевич, айар үлэҕэ хайдах сыстыбыккыный?
— Оскуолаҕа киириэхпиттэн бэртээхэй учууталларга үөрэммитим, куруук инньэ диэн бэлиэтиибин даҕаны. Оскуолаҕа В.С.Слепцова диэн саха тылын учуутала баар. Алын кылааска киниэхэ үөрэммиппит, онтон саха тылын идэтин бүтэрбитэ. Инньэ гынан, үрдүкү кылааска эмиэ кини салалтатынан үөрэммиппит. Айар эйгэҕэ чугас буолан, хоһоонунан, кэпсээнинэн суруйары биһириирэ.
Аны сыл аҥаара Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэнэр кэммэр, саха тылыгар билэлиэгийэ наукатын хандьыдаата С.Д.Егинова үөрэппитэ. “Тылга дьоҕурдаах эбиккин, хоһоонноргун биһирээтим”, — диэн хоһооннорум тэтэрээтин ылан ааҕан, ырытан, илдьиритэн сүбэлээн биэрэрэ. Онон Сардаана Дмитриевна миэхэ иҥэрбитэ элбэх. Эмиэ ол сылларга этэ дии, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына М.А.Попова хоһооннорбун “Кэскил” хаһыакка таһаартарбыта.
Дьиҥэр, юрист буолар санаалааҕым. Ол эрээри, оччолорго, Адыаччыга омук тылын учуутала суоҕа. Аттестаппар бу оҕо омук тылын үөрэппэтэҕэ диэн суруктаах. Инньэ гынан, саха тылын идэтин талбытым. Үнүбэрситиэккэ эмиэ айар куттаах дьон эйгэтигэр түбэһэн, биһиги кууруспутуттан Арассыыйа түөрт суруйааччыта таҕыста. Ити курдук айар эйгэҕэ сыстыым бэйэтэ сыыйа арыллан испитэ.
“Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!”
— Устудьуоннуур сылларгыттан саамай өйдөөн хаалбыт түгэннэриҥ бааллар дуо?
— Икки сыл уопсайга олорботоҕум. Үһүс сылбар, дьиҥнээх устудьуон аатын сүгээри уопсайга киирэргэ сайабылыанньа биэрдим, 17-с уопсайга түбэстим. Биһигини сэргэ, Арктикатааҕы үнүстүүт устудьуоннара олороллоро. Оруобуна ити сыл саҥа 67-с куорпус үлэҕэ киирбитэ. Биһигини 18-с куорпуска көһөрөр туһунан бирикээс тахсыбыта. Ону сөпсөспөккөбүт, 150 устудьуон илии баттаан эриэктэргэ сурук ыыттыбыт. Нөҥүө күнүгэр эриэктэр үс бэрэстэбиитэли ыҥырар диэн иһитиннэрии кэллэ. Васмар Руфов, Мария Кобельянова уонна мин мөҕүллээри бэлэм тиийдибит. Хата, мөхпөтө. Көһөр эрэ буоллахпытына атын бакылтыаттар бары биир куорпуска батар кыахтаахтарын туһунан барытын сиһилии быһааран биэрдэ. Тута сөбүлэстибит. Тиийбиппит, 150-ча киһи бары аактабай саалаҕа кэтэһэн олороллор, балаһыанньаны кэпсээтибит уонна бары тутуспутунан көстүбүт. Ити түмүгэр, 18-с куорпуска көһүүм нөҥүө күнүгэр “Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!” ырыа бэйэтэ суруллан хаалбыта. Оччолорго биһигиттэн үрдүкү кууруска үөрэнэр Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй ааҕан көрөн баран мелодия тахсыыһы диэт, сонно тута олорон эрэн гитаранан наһаа үчүгэй матыыбы айан кэбистэ.
“Кинигэ элбиир, ааҕааччы аҕыйыыр”
— Саха литэрэтиирэтин инникитин хайдах көрөҕүнүй?
— Литэрэтиирэ айар эйгэ буоларын быһыытынан, олоҕу кытта быһаччы ситимнээх. Хас биирдии улахан сабыытыйалар, дьон туруга, кинилэр уопсай таһымнара — барыта дьайар. Билигин кинигэ ахсаана элбиир эрээри, ааҕааччы аҕыйыы турар. Ити сүрдээх интэриэһинэй көстүү. Саҥа ааҕааччы тугу интэриэһиргиирий? Үчүгэй айымньы хаһан баҕарар ааҕыллымтыа. Аахпаттара эбитэ буоллар, “Төлкө”, “Хара кыталык”, “Сааскы кэм” атыыга билигин даҕаны туруох этилэр. Атыыга суохтар. Онон талааннаах айымньыларынан эрэ литэрэтиирэни кэскиллиэххэ сөп уонна урут суруллубуту нөҥүө түһэр, өссө сытыытык уобарастаан биэрэр курдук үлэлиэххэ наада.
