Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун кэккэтэ хаҥыыр. Ол курдук, бу биир саамай улахан ахсааннаах айар сойуус саҥа чилиэннэринэн Степан Сивцев, Иннокентий Винокуров, Аграфена Кузьмина уонна Елена Парыгина буоллулар.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Кулун тутар 31 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева уонна Россия Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов, сойууска саҥа ылыллыбыт айар дьоҥҥо РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбуттарын туоһулуур билиэттэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Суруйааччы Иннокентий Иннокентьевич Винокуров-Тагус идэтинэн хирург, медицинскэй наука доктора. Икки тылынан суруйар. Кини икки арамаан, биир сэһэн ааптара. Ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылбыт “Үс саха төрдө” арамаана саха норуотун историятыгар анаммыт дьоһуннаах үлэ. Оттон “Любовь в яранге” айымньытын кириитиктэр аныгы эбэҥки литературатыгар бастакы арамаанынан ааттаабыттара.
Степан Ефремович Сивцев – идэтинэн учуутал, оскуола оҕолорун үлэҕэ үөрэппитэ, “Байанай” сурунаалга эрэдээктэрдээбитэ, билигин П.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой дириэктэрин солбуйааччы. Кини саха талааннаах суруйааччыта Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөппүт уола. Нууччалыы-сахалыы икки тылынан суруйар.
Степан Сивцев-Хамалҕа “Дар Лэбиенпочиль” диэн юкагир омук олоҕуттан бастакы кэпсээнин 1983 сыллаахха Халымаҕа олорон суруйбута. “Андыһыттар” кинигэтэ 2015 с. бэчээккэ тахсыбыта. Онтон “Рассказы старого Хангичэ” кэпсээн-кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Билигин Халыматааҕы тиэмэтигэр салгыы үлэлиир.
—Аҕам мин суруйааччы буолбуппун билбитэ эбитэ буоллар, төһө эрэ үөрүө, киэн туттуо этэй…, — диир Степан Ефремович.
Оттон Аграфена Гаврильевна Кузьмина – биһиги “Саха сирэ” хаһыаппыт политикаҕа салаатын ырытааччыта. Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа. Кини сонун, сэргэх кэпсээннэрин ааҕааччы ылынар, сөбүлүүр. Аграфена Кузьмина билигин командировкаҕа сылдьар. Наталья Харлампьева, “илиитин араарбакка үлэлиир”, диэн хайгыыр суруйааччытыттан Аграфена Кузьминаттан өссө үгүс үчүгэй айымньылары күүтэбит.
Поэтесса Елена Парыгина Ленскэй куоракка олорор, үлэлиир. Кини “Фламинго” литературнай холбоһугу тэрийээччи быһыытынан эмиэ Саха сиригэр киэҥник биллэр. Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа.
Суруйааччы сойууһун саҥа чилиэннэрин, биир идэлээхтэрин саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат, поэт, кириитик, тылбаасчыт Николай Винокуров-Урсун, поэт, прозаик, кириитик Николай Калитин, тылбаасчыт-суруйааччы Аита Шапошникова, поэтесса Ольга Пашкевич эҕэрдэлээтилэр.
—Суруйааччы эйгэтэ — улахан, киэҥ эйгэ. Суруйааччы уран тыл маастара буоларын таһынан, кини чинчийээччи даҕаны, историк даҕаны, бөлүһүөк даҕаны буолуон сөп. Суруйааччы литература историятын кытта сибээстээх буолуохтаах, — диэтэ билигин архыыптарга 1937-38 с.с. боротокуоллары сирийэн үөрэтэ сылдьар Сэмэн Тумат.
Биир идэлээхтэригэр суруйааччылар: “Үлэлиир баҕалаах дьон кэллигит, кытаатыҥ, саҥа хайысхаларга тахсан иһиҥ!”, — диэн баҕа санааларын эттилэр.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа 79 чилиэннэннэ.
Татьяна Маркова.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.