Суотту сайылыгар түптэ буруота унаарда

Ааптар: 
30.05.2019
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ыам ыйын 29 күнүгэр, Сайылык күнүн чэрчитинэн түптэ буруота сыттаах, тиит мас тулалаах, эгэлгэ сибэккинэн симэммит, үрүҥ илгэни үрүлүтэр  Суотту дьоно-сэргэтэ барыта ахтар-саныыр Арыы Тиит сайылыгар саха киһитэ этэҥҥэ күөххэ үктэммитин бэлиэтээтилэр.

edersaas.ru

Бу кэрэхсэбиллээх тэрээһин туһунан Суоттутааҕы «Мичээр» култуура киинин үлэһиттэрэ Устинья БОРИСОВА уонна Валентина БУБЯКИНА үөрэ-көтө үллэһиннилэр:

Кэрэ айылҕабыт уһуктан, үөр чыычаах саҥатынан сайылыкпыт киирии аартыгар салама ыйааһынын сиэрэ-туома буолла. Онтон сахалыы мааны таҥастарын сайбаччы   таҥнан, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өр сылларга үлэлээбит күндү бэтэрээннэрбит сэлэлии хааман киирдилэр.

Күн бүгүҥҥэ диэри үлэҕэ бэриниилээх, ирдэбиллээх, олоххо үтүө-сайаҕас сыһыаннаах туруу үлэһит дьоммут сайылыктарын сытын ылан, сирэйдиин-харахтыын сырдаатылар. Сотору кэминэн түптэ буруота унааран, сайылыкпыт дьон-аймах үөрбүт саҥаларынан, тыа оҕолорун кэрэ мичээрдэринэн туолла.

Саһылыкаантан үрүҥ илгэни үрүлүппүт, дьоһун саастаах  бэтэрээннэр кэлэн, үөрүүбүт өссө үрдээтэ. Кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан күндүлээтибит. Күөҕү көрөн астыммыт кырдьаҕастарбытын көрөргө үчүгэйиин, кэрэтиин!

Суоттулар киэн туттар үлэһит үтүө киһибит, Хоноҕор биригээдэтин бастыҥ ыанньыксыта, сүөһү иитиитин бастакы кылаастаах маастара, «Коммунистическай үлэ ударнига», «X пятилетка эдэр гвардееһа», «СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна», «Гражданскай килбиэн» бочуоттаах бэлиэлэр хаһаайыннара Василий Татаринов  тулалыыр айылҕа, сир дойду иччилэриттэн көрдөһөр алгыһы ис иһиттэн иэйэн туран  оҥордо.  Эдэр сааһыттан төрөөбүт нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар утумнаахтык үлэлэспит Суотту нэһилиэгин аҕа баһылыга, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Василий Иванов Сайылык күнүнэн үлэһит үтүө дьонун эҕэрдэлээтэ.  Баһылыкпыт үөрүүлээх быһыыга-майгыга 40-тан тахса сыл сүөһү иитиитигэр үлэлээбит, билигин төһө да биэнсийэҕэ таҕыстар, сайын аайы тапталлаах сайылыгар тахсан, чааһынай ынахтарын ыан, үүт туттаран, ыанньыксыт кыргыттарыгар өрүү сүбэлиир, күүс көмө өйөбүл буолар биир дойдулаахтарыгар ытыктанар Василий Татариновка «Суотту нэһилиэгин бочуоттааах олохтооҕо» диэн анал бэлиэни дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан туттарда.