Саха тылын дьылҕата
— Кэлин төрөөбүт тылга болҕомто намтаан эрэр курдук. Эн итиннэ туох санаалааххыный?
— Төттөрүтүн, болҕомто күүһүрбүт курдук диибин. Дойду бэрэсидьиэнэ Йошкар-Олаҕа эппит тылын кэнниттэн национальнай эрэгийиэннэргэ тыл боппуруоһа элбэх киһини түмтэ уонна тыл чахчы туох кыһалҕалааҕын быһаарсар араас хамсааһыннар үөскээтилэр. Борокуратуура, Рособрнадзор бэрэбиэркэлэрин кэнниттэн, биһиги көмүскэллээхпитин көрдөрдүбүт. Ол кэмҥэ сурунаалы ханнык тылынан толоробутуй, сахалыы үөрэтиэхтээхпит дуу, суох дуу, ол ханнык сокуоҥҥа сурулларый эҥин диэн элбэх ыйытыы күөрэйбитэ, быһатын, тургутан көрбүттэрэ.
“Айыы Кыһата” оскуола бүгүҥҥү туруга
— “Айыы Кыһата” оскуолаҕа дириэктэри солбуйаҕын. Эһигини территориянан үөрэх комплексыгар (ТОК) киллэрэн эрэллэр диэн иһиттибит…
— “Айыы Кыһата” туспа буруо таһаарынан олорорун кэтэспитэ 13-с сылыгар барда. Атыттартан уратыта – төрөппүттэр туруорсан тэрийбит оскуолалара. Ол сокуонунан көҥүллэнэр. Территориянан үөрэх комплекса тэриллэрин, “Айыы Кыһата” онно киирэрин батсаабынан ааҕан баран улаханнык соһуйбуппут. Тоҕо диэтэххэ, кыһыны-сааһы быһа Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетыттан биһиги туспа оскуола буолар дьаһалбыт хаһан тахсарый диэн суругунан да, тылбытынан даҕаны элбэхтик ыйыппыппыт. Чуолкай хоруйу хаһан даҕаны биэрбэттэр этэ. Комплекс тэриллэрин истэн баран, сэрэппэккэ эрэ сиэри сылдьыбыттар диэн санаа бэйэтинэн үөскүүр. Халы-мааргы быһыы. Бырайыагын хаарытыскаҕа түһэрэн батсаапка тарҕатан кэбиспит киһини, мин өссө үтүө санаалаах киһи диибин. Биллэн турар, хомолтолоох уонна хара маҥнайгыттан управление биһигини кытта бииргэ үлэлэһэн, ити докумуону тэҥҥэ оҥорбуппут эбитэ буоллар, баҕар, айдаан тахсыа суоҕа этэ. Учууталлар хаһан толкуйданыахпытыгар диэри, төрөппүттэр номнуо үөрэх салалтатын кытта баран көрсүбүттэр, #АйыыКыһатаКытаат диэн күүстээх хамсааһын саҕаланна. Төрөппүттэри ким даҕаны кикпэт, инньэ дии санаама. Бэйэлэрэ туруорсан астарбыт, номнуо иккис-үһүс оҕолоро үөрэнэр төрөппүттэр оскуолаларын туһугар туруулаһаллар. Уонна уопсастыбаннас ити бырайыактан олус долгуйда.
Баар кыһалҕаны төрөппүттэр тута өйдөөн, күүстээх туруорсууну тэрийдилэр. Кэлэктиип Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу А.С.Николаевка сурук суруйдубут.
—Рустам Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтал.
Олоҕун олуктара
Каженкин Рустам Николаевич
1985 с. олунньу 6 күнүгэр Булуҥ улууһун Күһүүрүгэр төрөөбүтэ.
2002-2007 сс. Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин Саха билэлиэгийэтин уонна култууратын бакылтыатыгар “Тыл үөрэхтээҕэ. Учуутал”, “Литературнай кириитикэ уонна редакциялааһын” идэлэргэ үөрэммитэ.
2006 с. бастакы кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.
2007-2011 сс. Дьааҥы улууһун Адыаччы орто оскуолатыгар үлэлээбитэ.
2011 с. Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия “Айыы Кыһата” оскуолатыгар үлэлиир.
2013 с. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Сэмсэ тыл
Ульяна Винокурова, социология наукатын дуоктара:
— Рустам Каженкины Адыаччы оскуолатыгар үлэлиир эрдэҕинэ саха тылын туһугар туруулаһар, оҕону иитиигэ кэскиллээх педагог диэн бэлиэтии көрбүтүм. Биллэн турар, айар уонна сүрүн үлэни тэҥҥэ дьүөрэлиир, айар куттаах киһиэхэ, баҕар, уустук буолуон сөп. Л.П.Шамаевалыын бииргэ тутуһан үлэлииллэрэ кэскиллээх. Тирэхтээх киһиттэн туһалаах кэскили күүтэбин.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Аграфена КУЗЬМИНА хаартыскаҕа түһэриитэ.