Суон сурахтаах Суола үрэх Суосуна

02.12.2020
Бөлөххө киир:

Биллиилээх суруйааччы, дойдуга тапталы кэрэһэлээччи Иннокентий Михайлович Сосин бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, төрөөбүт күнэ этэ. Бу орто дойдуга баара буоллар кини 92 сааһын туолуохтааҕа. Биир дойдулааҕа, драматург Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр ураты буочарынан суруйбут ахтыытын таһаарабыт.

Суруйааччы буоларбар өҥөлөөх

Лэгэнтэй Михайлович мин суруйааччы буоларбар, отой быһаччы сыһыаннаах киһи. Оҕо сылдьан, син, кэпсээн-хоһоон суруйан бооччойор этим. Ол онно, биллэн турар, Рафаэль Баҕатаайыскай диэн поэт, суруйааччы аймахтааҕым эмиэ төрүөт буолбута саарбаҕа суох. Арай биирдэ, төрдүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Лэгэнтэй Михайлович, биһиэхэ, Майаттан кэлэн, чэйдии олордоҕуна, ийэм киниэхэ ол мин суруйууга холонууларбын көрдөрдө. «Ок-сиэ, бу хоһоон син тыыппалаах эбит,» — диэн биир хоһооммун талан ылла. Оччолорого кини «Ленинскэй знамя» хаһыакка үлэлии сылдьар кэмэ быһыылааҕа. Бүттэхпит ол дии, сотору кэминэн, оройуон хаһыатыгар мин хоһоонум бэчээттэнэн таҕыста. Ол кэнниттэн, кылааһынньыктарбыттан үөҕүллэн, эриэн ыт элэгэр, күөт ыт күлүүтүгэр баран, «суруйааччы» буоларбыттан отой аккаастанан турабын. Кэлин, Ленинград куоракка устудьуоннуу сылдьан, биирдэ, дойдубун ахтан, хаттаан суруйан барбытым.

«Мүрү, Мүрү барахсан», «Биригэдьиир Марыына», “Аадыгыдык-ыыдьыгыдьык” – кини айбыт ырыалара

Ол Ленингракка да үөрэнэ сылдьан, Лэгэнтэй Сосин дойдум туһунан кэпсээннэрин ааҕан, ахтылҕаммын аралдьытар буоларым. Кини «Күн көлүйэ» диэн дьикти-кэрэ кэпсээнин ааҕа-ааҕа, соторутааҕыта аҕай, сопхуоска үлэлии сылдьан, Өлөөнө Павловна өтөҕөр, кырдьаҕас Сүөккэ оҕонньор хамандыырдаах субан сүөһү көрөн, ол «Күн көлүйэтигэр» сарсыарда түөрт чааска кэлэн, тиритэ-хорута, субан сүөһү уулууругар ойбон алларарбын саныыр этим буоллаҕа… Ол онно убайым Лэгэнтэй аатын Нева кытылыгар биир кэмҥэ үөрэммит Уус Алдантан төрдүлээх доҕотторбор, аллар атастарбар элбэхтэ ааттыыр буоларым. Холобур, хаадьылаан: «Бэйи эрэ, доҕоттоор, баар суох гимнҥитин «Мүрү, Мүрү барахсан» диэн ырыаҕыт тылларын ким суруйда этэй? Ким диигитий? Ээ, суох, доҕоор… Ити ырыаны мин убайым, өссө ыалым Лэгэнтэй Суосун суруйбута эбээт!» — диэн тоһоҕолоон этэр этим. Онтон өссө аһары баран, Хиристэпиэр Махсыымап ырыаларын ыллаан баран, эмиэ: «Оттон ити ырыалар тылларын ким суруйда этэй? Эмиэ Лэгэнтэй Суосун!» — диэн, отой да маат ыыталыыр этим. Доҕотторум саллан, «туох ааттаах улуу дьонноох дойдутай бу Суола диэн» сөҕөн-махтайан бараллара… Ол табаарыстарбын барыларын, уонча сыллааҕыта, дойдубар Суола ыһыаҕар таһааран, убайбын Лэгэнтэй Михайловиһы кытары билсиһиннэрэн, өссө эбиитин ыһыах түһүлгэтиттэн тэйэн, Суола үрэх барахсан биир кэрэ айылҕалаах хонноҕор тиийэн, үөрүүлээх малааһын тэрийэн турабын. Ол онно табаарыстарым Чүмэчи уонна Уйбаан Аргунов буолан, Лэгэнтэй Сосин тылларыгар суруллубут ырыалары барытын мунньан, поппури курдук, бары бииргэ, ыллаан турабыт. Дьэ онно Лэгэнтэй Михайлович биһигини кытта тэҥҥэ, эдэригэр түһэн, үөрэ-көтө турара, харахпар, билигин, бу баар…