Бу күҥҥэ туһаайан үбүлүөйдээх дьоммутугар Наталья Новгородоваҕа60, Леля Гоголеваҕа50 саастарынан Суотту нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын, уопсастыбаннаһын аатыттан Эҕэрдэ суругу уонна сэмэй бэлэхтэри туттарда. Василий Иннокентьевич урукку кэмнэрдээҕи сайылык үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын ис-иһиттэн истиҥник ахтыбытын, оччотооҕу көлүөнэ дьон астынан-үөрэн иһиттилэр. Сайылык олохтоохторун тыа хаһаайыстыбатын сүрүннүүр исписэлииһэ, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Зоя Заровняева уонна «Лена» ТХПК бэрэссэдээтэлэ Мирослав Черкашин эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр үлэлии сылдьар үлэһиттэргэ уонна бэтэрээннэргэ эҕэрдэ анал суруктарын туттардылар. Суоттутааҕы агрохайысхалаах орто оскуола аатыттан тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Варвара Румянцева эҕэрдэлээтэ. Самаан сайыммыт салаллан кэлбитинэн, күөххэ үктэммиппитинэн кутаа уокка буспут үрүҥ ис уонна эт миинэ астанна. Толору астаах сандалы остуолга бары бииргэ олорон аһаатыбыт. Ырыа кэһиилээх кэлбит «Ымыы» түмсүү (сал. Гаврил Мигалкин) «Илгэ» фольклорнай ансаамбыл (сал. Лидия Пермякова), Уус Алдан улууһун бэтэрээн ырыаһыта, ырыа айааччыта, тыыл, үлэ, сцена бэтэрээнэ, «Илгэ» фольклорнай ансаамбыл тутаах ырыаһыта Мария Федорова уонна ырыаһыт Лена Заровняева биир дойдулаахтарыгар бэртээхэй бырааһынньыктыы настарыанньаны бэлэхтээтилэр.

Онтон бары саамай күүппүт, бэлэмнэммит «Сайылык» диэн күрэхпит саҕаланна.  Бу күрэххэ үстүү киһилээх түөрт хамаанда кытынна. Хоноҕор аатыттан «Кэскил»: ыччат-комсомольскай пиэрмэтэ», Суотту аатыттан «Чэчир»: оскуола-производство-үрдүк үөрэх», Суотту агрохайысхалаах оскуола аатыттан «XI пятилетка ударниктара», Ала Соболоох сайылыктан: «Сайылык ньургуһуннара» уонна Саһылыкаантан үрүҥ илгэни үрүлүппүт, үлэ бэтэрээннэрэ » Туйма» хамаандалара бэйэни билиһиннэрииттэн саҕалаатылар.  Ол кэнниттэн эҕэрдэ ырыа, онтон тэбис тэҥҥэ алаадьы астааһына,

күөрчэх ытыйыыта – күрэх бииртэн биир  түһүмэҕэ бэйэ-бэйэтин солбуйан истэ.

Онтон күрэхпит саамай үөрүүлээҕэ, тыҥааһыннааҕа саҕаланна. Ол — ньирэйи киэргэтии, симээһин, таҥыннарыы. Ньирэйдэр бастаан утаа соһуйан туора-маары ыстаннылар. Онтон ким хайдах сатыырынан ньирэйин уоскутан, дьэ, көр-нар саҕаланна эбээт! Ол курдук, эмиэ да мотуруос таҥастаах уол,

эмиэ да аһара киэргэллээх икки кыыс ньирэйдэнэн, күлүү-салыы бөҕө буоллубут.

Үөрбүт-көппүт дьон ньирэйдэрбитин хаартыскаҕа түһэн үйэтиттибит. Бэртээхэй тэрээһин буолан, бары үөрдүбүт, астынныбыт.

Бу күрэҕи эрдэттэн бэлэмнээн, «Мичээр» култуура киинин уус-уран салайааччыта, култуура туйгуна Устинья Борисова тэрийэн ыытта.

Онтон сылабаар өрүүтэ, сымыыт харсыһыннарыыта, скакалка күрэҕэ, үтүлүктээх таҥаһы тимэхтээһин,

сайылык оонньуулара – сайылыкпытын ахтыбыт дьон арааһы бары оонньоотубут. Ким маастар-кылааска дьарыктанна, ким ирэ-хоро кэпсэтэн, ааспыт кэмин ахтан-санаан ылла.

Дьэ, бу курдук Сайылык бастакы күнүн тэрийэр идиэйэни олоххо киллэрэри иилээбит «Мичээр» култуура дьиэтин дириэктэригэр Валентина Патрасоваҕа, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Зоя Заровняеваҕа уонна өйөбүл буолбут Суотту нэһилиэгин дьаһалтатыгар, «Лена» уонна «Туйма» ТХПК салайааччыларыгар уонна култуура үлэһиттэригэр барҕа махтал буоллун!

Сэһэргэһээччилэрим: «Сахабыт сирин сайылыктарыгар бүгүҥҥү курдук хороҕор муостаах үксүү, сыспай сиэллээх элбии турдун, олохпут баай байылыат буоллун!» — диэн баҕа санааларыгар биһиги эмиэ кыттыһабыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0