Бу күннэргэ күүскэ хаардаан, эбиитин тыалыран, суол-иис хаарынан көмүллэн, сорох хайысханан айан-сырыы тохтотулунна. СӨ айан суолун управлениета, СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Сангаар — Сииттэ — Батамай — Булуус, Кангаласс — Суотту хайысхаларынан айан-сырыы бобулунна. Бу суолларга анал тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.
edersaas.ru
Кэбээйи улууһун киинигэр, Сангаарга диэри Аһыма — Кэбээйи — Сангаар суолунан эрэ айанныахха сөп. Оттон Кангаласс — Суотту өрүһү туоруур суолга икки бульдозер үлэлии сылдьар. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх, Хатас — Павловскай суоллара арылыннылар.
Санатан эттэххэ, буурҕа түспүтүгэр Эдьигээн, Кэбээйи, Нам, Амма, Чурапчы, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Өлөөн, Анаабыр, Уус Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгар уустук балаһыанньа үөскээтэ. «Күн-дьыл туруга уларыйа турарынан, суоппардар ыраах айаҥҥа турунумаҥ!»- диэн биллэрэллэр.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru