Суруйааччы Эрилик Эристиин аатынан бириэмийэ сөргүтүлүннэ

26.01.2017
Бөлөххө киир:

Саха литературатыгар сүгүрүйээччилэргэ бу күннэргэ олус улахан суолталаах, дьиҥ-чахчы үөрүүлээх түгэн тосхойдо – сүүрбэттэн лаппа тахса сыл буолан баран, “Саха Островскайа” –  Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ сөргүтүлүннэ.

Татьяна Маркова, https://edersaas.ru/.

Бу туоһутунан 2017 сыл тохсунньу 24 күнүгэр – саха талааннаах бастакы романист-суруйааччыта, олоҥхоһута Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕар Опера уонна балет тыйаатырыгар  “лыык” курдук тобус-толору мустубут дьон буоллулар.

Бу дьоһуннаах тэрээһини Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин I солбуйааччы Анатолий Добрянцев иилээн-саҕалаан ыытта. Култуура миниистирэ Владимир Тихонов, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай поэт Наталья Харлампьева, Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын, Эрилик Эристиин төрөөбүт дойдутун, Чакыр нэһилиэгин баһылыга Татьяна Адамова, суруйааччы сиэнэ, саха тылын, литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, прозаик-суруйааччы Сардаана Еремеева, о.д.а. эҕэрдэ тылы эттилэр.

Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан сүрүн дакылааты филологическай наука доктора, ХИФУ профессора Варвара Окорокова оҥордо. Кини, норуот улуу уолаттарын умнубат, диэтэ. Эрилик Эристиин – 1921 сыллаахтан хомуньуус баартыйа чилиэнэ, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл партизан. Кырдьаҕас ийэтин, быраатын, чугас дьонун бандьыыттар кыргыбыттара. Ыараханнык контузияламмытын түмүгэр икки көрөрүттэн мэлийбитэ, ол гынан баран, санаатын күүһүнэн, хорсун быһыы чаҕылхай холобурун көрдөрөн, “Маарыкчаан ыччаттара” – саха бастакы арамаанын ситэрбитэ. Бу улуу айымньы саха норуотугар күүһүгэр күүс эппитэ, санаатыгар санаа укпута. Ол эбэтэр, арамаан 1942 сыллаахха – Аҕа дойду Улуу сэриитэ күүдэпчилэнэ турдаҕына, дойдутун дьонун —чурапчылары күүс өттүнэн хотугу улуустарга көһөрүллүүгэ ыытар сылларыгар, суруллубута.

Чакыр нэһилиэгин баһылыга Татьяна Адамова,  уоттаах сэриигэ атаарыллар биир дойдулаахтарын барыларын Эрилик Эристиин алҕаан ыыталаабыта, онон, дьон ытаһыыта-соҥоһуута суох, дойдуларын көмүскүүр патриоттуу санаалаах уонна өстөөҕү хайаан даҕаны кыайарга эрэллээх Улуу сэриигэ аттаммыта, диэн бэлиэтээтэ.

Чурапчыга быйыл 17 үбүлүөйдээх даата бэлиэтэниэҕэ, ол иһин улууска История сылын биллэрдибит, диэтэ баһылык Андрей Ноговицын. Чуолаан бу сылга, Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сылын көрсө улуус Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэни сөргүппүтүн туһунан иһитиннэрбитин саала иһэ дохсун ытыс тыаһынан көрүстэ. Бу бириэмийэ лауреаттарынан араас сылларга суруйааччылар Андрей Кривошапкин, Семен Руфов, Феоктист Софронов, учуонай Николай Тобуроков, Доосо, Кулантай, о.д.а., уонна Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыан эрэ иннинэ 11-с лауреатынан, быйыл төрөөбүтэ 100 сыла бэлиэтэнэр буойун-поэт Алексей Бродников буолбуттара. Оттон бу, сүүрбэттэн тахса сыл буолан баран сөргүтүллүбүт бириэмийэ 12-с лауреатынан, литература сайдыытыгар киллэрбит улахан кылаатын иһин  Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун рекомендациятынан саха норуодунай суруйааччыта, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Чурапчы улууһун Ытык киһитэ Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат буолбутун истэн, дьон-норуот өссө күүскэ үөрдэ. Улуус баһылыга Андрей Ноговицын уонна Улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников Семен Андреевичка лауреат бэлиэтин — үрүҥ көмүскэ Эрилик Эристиин мөссүөнэ уруһуйдаммыт, үрүҥ көмүс куорсуннаах, удьурхай тирэхтээх статуэтканы уонна 50 тыһыынча солкуобайдаах сертификаты туттардылар.

Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ аны сыл аайы, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр, бэйэтин дьоруойун булуоҕа диэн эрэнэбит.

Эрилик Эристиин төрөөбүт улууһуттан Чурапчыттан үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ 250 киһилээх улахан дэлэгээссийэ кэлбит, манна нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, үөрэх, култуура үлэһиттэрэ, ыччаттар уонна, бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт-сураҕырбыт үлэлээх Эрилик Эристиин аатынан сопхуос бэтэрээннэрэ бааллар. Ытыктыыр суруйааччыларын 125 сылынан сибээстээн, Хоптоҕо, Хадаар, Хайахсыт, Чакыр нэһилиэктэрин 125 киһилээх эр дьоннорун хора ыллаан ньиргиттэ.

