Балаҕан ыйын 14 күнүгэр саха тыллаах барыта улуу киһибитин Дмитрий Кононович Сивцевы – Суорун Омоллоону ахтан-санаан ааһыахтаах.
Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Маны таһынан Суорун Омоллоон хас даҕаны аһаҕас халлаан анныгар мусуойдары төрүттээччинэн биллэр.
ССРС телевидениетин уонна араадьыйатын туйгуна, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыс Елена Степановна Миронова Суорун Омоллоону кытта тыыннааҕар кэпсэппит сэдэх биэриитин сурукка-бичиккэ тистибит. Бу биэрии “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа архыыбыгар киччэллэн ууруллан сытар, ону таһынан кинигэ буолан, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр баарын ааҕыахха сөп.
“ТУОХ ҮЧҮГЭЙ БАРЫТА БУКУБААРТАН САҔАЛАНАР ЭБИТ, БЫҺЫЫТА…”
Итинник диэн Суорун Омоллоон сэһэргэһиитин саҕалыыр.
— Мин 1928 сыллаахха учуутал техникумун бүтэрбитим. Онтон учууталлыы барбытым уонна учебник суруйар үлэтигэр киирэн хаалбытым. Бастакы үлэлэрбиттэн биирдэстэрэ – саха тылын учебнига, “Төрөөбүт тыл”. Аан бастаан 1932 сыллаахха тахсыбыта, онтон 1933 сыллаахха тахсыбыт кинигэм маҥнайгы, иккис кылааска аналлаах. Отучча сыл мин суруйсубутум, оттон кэнники атын ааптардар киирсэн, билигин суруйа сылдьаллар. Онон учуутал идэтин ылбыппар кыратык төлөөбүтүм бу буолар. Уонна саха тылын үөрэтии методикатын эмиэ ырытыһан көрө сылдьыбытым. Үөрэх төһө даҕаны кыратын иһин, хасыһыы күүһүнэн оччотооҕу кэмҥэ туох эрэ туһалааҕы оҥорбутум буолуо дии саныыбын.
“МӨККҮӨРДЭЭХ ДЬОН ЭТИБИТ”
1935 сыллаахха Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн Тыл уонна култуура үнүстүүтэ аһыллар. Оччотооҕуга орфография, терминология оннуларын була илик этилэр. Сүрдээх мөккүөрдэр баар буолар этилэр. Бэйэбит даҕаны мөккүөрдээх дьоммут быһыылаах дии саныыбын. Ойуунускайдаах сорудахтарынан “Принципы якутской орфографии” диэни бэйэм илиибинэн-атахпынан тутан оҥорбутум. Ол кэннэ “Принципы якутской терминологии” эмиэ мин суруйбутум, оҥорбутум. Оччотооҕу түөрүйэнэн, Ойуунускай сүбэтинэн-аматынан, туох баар үөрэхтээх дьон гиэннэрин барытын туһанан оҥорор этим.
Үнүстүүккэ үлэлээн, норуот айымньытыгар кыттыбытым. Онно Ойуунускай бэйэтин бибилэтиэкэтиттэн үнүстүүккэ былыр Пекарскайдаах, Худяковтаах сахалыы таһаарбыт олоҥхолорун эҥиннэрин “Образцы народной литературы” диэн кинигэни бэлэхтээбитэ. Дьэ, онно көрбүтүм былыргы олоҥхо, ырыа-тойук диэни, оччотооҕу Петербурга 1907 сыллаахха бэчээттэммитигэр умсугуйан, онно хараҕым аһыллыбыта.
Олоҥхону мин оҕо эрдэхпинэ да истэр этим, дьэ онтон көрөн, олус биһирээн улаханнык умсугуйбутум. Сүрдээх даҕаны бу норуокка наадалаах өйдөөх-санаалаах, уустук тыллаах-өстөөх талааны көрдөрөр айымньылар сылдьаллар эбит диэн ымсыыран, дьоҥҥо-норуокка тиэрдэр санааны ылан, тарҕатарга кыһана сатаабытым. Онон бастаан кыратык көннөрөн эҥиннээн, оҕолорго анаан остуоруйа кинигэтин таһаарбытым. Онтон 1947 сыллаахха саха фольклорун хомуурунньуга тахсыбыта. Онно норуот саамай үчүгэй айымньылара диэбиппин киллэрэр этим. Мин бу үлэбин бэйэм астынабын – син тугу эрэ бастакы бириэмэҕэ оҥорбут курдукпун. “Саха остуоруйалара” иккиһэ нууччалыы тахсыбыта.
“САХАҔА ДЬОН КИҺИТЭ ДИЭН БААР”
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, нуучча суруйааччыларын ааҕар этим. Кыра да кэпсээннэрин, дневниктэрин ааҕарым. Дьэ, онно баар буолар эбит идея. Норуокка сырдыгы тарҕаппыт киһи диэн санаа онтон иҥмитэ. Онон, этэргит курдук, “сүдү улахан, элбэх өрүттээх талааны” айылҕа анаан-минээн “Мэ, бу” диэн биэрбитин мин билбэппин. Сахаҕа “дьон киһитэ” диэн тыл баар буолар. Дьоҥҥо үчүгэйи оҥорор, дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаах киһини “дьон киһитэ” дииллэр, туох даҕаны наҕараадалыыр курдук этэллэр.
Атын норуоттар култуураларын билэн-көрөн истэҕиҥ аайы, олус нуучча норуотун – кинилэр кинигэлэрэ, култууралара, тыйаатырдара, ускуустубаларын араас эгэлгэлэрэ туох да сүрдээх үчүгэй ээ барыта. Эйиэхэ оччотооҕу кэмҥэ тугуҥ да суох курдук арай: остуоруйаҥ да тахсыбатах курдук, кэпсээниҥ да, драмаҥ да суох курдук… Оо, дьэ, маны баар гыммыт киһи дуу диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Дьэ, онон ити араас жанрдарга киирэ сатаабыт быһыылаахпын. Олох, үйэ ирдэбилэ. Атын, былыргы үйэ буоллар, мин олоҥхоһут да буоларым биллибэт этэ.
Мин олоҥхолуурга, тылынан талаана суох буолуохтаахпын. Ити Башарин Кулаковскайы эппитин курдук, Кулаковскай дьэ олоҥхоһут буолуо этэ. Мин, бэркэ гыннаҕына, нэһилиэк суруксута буолуом эбитэ буолуо этэ – онтон атын суох. Онон үйэ уһугуннарыытыгар, революция уонна нуучча норуотун сабыдыалынан, ол көҕүлээн, бастаан суруйбутум мин. Бастакы кэпсээннэрим ити Чехов, Гоголь суруйууларын үтүктэн суруйар этим. Бу билигин биһиэхэ ордук наадалаах туох буолуой диэн өрүү саныырым. Норуоппут талаана бу көрүҥҥэ уһугуннарылла илик, бу манна киирдэххэ сөп буолсу диэн баран киирсэр быһыылаах этим. Сибилигин даҕаны ити арааһынай жанрдарга киирэбин: оҕо да гиэнигэр, холобур, драмаҕа, прозаҕа, хоһооҥҥо, музыкальнай формаларга – кантатаҕа, опера, балет либреттоларыгар, киинэ сценарийыгар, норуот философиятын, өйүн-санаатын тиэрдэ сатыырга, норуот материальнай култууратын көрдөрө-биллэрэ сатыырга…
“НОРУОККА БИЭРБЭТЭХ АЙЫМНЬЫЛАРЫМ БААЛЛАР”
Табыллыбыт дуу, табыллыбатах дуу, туттунан хаалбыт, норуокка биэрбэтэх айымньыларым бааллар. Холобур, ити “Күкүр Ууска” Түптүр Хара диэн баар. Түптүр Хараны мин үс оонньуулаах пьеса оҥорбутум. Ол гынан баран кимиэхэ даҕаны көрдөрбөтөҕүм, рукопиһынан билигин даҕаны сылдьар. Соҕотох уобараһын ылан, ити “Күкүр Ууска”…
Сорох дьону кытта пьеса суруйан баран көрдөрө иликпин. Астыммаппын, оччоҕо көрдөрбөппүн төрүт. Редакционнай, сыыйыы үлэтин, цензуратын бастаан бэйэм ыытабын. Ол кэннэ, сөп буолсу диэтэхпинэ, астынар дьоммор көрдөрөбүн. Онон мин айымньым бастаан утаа коллективнай айымньы курдук буолан тахсар этэ. Холорур, “Күкүр Ууһу” И.Н. Жирковка, Романовка, чэ үгүс киһиэхэ, Ойуунускайга көрдөрбүтүм. Онно кинилэр бэлиэтээһиннэрэ баар буолаллар, ону барытын учуоттаан, өһүргэммэккэ-хайаабакка иҥэрэн ыла сатаан, өйдүү сатаан… Ол иһин ити тупсан тахсар. Киһи киһиэхэ өй угара диэн туох да сүрдээх. Ону сэҥээрэр диэн алыс наадалаах, алыс туһалаах…
“СААМАЙ ТАБЫГАСТААХ ТИЭРДЭР КҮҮС – МУЗЕЙ ЭБИТ”
Нуучча оскуолатыгар нуучча учуутала үөрэппитэ. Нуучча учебнигынан үөрэммитим. Туох баар сырдыгым миэхэ нууччаттан кэлбитэ. Ол үөрэнэ сырыттахпына, политсыылынайдар бааллара, революционнай ырыаҕа эҥин үөрэтэллэр этэ. Ларионов диэн политсыылынай Чөркөөх оскуолатыгар библиотекатын бэлэхтээбит этэ. Ону ааҕан, мин кинигэҕэ, литэрэтиирэҕэ тардыллан барбытым. Онон миэхэ махтал санаа нуучча норуотугар эрдэттэн иитиллэн хаалбыт. Аан бастаан политсыылка историяҕа суолтатын 1934 сыллаахха суруйааччылар кэмпириэнсийэлэригэр эппитим. Суруйааччылар политическай сыылынайдар олохторун көрдөрөрбүт-сэһэргиирбит биһиги моральнай иэспит диэн дакылаат оҥорбутум. Ол тухары онон-манан кииртэлии сатаабытым нуучча дьонун көрдөрүүгэ пьесаларбар да, кэпсээннэрбэр да. Уонна форматын булбатаҕым. Онтон кэнники саамай табыгастаах, бары дьоҥҥо барытыгар – омук да буоллун, сахалыы да билбэт буоллун – тиэрдэр күүс музей эбит дии санаабытым.
Бу дьон суолтатын, нуучча норуотун үтүө сабыдыалын саамай үчүгэйдик бу көрдөрүүһү, бу пааматынньык буолууһу диэн өйбүн-санаабын биир дойдулаахтарбын кытта үллэстибиппэр, сөпкө гынаҕын диэн чөркөөхтөр аан бастаан ылыммыттара. Онон билигин интернациональнай доҕордоһуу дьон өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар тиийдин уонна революционнай тыыҥҥа ыччаты ииттин диэн тэриллибитэ. Онон ити үлэбин астына саныыбын, наадалаах дьыаланы таба тайанным…
Бэлэмнээтэ Сайыына Кларова,
2019 сыл.
Сүрүн хаартыска — news.ykt.ru