Суотабайгын үйэтит! (СҮБЭЛЭР)

Ааптар: 
11.01.2017
Бөлөххө киир:

Аныгы үйэҕэ эдэрдиин-кырдьаҕастыын бары кэриэтэ суотабай төлөпүөннээхпит. Төлөпүөнэ суох туохпут эрэ тиийбэт, итэҕэс курдук сананабыт. Арай, урукку “деревяшкаларга” холоотоххо, аныгы смартфоннар, Android, iPhonе диэн аатырдар төлөпүөннэрэ тымныыга тоҥоро, ииттэрэр сунуура сотору-сотору алдьанара салгымтыалаах.

Мин эрэ маннык кыһалҕалаахпын диэбитим баара, кэллиэгэлэрим киэннэрэ эмиэ алдьанан, тоҥон сордуур эбит. Маҕаһыынтан төлөпүөнү бэйэтин кытта ылбыт сунуурум уһаабыта 6 ый эрэ барар. Хайыамый? Ииттэрэри бэйэм эрэ туһанарым эбитэ буоллар, өлө-сүтэ маҕаһыынтан биир үчүгэйи атыылаһыам этэ. Ону баара дьиэм иһигэр түөрт киһи төлөпүөннээх. Кинилэр киэннэрэ эмиэ алдьанар. Онон Кытай ырыынагыттан икки-үс ыйга биирдэ хайаан да сунуур ыла сүүрэр идэлэнним. Харчы да баранар, бириэмэ да сүтэр. Маннык буоллаҕына табыллыа суох диэн ыксаан, атын суоллары тобуларга сананным.
Людмила Попова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Төлөпүөн сунуурун үйэтин хайдах уһатабыт?
Бастакы ньыма. Саамай судургу ньыма, сунуур төлөпүөҥҥэ киирэр проводын төрдүн изолентанан эрийиллэр. Көстүүтэ соччото суох да буоллар, маннык ньыманы туһанар дьоннор туһалыыр, сунуур өр барар диэн этэллэр.

Иккис ньыма. Ханнык баҕарар маҕаһыыҥҥа хонуопкалаах уруучука атыыланар. Боростуой, чэпчэки сыаналааҕы атыылаһабыт. Куруһунатын устан ылан сунуурбут саамай быстар сиригэр кэтэрдэбит. «Айфоҥҥа» ордук барсар. «Андроид» операционкалаах төлөпүөннэр да туһаныахтарын сөп. Уруучука куруһунатын диаметра сунуурга лып курдук киирэр.

Үһүс ньыма. Термоусадочнай туруупканы кэтэрдиэххэ сөп. Маннык туруупка набора ханнык баҕарар электротехника эбэтэр тутуу маҕаһыыннарыгар атыыланар. Сыаната чэпчэки. Төһө наадатын быһан ылан саамай элбэхтэ өҕүллэр, быстар сирдэригэр (8пин уонна USB коннекторыгар) кэтэрдэн баран, баттах куурдар фенынан, өтүүгүнэн, эбэтэр зажигалканан сэрэнэн ититэбит. Бу, туруупка сылыйдаҕына, ыга тутар аналлаах. Онон сунуурбут бөҕөргүүр, эбии хах үөскүүр.

Төлөпүөнү тымныыттан хайдах харыстыыбыт?

Сенсорнай экраннаах төлөпүөннэр, ордук кэлиҥҥи смартфоннар тымныыны тулуйбаттар. Иһэ үллүбүтэ -30 кыраадыска диэри үлэлииллэр уонна арахсан хаалаллар. Аны тымныыттан эмискэ сылааска киирдэххэ, ханнык баҕарар төлөпүөн иһигэр сиик үөскүүр. Ол иһин таһырдьаттан киирэн баран, төлөпүөнү сэрээккэҕэ холбуох эбэтэр кэпсэтиэх иннинэ чаас аҥаара курдук остуолга уура түһүҥ. Батарея үрдүгэр эбэтэр оһох аттыгар сылытар букатын сыыһа. Конденсат үөскээн, төлөпүөн иһигэр баар дэтээллэрин алдьатыан сөп.
Бастакы ньыма, таһырдьа тахсыаххыт иннинэ төлөпүөҥҥүтүн соҥҥут ис сиэбигэр уктуҥ. Оннук кыаллыбат буоллаҕына, анал, сылааһы тутар хаата (чехолла) атыылаһыҥ. Маннык чехолу киһи бэйэтэ да тигиэн эбэтэр халыҥ сабынан араас өҥнөөн баайыан сөп.
Иккис ньыма. Таһырдьа тахсыаххыт иннинэ төлөпүөҥҥүтүн төһө кыалларынан туолуор диэри ииттэриҥ. Толору иитиллибит төлөпүөн уһуннук барар.
Үһүс ньыма. Тымныыга төлөпүөҥҥүтүнэн кэпсэтэ сатаамаҥ. Оннук кыаллыбат буоллаҕына, Blutooth-гарнитураны, наушнигы эбэтэр тымныыга туһанарга аналлаах тарбах үтүлүгү кэтиҥ.

Аккумулятор уһуннук барарын туһугар тугу гынабыт?

Урукку боростуой хонуопкалаах төлөпүөннэргэ холоотоххо, аныгы смартфоннар сэрээттэрэ бэрт түргэнник бүтэр. Маныаха исписэлиистэр кэккэ сүбэлэри биэрэллэр.

Бастакы сүбэ. Төлөпүөҥҥүт сэрээтэ куруук 40-80 % буоларын ситиһиҥ. Ол эбэтэр түүннэри сэрээккэҕэ холбоон баран утуйан хаалбакка, сарсыарда уонна киэһэ ииттэриҥ. Итиэннэ күнүс сунуургутун үлэҕитигэр илдьэ сылдьан, кыра-кыра холбоон ииттэрэн ылыҥ диэн сүбэлииллэр.
Иккис сүбэ. Сэрээтэ 100 % туолбутун кэннэ хайаан да тута розеткаттан араарыҥ, уһуннук сэрээккэҕэ туруорумаҥ. Биллэн турар, дьиҥнээх смартфоннар сэрээттэрэ туоллулар да, сэрээттиир функциялара арахсар. Оттон көннөрү Android оннук буолбатах.
Үһүс сүбэ. Аккумулятора олус итийиэр диэри туһанымаҥ. Уһуннук төлөпүөнүнэн кэпсэттэххэ, туох эмэ итии предмет (батарыайа, оһох) аттыгар сыттаҕына итийиэн сөп.

Оттон төлөпүөн сиргэ түстэҕинэ доргуйбатын, алдьамматын туһугар хаа, экраныгар хос бүрүө, өстүөкүлэ олордор наадатын бары да билэбит. Ити этиллибит сүбэлэри туһаннаххытына, төлөпүөҥҥүт икки төгүл  уһуннук сулууспалыыр кыахтаах.

Людмила Попова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0