Суруйааччылар Суолаҕа ыалдьыттыыллара

Лэгэнтэй Михайлович баар буолан, биһиги Суолабытыгар элбэх суруйааччы кэлэн, бултаан-балыктаан, ыалдьыттаан, хонон-өрөөн ааспыта. Олор истэригэр Амма Аччыгыйа, Сэмэн Данилов курдук улуу дьоннор. Ойуунускай аатынан литературнай музейга Амма Аччыгыйа Лэгэнтэй Михайловичтыын бииргэ, Суола дьонунаан, куобахтыы сылдьар хаартыскалара, уонча сыллааҕыта, ыйанан турар этэ. Онтон Сэмэн Данилов Суолаҕа сылдьан «Ырыа уҥуоҕа» диэн хоһоон суруйан турар. Ол Ырыа уҥуоҕа диэн сайылык Лэгэнтэй Михайлович өбүгэтин Ырыа Чаачыкый сайылыга буоллаҕа дии.

Объективка бөтүөннээх киһи

Дьиҥэр, суон сурахтаах Суола үрэххэ Суосуттар диэн үөрэхтээх,сайдыылаах, айар дьоҕурдаах халыҥ аймах үөскээн, мин эмиэ, хос эһэм Өкөр Охонооһой кинилэргэ күтүөт буолан, Эбээ Натаалдьаны ойох ылан, отой кыра оҕо эрдэхпиттэн, Мохсоҕоллоох быраан анныгар Испирдиэн Уйбаанабыс Суосун дьиэ кэргэттэрин, аймахтарын сайыны көрсөр түмсүүлэригэр элбэхтэ сылдьыһан турабын. Ол саҕаттан Лэгэнтэй Михайловиһы көрөн-истэн билэр буолан, кэлин кини, төрөөбүт-төрүт дойдутугар Моорук Суолатыгар, дьиэ туттан, хас сайын аайы сайылыыр буолбутугар, суруйааччы буолар хааным тардан, сүрдээҕин үөрэн турабын. Ол онтон ыла мин киниэхэ элбэхтэ сылдьан, кэпсэтэн-ипсэтэн, кэлин, оннооҕор, киинэҕэ устан телевизорга көрдөрөр буолбутум. Сайын Лэгэнтэй эрдэ тахсан, оһоҕун оттон, биһиэхэ муус уута ыла бөтүөннээх кэлэр буолара. Кутумас диэн алааска оттуура, Сыырдаах эбэҕэ туулуура. Отун оттуурга бырааттара Антон, Артем Суосуттар көмөлөһөллөр этэ.

1986 сыллаах күһүнүгэр, биһиги Суолаҕа «Эргэ оонньуур» диэн уус-уран киинэбитин уста тахсыбыппыт. Ол кэмҥэ, кинопленкабыт кырыымчык буолан, туох да дубль иҥин дэммэккэ, табылыннын-табыллыбатын, устуохтаах сценабытын биирдэ эрэ устар этибит. Ол онно, тиһэх кадрдары уста сырыттахпытына, объективка, ыраах, биир бөтүөннээх киһи киирэн хаалбытын, көрбөккө, операторбыт Сэмэн Васильев устан кэбиспит этэ. Куоракка киирэн, пленкабытын проявкалатан баран көрбүппүт — ол Лэгэнтэй Михайлович этэ.

Алаастарбытын хоһуйбутун түүл-номох курдук ааҕарым

Кэлин, компьютер үйэтэ кэлбитигэр, урут массыынканан бэчээттээн табыйар киһи, Лэгэнтэй, аны, компьютерга үөрэнэн, баһаам элбэх кинигэни суруйан хаалларбыта. Компьютер барахсан баар буолан, харанан суруйан, массыынкаҕа курдук, сүүстэ төхтүрүйэн бэчээттээбэккэ, тутатына ырааһынан таһаарар буоллаҕа дии… Кини Моорук, Алтан нэһилиэктэрин историяларын эрэ буолбакка, историяҕа элбэх суолу-ииһи хаалларбыт аҕа уустарын тустарынан эмиэ суруйар этэ. Элбэх номохтору, үһүйээннэри билэр сир түннүгэ киһи буолан, ол суруйуулара ааҕааччы кутун-сүрүн тутан, дьиҥ-чахчы уус-уран айымньылар буолан тахсаллара. Аҥардас биһиги Суолабыт абааһылаах кэпсээннэрин уустаан-ураннаан суруйбута, тус бэйэбин отой сөп оҥорор. Оҕо эрдэхпиттэн оттоон кэлбит алаастарбын суруйбутун, оннооҕор Ленингракка сылдьан, ахтыылаах түүл-номох курдук ааҕар этим.

Нобелевскай бириэмийэ лауреатыгар ханыылыы тута көрөбүн…

Мин Лэгэнтэй Михайловиһы, биирдэ сайын, Арҕаа Мохсоҕоллоох быраанын тэллэҕэр көрсө түспүппүн отой умнубаппын. Онно кини сиэннэрин батыһыннарбытынан, сиэннэригэр Суола кэрэ айылҕатын быраан үрдүттэн көрдөрөөрү аҕалбыт этэ. Онно биһиги бары бииргэ ол бырааҥҥа тахсыбыппыт. Сиэннэрэ оҕолор чуопчааран, син эһээлэрин көмөтүнэн быраан үрдүгэр, аара сынньана-сынньана, тахсыбыттара. Ол быраан үрдүгэр турар «Дойдуга эргиллии» диэн саллаат уоттаах сэрииттэн төрөөбүт дойдутугар эргиллибитин көрдөрөр маһынан оҥоһуллубут скульптуралар тураллар. Ол ону сиэннэригэр көрдөрөн баран, Лэгэнтэй Михайлович сиэннэригэр туһаайан: «Оҕолоор, көрүҥ, бу эһиги дойдугут ээ, эһэлэргит дойдута… » Оҕолор дойдуларын, аан-бастаан үөһэттэн көрөн, онтон сөҕөн, им-ньим барбыттара… Ол чуумпуга Лэгэнтэй Михайлович, киэһээҥҥи сарыал уотугар, тараҕай сүүһэ килэбэчийэн, үөһэттэн, төрөөбүт-төрүт дойдутун одуулаан, тугу эрэ саныы турара, харахпар, бу баар. Дьоппуон омук улуу суруйааччыта, Нобелевскай бириэмийэ лауреата Ясунари Кавабата, Стокгольмҥа бириэмийэтин ыларыгар эппит тыллара «Красотой Японии рожденный» диэн ааттанан бэчээттэммитэ. Лэгэнтэй Михайловиһы мин ити суруйааччыга ханыылыы, тэҥнии тута көрөбүн. Мин санаабар, кини туох баар олоҕо, айар үлэтэ барыта — төрөөбүт-төрүт дойдутун кэрэтин, кини дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын, үөрүүтүн-көтүүтүн барытын, ыраас илиискэ суруйан, кинигэлэригэр эрэ буолбакка, үөһээ, Ырай аһыллар кэмин кэтэһиннэрэн, Халлаан архыыбатыгар тиһэргэ ананнаҕа..

Сиэн ӨКӨР.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0