Суоттуга эдэр суруйааччылар айар түһүлгэҕэ муһуннулар

26.07.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс - киинэ тиксэрдэ.

От ыйын 18-20 күннэригэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, «Саха сирин суруйааччыта» ассоциация өйөбүлүнэн, Суоттутааҕы айар маастарыстыба сэттис семинарын тэрийэн ыытта. Бу айар ыччат түһүлгэтэ, үгэс быһыытынан, «Доҕордоһуу» Өлүөнэтээҕи история-археология музей-заповеднигар ыытылынна.

Семинарга былырыыҥҥы Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын түмүгүнэн, сахалыы суруйар эдэр ааптардар, ол иһигэр Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэннэрэ, кытыннылар. Ол курдук, Валерий Андросов проза, Анна Колосова оҕо литературатын секциятын бастыҥнара, Мария Винокурова, Сардаана Корякина оҕо литературатыгар, Мария Андреева, Сюзанна Кондакова, Оксана Васильева поэзияҕа бэлиэтэммиттэрэ. Оттон Николай Васильев-Харыйалаах Уола сүбэ мунньахтан Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр, Утум Захаров драма секциятыттан саха академиялыы тыйаатырын сыанатыгар турбут спектакль ааптарыгар тиийэ үүммүт саха кэскиллээх литератордара.

Маастардарынан норуот суруйааччылара Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Куорсуннаах, М. Горькай аатынан Литература институтун доцена Аита Шапошникова, СӨ үтүөлээх суруналыыһа Данил Макеев, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, В.К. Арсеньев аатынан «Уһук Илин» бүтүн Россиятааҕы литература бириэмийэтин лауреата Анатолий Слепцов,«Далбар Хотун» сурунаал бас эрэдээктэрэ Зинаида Архипова, Эдэр литератордар сүбэлэрин салайааччыта Рустам Каженкин үлэлээн, прозаҕа, поэзияҕа, оҕо литературатыгар, маастар кылаастары ыыттылар, лекциялары аахтылар.

Хаартысканы Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс - киинэ тиксэрдэ.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот поэта Наталья Харлампьева семинар үлэтин түмүктүүр:

– Биһиги сойууспут эдэрдэри кытта үлэтин биир көрүҥүнэн сүбэ мунньахтарга бэлиэтэммит ааптардары кытта салгыы үлэни олохтооһун буолар. Быйыл оннук семинардары хайы-үйэ сэттис төгүлүн ыыттыбыт. Бу да сырыыга син таба тайанныбыт дии саныыбын. Биһигини «Доҕордоһуу» музейыгар эдьиийбит Раиса Реасовнаны суохтаппакка, олохпутун, үлэбитин бэркэ тэрийдилэр, үөрэ-көтө көрүстүлэр. Маастардартан балайда түбүктээх үлэ ирдэнэр – бары кыттааччылар айымньыларын ааҕан, ырытардыы оҥостон уонна саҥа саҕалаан эрэр дьоҥҥо эрэл кыымын угар тылы-өһү бэлэмнээн кэлиэх тустаахтар. Уопсайынан, кириитикэ да инники кэскили арыйарын курдук… Биһиги, аҕа суруйааччыларга, бу үлэ төһө да түбүктээх буоллар, үөрдэр өрүтэ элбэх! Семинаристарга саха литературатын инники кэскилэ көстөргө дылы буолар…

Семинаристар санааларын үллэһиннилэр.

Валерий Андросов (Дьокуускай):

– Семинар буоларын курдук үрдүк таһымҥа ааста. “Аксакал” суруйааччыларбыт маастар-кылаастары бэркэ ыыттылар. Кырдьаҕастарбыт биһиэхэ, саҥа саҕалааччыларга, билиилэрин бэрсэллэрэ улахан дьыала.Тус бэйэм дуоһуйа сынньанным, ырытыллан астынным. Биир эйгэлээхтэрбин көрсөн, билсэн үөрдүм, биир тыыннаах, биир санаалаах доҕоттору булар дьол дии саныыбын.

Сюзанна Кондакова (Кэбээйи):

– Доҕотторбутун көрсөн үөрдүбүт-көттүбүт. Тус бэйэм сүбэ-ама ылан байан баран эрэбин. Маннык тэрээһиннэр миэхэ элбэх саҥа доҕоттору, айарга-суруйарга кыаҕы биэрэллэр.

Римма Крылова (Дьокуускай):

– Семинар үрдүк таһымнаахтык тигинээн ааста. Бары наһаа астынныбыт, дуоһуйдубут, сынньанныбыт. Экспердэргэ, тэрийээччилэргэ мындыр сүбэҕит, үтүө алгыскыт, өйөбүлгүт иһин барҕа махтал буоллун. Аныгы көлүөнэ суруйар дьонугар бастыҥ холобур, бигэ тирэх буоларгыт олус суолталаах. Семинаристар да бэркэ билистибит, истиҥник алтыстыбыт. Бу семинар үлэтэ кэнэҕэски өттүгэр үтүө түмүктээх буоллун.

Мария Андреева (Горнай):

– Махтал буоллун, ыҥырбыт, тэрийбит дьоммутугар. Наһаа үчүгэй,умнуллубат семинарга сырыттыбыт, элбэҕи иҥэриннибит, үөрэннибит.

Сардаана Корякина (Дьокуускай):

– Наһаа күүппүт күннэрбит олус түргэнник, биллибэккэ аастылар. Айар куттаах эйгэлээх дьоннуун алтыһар наһаа үчүгэй! Суоттуга бастакыбын сырыттым – салгынныын ураты сыттаах дойду эбит. Бэртээхэй ырытыы буолла, элбэх саҥаны иһиттим, биллим.

Оксана Васильева (Нам):

– Олоҕум тухары саныы сылдьар, умнуллубат күннэр аастылар. Бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Үөрэх бөҕөнү ыллым, биһиэхэ эппиэтинэс үрдүгүн биллим. Уһуйааччыларбар барҕа махтал!

Мария Винокурова (Дьокуускай):

– Суоттуга Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн тэриллибит «Доҕордоһуу» музейыгар бастакыбын сырыттым. Ытыктыыр суруйааччыбыт Сэмэн Тумат аал уот иччитин айах тутан, семинар үөрэҕэ элбэх туһаны аҕаллын диэн алҕаата. Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Раиса Реасовна өр кэмнэргэ салайбыт музейыгар баараҕай тутуулар, устуоруйаны кэпсиир былыргы мал-сал, тумус туттар дьоммут хаартыскалара, кинигэлэрэ элбэҕин көрөн сөхтүм. Уус Алдан сайыҥҥы кэрэ айылҕатын кэрэхсээтибит. Чэбдик салгыҥҥа хоһоон истэн, ирэ-хоро кэпсэтэн нус-хас сынньанныбыт. Үс күн устата ыытыллыбыт семинар суруйарга холонор ыччакка олус туһалаах дии саныыбын. Саха литературатын устуоруйатын, эйгэтин, тылбаас ньымаларын, саха олоҥхотун, айар үлэ туһунан лиэксийэлэри сэргээтибит, билиибитин-көрүүбүтүн хаҥаттыбыт. Бэйэбит айымньыларбытыгар көдьүүстээх ырытыыны, сүбэни-аманы иһиттибит. Айылҕаҕа астына-дуоһуйа сынньанар, ытыктыыр суруйааччыларбытын кытта итии чэй иһэ-иһэ атах тэпсэн олорон сүбэ-соргу истэр дьол.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс-киинэ

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0