Суотабай нөҥүө түөкүннээһин элбээтэ

12.12.2020
Бөлөххө киир:

Суотабай төлөпүөн нөҥүө түөкүннээһин элбээтэ. 

Полиция үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, суотабай уонна социальнай ситим нөҥүө дьонтон харчы уорааһын элбээбит. Ордук Ленскэй оройуонугар элбэхтик бэлиэтэммит. Бу сыл уон ыйын иһигэр 70 маннык түөкүннээһин тахсыбыт. Мантан 23 дьыала силиэстийэлэнэн быһаарыллыбыт. 42 дьыала тохтотуллубут. Ол курдук буруйу оҥорооһун 35,4% арыллыбыт. Ону сэргэ, баан каартатыттан харчы устааһын 29 төгүл хатыламмыт. Онтон 17 дьыала быһаарыллыбыт. 58,6 % арыллыбыт. Арассыыйа араас субъектарыгар олорон билбэт дьонноругар баан үлэһитэ буолан кубулунан эрийии дэлэйбит.

Ордук «Авито», «Юла» саайтарга, «Одноклассники», «Инстаграм» социальнай ситимнэргэ түөкүннээһин элбээбит. Манныкка киирэн биэрбэт туһуттан билбэт нүөмэргит эрийдэҕинэ кэпсэппэт, баан каартатын куодун кимиэхэ да эппэт туһунан сэрэтэллэр.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0