ХХ уонна ХХI үйэлэр алтыһар кирбиилэригэр Кэбээйи улууһун суруйааччыта Константин Эверстов «Туман буолбут таптал» диэн кинигэтэ тахсыбыта, ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылбыта.
Кириитиктэр даҕаны кинини бэрт сэргэх тыллаах-өстөөх, туох эрэ саҥаны көрдүүр, күннээҕи олоххо киһи хараҕар дэбигис быраҕыллыбат (эбэтэр үөрэнэн хаалан соччо баардыылаабат) көстүүлэрин сатаан чорботон суруйар ааптар быһыытынан сыаналаабыттара. Ити кэнниттэн өр-өтөр буолбакка, 2004 сыллаахха эдэр суруйааччы «Айдаар араллааннара» диэн көрдөөх кэпсээннэрдээх кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.
Кэбээйи айар куттааҕа
Константин Эверстов Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута быданнаата. Ол эрэн, ханна да быгыалаабакка, дойдутугар, собо баайдаах Чагдаҕа олохсуйан олорорун туохтааҕар да ордорор. Өр сылларга олохтоох орто оскуола дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол эрээри салалта түбүгэ, хаһаайыстыбаннай үлэ айар куттаах киһиэхэ утумнаахтык дьарыктанарыгар бириэмэни ордорботоҕо. Билигин идэтинэн (кини Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетын саха салаатын 1992 сыллаахха бүтэрбитэ) саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир, ону таһынан психологтыыр.
“Орто омурҕаммын бэлиэтээтим”
Быйыл саас, кулун тутар 23 күнүгэр, олоҕун ортоку омурҕана буолла.
– Биир дойдулаахтарым 50 сааспын туолбут үбүлүөйбүн дьоһуннук бэлиэтээтилэр. Нэһилиэк библиотекатын көҕүлээһининэн, култуура дьиэтин дириэктэрэ Альбина Ноговицына уонна уус-уран салайааччы Иван Иванов тэрийиилэринэн, түөлбэлэринэн арахсан, суруйбут кэпсээннэрбинэн уонна сыаҥкаларбынан кэнсиэр туруордулар. Онон, дойдум дьоно барахсаттар улаханнык долгуттулар. Аны Мукучуга ааҕааччылары кытары бэртээхэй көрсүһүү буолан ааста.
Икки кинигэ
– Дьэ, олоҕуҥ ортоку омурҕанын бука, туох эрэ илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрсүбүт буолуохтааххын.
– Бу сылларга суруйбут айымньыларбын түмэн, биир улахан кинигэни бэлэмнээбитим. Ону манна, Виктор Эверстов салайар улуустааҕы «Дабаан» хаһыат типографиятыгар бэчээттэтэр буолан, икки кинигэ оҥорон таһаардыбыт. Улууһум урукку баһылыга Игнатий Спиридонов өйөөн, ороскуот сорох чааһын толуйбута. Биир кинигэм «Бары туруйаларга кубулуйбуттар», иккиһэ «Таптал да араастаах» диэн. Бастакы кинигэҕэ хас да айымньы, ол иһигэр биһиги нэһилиэктэн сэриигэ барбыт, штрафной ротаҕа сылдьыбыт, Курскай Тоҕойтон саҕалаан Берлиҥҥэ тиийбит, дойдутугар хас да уордьаннаах, мэтээллээх эргиллибит Ким Кралин туһунан кэпсээн баар. Ону таһынан, Арассыыйа үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Коркин туһунан киинэ сценарийын киллэрдим…
Куоракка симиллии
— Улууска олохсуйбут эбиккин, дьон билигин куоракка талаһар кэмигэр…
— Кими да хомотуохпун-өһүргэтиэхпин баҕарбатарбын да, билигин суруйааччылар үксүлэрэ куоракка муһуннулар, тыа сирин олоҕуттан тэйдилэр диэхпин баҕарабын. Тыа сиригэр кыһалҕа үгүс, ордук ыччакка. Үлэтэ суох, үөрэҕэ суох эдэр дьон тугунан дьарыктаныахтарын билбэттэриттэн ускул-тэскил сылдьан, араас дьыалаҕа түбэһэллэр. Дьиҥинэн, кыһалыннахха, толкуй элбэх. Ол курдук, бырамыысыланнаска үлэлии барыахха эбэтэр судаарыстыба көрөр көмөтүгэр тирэҕирэн, хаһаайыстыба тэринэн, улууска олохсуйуохха сөп. Наада даҕаны. Биллэн турар итини ситиһэр чэпчэкитэ суох, ол гынан баран, уопсай сүбэнэн быһаарыытын тобулан иһиэххэ сөп диэммин, тыа сирин билиҥҥи ыччатын кыһалҕатын таарыйдым.
Саҥа кинигэ сыта
– Константин Семенович, саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт, мэктиэтигэр типография кырааскатын ураты сытынан дыргыйар бу икки кинигэ – эн үйэ аҥаардаах үбүлүөйгүнэн бар дьоҥҥор бэлэҕиҥ, кэккэ сыллардаах үлэҥ отчуота буоллаҕа?
– Оннук. Айымньыларбын ааҕааччылар ылыныахтара дии саныыбын. Куоракка да киирэн олорооччулар үксүлэрэ тыа сириттэн силистээх-мутуктаах, сүрэхтэринэн-быардарынан тыаҕа тардыстар дьоннор, сахалыы кинигэни кэтэһэр буолуохтаахтар.
Миигин билэр, кинигэлэрбин аахпыт дьон көрүстэхтэринэ: «Ханна сүтэн хааллыҥ, хайа, тугу айа-тута сылдьаҕыный?» — диэн ыйытааччылар. Сорохтор кыыһырыах, мөҥүөх да курдук туттааччылар. Онон сылыктаатахха, син кэтэһэр эбиттэр.
Устуоруйаҕа охтуу
— Кэлэр өттүгэр туох былааннардааххыный?
– Түспэтийэммин дуу хайдах, өйүм-санаам историяҕа ордук охтор буолла. Дьиҥнээх чахчыларга олоҕуран, гражданскай сэрии саҕанааҕы кэми сырдатар айымньыга сананан, матырыйаал хасыһа сылдьабын.
Кинилэр улууһу талбыттара
Кэбээйи улууһугар Россия Суруйааччыларын сойууһун икки чилиэнэ баар:
Константин Эверстов, суруйааччы, Чагда нэһилиэгэр олорор
Иосиф Кобяков, поэт, Кэбээйи сэлиэнньэтигэр олохтооҕо.
Интэлигиэннэр, духуобунаһы өрө туппут дьон нэһилиэктэрин, улуустарын уопсастыбаннай, култуурунай-духуобунай олоҕун сүрүннэһэллэр. Айар түмсүүлэри салайаллар. Урукку сыллар үгэстэрин сөргүтэн, улуус таһымынан айар холбоһугу саҥаттан тэрийэн, быйыл сааскыттан үлэлэтэн эрэллэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru