Суруйааччы туһунан видео-уруок

03.10.2019
Бөлөххө киир:

Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр салҕаналлар. Саха сирин норуоттарын муусукатын, фольклорун мусуойа кини туһунан видео-уруогу тэрийэн ыытта.


Уруогу Мүрү орто оскуолатын саха тылыгар, литературатыгар учуутала Лариса Васильевна Аргунова салайан ыытта. Бу оскуола 8 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Учуутал бастаан суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр сыһыаннаах викторинаҕа эппиэттииргэ көрдөстө. Бу кэмҥэ Л.Попов туһунан документальнай киинэ көһүннэ. Оҕолор киинэттэн хоруйдары булан, болҕойон истэн, суруйа олордулар. Ол кэнниттэн бэрт чобуотук уустук ыйытыыларга хоруйдаатылар.

Бу маннык видео-уруогу ыытыы ньымата олус ураты, сонун. Мусуой 2009 сылтан араас мультипликационнай, документальнай, музыкальнай киинэлэри устар. Номнуо 50-тан тахса киинэни уһуллулар. Кэнники кэмҥэ оҕолору үөрэтэр хайысхалаах, методическай босуобуйа курдук киинэлэри устан саҕалаабыттара. Оҕолор киинэни көрөн олорон, суруйааччы олоҕун, айар үлэтин чугас дьоно кэпсииллэрин истэн, чугастык ылыналлар, чэпчэкитик өйдөрүгэр туталлар.

Саха сирин норуоттарын муусукаларын, фольклордарын мусуойун дириэктэрэ Мария Корнилова этэринэн, бу маннык көрсүһүүгэ оҕолор кыттыбыттара ордук суолталаах. Тоҕо диэтэр, уруок кэнниттэн кинилэр Леонид Попов аймахтарын, доҕотторун, суруйааччылары кытары көрүстүлэр, кэпсээннэрин иһиттилэр. Кэнэҕэһин, баҕар, маннык дьону кытта көрсүбүппүт диэн ахтыы суруйуохтара турдаҕа.

Киинэни мусуой үлэһитэ Ольга Громова режиссердаан устубут. Ис хоһооно олус интэриэһинэй буолан, икки көрүҥүн устубуттар. Биирэ – уруокка аналлаах, кылгас. Иккиһэ – балтараа чаас уһуннаах, киэҥник ырытан, дириҥник эҥсэн көрдөрөр киинэ.

Улахан суруйааччы сыаналаныахтаах

Көрсүһүүгэ  уола Андрей Попов, сиэн балта Изабелла Попова, айар үлэтин чинчийбит, кинигэ хомуйан таһаарбыт суруйааччы Ангелина Шадринова-Суоһааны, ырыаларын нуоталаах кинигэ оҥорон таһаарбыт, СӨ ырыа айааччыларын сойууһун салайааччы Кирилл Герасимов, чугастык алтыспыт суруйааччылар Николай Винокуров-Урсун, Уйбаан Уххан кытыннылар.

Уола Андрей Леонидович

Андрей Леонидович аҕатын туһунан олус истиҥник кэпсээтэ. Бултуурга үөрэппитин, көрү-күлүүнү сөбүлүүрүн, дьону кытары түргэнник биир тылы буларын, кини идэтин таларга көмөлөспүтүн, о.д.а. кэпсээтэ. Билигин кини айылҕа харыстабылын эйгэтигэр сэдэх кыыллары – овцебыктары, бизоннары иитиигэ үлэлэһэр. Суруйааччы оҕолоро  геолог, зоолог, музыковед, горняк, инженер-конструктор идэлэри баһылаан, үтүө суобастаахтык үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыттара, сорохторо үлэлии сылдьаллар.

Николай Винокуров-Урсун:

—Улахан суруйааччы сыаналаммакка сылдьар эбит. Кини Сэбиэскэй Сойууска биллэр бөдөҥ бэйиэт, прозаик, драматург. Букатын эдэр сылдьан, 1944 с. “Улуу Туймаада” драманы суруйан, улаханнык кириитикэлэммитэ. Бу драмата 51 сыл буолан баран, өлбүтүн кэннэ, 1995 с. биирдэ бэчээттэнэр дьылҕаламмыта. Хорсуннук айыах-тутуох киһини тохтоппуттар, хааччахха хаайбыттар быһыылаах. Өссө элбэҕи айан, Расул Гамзатов курдук улахан, аатырбыт суруйааччы буолуохтааҕа. Кэнники кириитик Эрчимэн эмиэ күүскэ кириитикэлээн турар. Ол да буоллар, улахан талаана баппакка, элбэҕи айбыта-туппута, 42 кинигэни бэчээттэппитэ. Саха литературатын улаханнык өрө көтөхпүт, бэлиэ суолун-ииһин хаалларбыт киһи диэн сыаналыахтаахпыт. Кини айар үлэтин чинчийэн, дириҥ ис хоһоонноох кириитикэни чөмчөтөн таһаарар уолдьаста дии саныыбын, — диэн киэҥ хабааннаах ырытыыны оҥордо.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0