Николай Макаров: «Суруйааччылар лекцияларын чунуобунньуктар истэллэрэ наадалаах»

24.08.2017
Бөлөххө киир:

“Салайааччы киһи суруйааччылары кытары алтыһан, кинилэр тылларын-өстөрүн, лекцияларын истэн, билиитин-көрүүтүн хаҥатыан сөп. Онон маннык семинардар салайааччыларга эмиэ наадалаахтар”, — диэн эдэр суруйааччылар семинардарыгар Култуура миниистирин солбуйааччы Николай Макаров бэлиэтиир. edersaas.ru

Николай Афанасьевич билигин уус-уран литератураны ааҕыыга, кинигэни таһаарыыга, тарҕатыыга кыһалҕа баарын ыйда. “Кинигэни таһаарыы, тарҕатыы өттүгэр боппуруостар бааллар. Тахсыбыт кинигэлэри өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тарҕатан хас биирдии библиотекаҕа тириэрдии билиҥҥитэ кыалла илик. Итини билинэбит уонна кыһалҕаны быһаарарга үлэлэһэбит”, — диэн этэр.
Ону сэргэ библиотекаларга сыһыаран, библиотекаларга, музейдарга кэккэ уларытыылары киллэрии барыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ. “Алтынньыга “Мин историям” диэн музей өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан комплекса арыллаары турар. Бу комплекс кэнэҕискитин эдэр көлүөнэни патриотическэй тыыҥҥа иитэр киин буолуохтаах”, — диир Николай Макаров.
Түмүккэ эдэрдэр маннык семинардартан, көрсүһүүлэртэн үүнэн-сайдан тахсалларын бэлиэтээн туран, литература эйгэтигэр саҥа ааттары таһаартыы туралларыгар аҕа көлүөнэ суруйааччыларга, чуолаан үтүө үгэһи салҕаабыт Наталья Харлампьеваҕа, махталын биллэрдэ.
Санатан эттэххэ, бэҕэһээҥҥиттэн эдэр суруйааччыларга туһуламмыт семинар саҕаланна. Бу тэрээһин төрдүс төгүлүн ыытыллар. Эрдэ Хаҥалас улууһугар Өктөмҥө, Уус Алдаҥҥа Суоттуга буола сылдьыбыта. Семинарга аҕа көлүөнэ суруйааччылар эдэрдэр айымньыларын ырыталларын таһынан, анал тиэмэҕэ лекциялары ааҕаллар, уопуттарын үллэстэллэр. Ону сэргэ эдэрдэр сорудах ылан, экспертэргэ көмүскүүллэр.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

Рената БРОДНИКОВА хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0