Мустубут дьон СӨ Национальнай библиотекатын баай фондатыттан, Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой уонна суруйааччы Чакырдааҕы Мусуой-дьиэтин сэдэх экспонаттарынан быыстапкалартан Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин өссө сиһилии билсистэ. Уонна Чурапчытааҕы П.М.Решетников аатынан Норуодунай тыйаатыр суруйааччы аатырбыт “Маарыкчаан ыччаттара”, “Хачыгыр”  айымньыларынан дьүһүйүүлэрин бэркэ сэргээн көрдө.

Искусство маастардарын уонна эстрада артыыстарын улахан кэнсиэртэригэр Эрилик Эристиин хос сиэнэ Дария Дмитриева дириэктэрдээх Аксения уонна Наталья Посельскайалар ааттарынан хореографическай колледж талааннаах кэлэктиибэ кытынна.

Варвара Окорокова, филологическай наука доктора:

  • — Мин биири анаан бэлиэтиэхпин баҕарабын. Эрилик Эристиин сүгүрүйээччилэрин, ааҕааччыларын ортолоругар, “эһиги, литературоведтар, суруйааччыны наһаа саҥатытан, көрүүтүн уларытан, аныгылыы хараххытынан көрөөрү гынаҕыт…”, диир дьон баар. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Өссө 1921 сыллаахха суруйааччы: “Мин өйбүнэн-санаабынан хомуньуус баартыйаҕа бэриниилээхтик үлэлээри киирдим”, — диэн турар. Ол санаатын кини өлүөр диэри уларыппатаҕа. Оннук көрүүнэн, биһиги профессор Николай Николаевич Тобуроковтыын, “Эрилик Эристиин олоҕо уонна айар үлэтэ” диэн научнай монографиябытыгар ырыттыбыт. Ол гынан баран, оччотугар аны, Эрилик Эристиин айымньылара хаһан эрэ суолталара намтаан, аанньа ахтыллыбат курдук буолуохтара, умнууга хаалыахтара дуо, диэн сэрэхэдийии үөскүөн сөп буоллаҕына, биһиги – оннук буолар кыаҕа суох, диэн эрэллээхтик этэбит. Тоҕо диэтэххэ, Эрилик Эристиин бэйэтин айымньыларыгар, холобура, бу сулус, бу ыстыык, дии-дии салгыны сатарыппат, кини саха киһитин национальнай хараахтарын арыйар уонна саха норуотун олоҕун уратытын туох да олус үчүгэй, дьиҥнээх сахалыы уус-уран тылынан ойуулуур. Ийэ куттаах, олоҥхоһут талааннаах суруйааччы буолар, ол иһин кини айымньылара саха ыччатын сахалыы өйгө-санааҕа куруутун иитэ, саха тылын баайыгар умсугута туруохтара диэн бүк эрэллээхпин.
  • Сэмэн Тумат, саха норуодунай суруйааччыта, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай, Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэлэр лауреаттара:
  • — Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, өссө Семен Петрович Даниловтаах бырабылыанньаҕа баар эрдэхтэриттэн саҕалаан, Эрилик Эристиин аатынан сопхуос дириэксийэтин, парткомун кытта өр кэм шефтэһэн, көмөлөсүһэн  хардарыта сибээстэһиини олохтообуттара. Суруйааччылар ааҕааччылары кытта үгүстүк көрсүһэллэрэ. Инньэ гынан, тыа сирин дьонун олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, тыа киһитэ туох кыһалҕалааҕын уонна туох ситиһиилээҕин сырдатар очеркалар, суруйуулар, айымньылар быыстала суох тахсыбыттара. Ол түмүгэр, Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ олохтоммута. 11-с лауреатынан Чурапчы буойун-поэта Алексей Спиридонович Бродников буолбута. Онтон дойдуга уларыта тутуу кэмэ кэлбитэ, сопхуостар ыһыллыбыттара… Дьэ онтон бу быйыл, ол аата сүүрбэттэн тахса сыл буолан баран, дьон-норуот туруорсуутунан, Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сылынан, Чурапчы улууһа уонна Чакыр нэһилиэгэ бу бириэмийэни сөргүттүлэр! Онон мин, ситими салҕааччы киһи, бөҕөргөтөөччү буоллум диэн үөрэбин, долгуйабын. Бу – литература үгэһин олохсутуу, тилиннэрии – олус наадалаах хайысха буолар. Чурапчылар мэлдьи, былыр-былыргаттан, история кырдьыгын илбии-холбуу, дакаастаһа, сөргүтэ  сатыыллар уонна ону ситиһэллэр даҕаны. Чэ, санаан көрүҥ: төһөлөөх өр кэмҥэ, Чурапчы холкуостара сэрии сылларыгар хоту көһөрүллүүлэрэ – бу хомуньуус баартыйа сыыһа дьаһала буолара билиниллэрин туруорустулар?!  Төһөлөөх өр кэмҥэ элбэх докумуону өрө көтөҕөн, төһөлөөх элбэхтэ хаһыакка суруйан, төһөлөөх кинигэни таһааран, бу баартыйа өттүттэн сыыһа дьаһал буоларын дакаастаатылар?! Кинилэр ону ситистилэр. Аны билигин эмиэ, литература нөҥүө көлүөнэни иитии олус наада буолбутугар, ити ситими хат түһэрдилэр, сөргүттүлэр, саҥа хардыыны оҥордулар. Онон мин чурапчыларга, улахан суруйааччылары биэрбит улууска, өйдөрө-санаалара киэҥин, кэскиллээҕин иһин, төрөөбүт литератураларын муҥура суох таптыылларын иһин, итиэннэ мин сэмэй үлэбин үрдүктүк сыаналаабыттарын иһин дириҥник махтанабын!

Татьяна Маркова, https://edersaas.ru/.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0