Кэлии омуктары өлөрбүттэр уонна кырбаабыттар диэн сымыйа сурахтары итэҕэйимэҥ! (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ оперативнай быһыы-майгы хонтуруолга сылдьар диэн СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бэрээдэги араҥаччылааһыҥҥа, куттал суох буолуутун хааччыйыыга кэккэ тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бөрүкүтэ суох дьайыылары соруйан оҥорбут дьону туппуттар.

edersaas.ru

Ол курдук, эрдэ суруйбуппут курдук, бэҕэһээ Дьокуускай куоракка кэлии омук киһитин бэстилиэтинэн тирээн уулуссанан илдьэн испит киһини туппуттара. Бу 33 саастаах киһиэхэ «Күлүүгээнээһин» ыстатыйанан холуобунай дьыла тэриллибит.

Видеоҕа тарҕаммыт «Якутия рулит!» диэн аптамаатынан ытыалаабыт киһини уонна кинини видеоҕа устубут киһини эмиэ туппуттар. Бу дьон кимнээҕин полицейскайдар кылгас кэм иһигэр быһаарбыттар.

Видео кулун тутар 17 күнүгэр Алдаҥҥа уһуллубут. Бу 37 уонна 35 саастаах дьону административнай эппиэккэ тардыбыттар. Саата бойобуой буолбатах, охолощеннай эбит.

Маны таһынан, батсаабынан көҥүлэ суох миитиҥҥэ ыҥыртаабыт 34 саастаах киһини эмиэ туппуттар. Кулун тутар 19 күнүгэр мировой суут кинини административнай эппиэккэ тардыбыт. РФ Административнай кодексатын 20.2 ыст. 2-с чааһынан. Ол эбэтэр, мунньаҕы, миитини, сэлэлээн хаамыыны тэрийии бэрээдэгин кэһии иһин.

Маны таһынан, Дьокуускай куоракка Орто Азия үс гражданинын өлөрбүттэр уонна 20-тэн тахса киһини кырбаан балыыһаҕа киллэттэрбиттэр диэн иһитиннэриилэр оруна суохтар, сымыйалар.

Өскөтүн итинник бэрээдэги кэһии чахчыларын көрдөххүтүнэ-биллэххитинэ, бу нүөмэрдэргэ : 42-22-22 (ИДьМ итэҕэйии төлөпүөнэ), 45-44-43 (Дьокуускай полициятын итэҕэйии нүөмэрэ) эрийэн биллэрэргитигэр.

Вера Макарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска уонна видео: интэриниэт уонна СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0